Санаа ситимэ: Ойуунускай ханнык айымньытын кэрэхсиигин?

Саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээбит бэйиэт, прозаик, драматург, сахалартан биир бастакы ­лингвист учуонай, уопсастыбаннай уонна ­судаарыстыбаннай диэйэтэл Платон Алексеевич ­Ойуунускай (Слепцов) 1893 сыллаахха ­сэтинньи 11 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Онон бүгүн улуу суруйааччыбыт төрөөбүтэ 130 сылын бэлиэ­тиибит.  Улуу Ойуунускай ханнык ­айымньытын ордук кэрэхсиигин? Бу айымньыны тоҕо сөбүлээтиҥ диэн уонна айымньы билиҥҥи биһиги олохпутугар туох-ханнык тоҕоостоох буолуоҕун төрөөбүт тылга сыһыаннаах улууспут олохтоохторуттан ыйыталастыбыт.

Валентина ТИЩЕНКО, Лөгөй орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала:

— П.А. Ойуунускай айымньылара, мин санаабар, бэлэмэ суох киһиэхэ ыарахаттар. «Улуу Кудаҥсаны» аахтаҕым, үөрэттэҕим аайы саҥаттан саҥаны арыйан иһэбин. Ырытыым дириҥээн иһэр. «Сөбүлүүбүн» диирбинээҕэр кэрэхсиибин диэхпин сөп. Ааҕар киһи ханнык баҕарар айымньыттан тоҕоостооҕу булан, бэйэтин кэмин кытта дьүөрэлии тутуон сөп. Айымньы ис хоһоонунан, сюжетынан эрэ буолбакка, таарыйар проблематынан хаһан баҕарар, ханна баҕарар тоҕоостоох (актуальнай) буолар. «Улуу Кудаҥса» кэнники ааҕыым кэннэ маннык толкуйга аҕалла: тойон киһи, билигин салайааччы, дириэктэр, баһылык да диэххэ, үөхсүүтээҕэр, хайҕалы кыайа истиэх­тээх, уйуох­таах эбит. Наһаа хайҕалга, сороҕор ньылаҥ­нааһыҥҥа, бэрт буолууга сылдьар киһи дьиҥнээҕи сатаан көрбөт буола, албынната бэйэтин билиниэн сөп.

Валентина АММОСОВА, Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуо­латыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээбитэ:

— 1932 сыллаахха Ялтаҕа сылдьан айбыт » Бырастыы» хоһоонун сөбүлүүбүн. Бэйиэт бу хоһоонугар күүрээннээх тыла-өһө, тэҥ кээмэйэ, рифмата, ритмэ ааҕааччыны абылыыр, ураты турукка киллэрэр. Таарыйа аҕыннахха, хоһооҥҥо сыһыана суох аҕабыт бу хоһоону истээт да сөбүлээбитэ, сөхпүтэ өйбөр хаалан хаал­быт. Ойуунускайы оҕоҕо, ыччакка аахтаран, кинини ытыктыыр, кини сүдү талааныгар сүгүрү­йэр иэйиини саҕыахха, улуу суруйааччы кэриэс хаалларбыт кэхтибэт кэрэкэ тыллара үйэлэри уҥуордаан, албан аатын ааттата туралларын итэҕэтиэххэ баара.

Туяра БОРИСОВА, Кэптэни бөһүөлэгин бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ:

— П.А. Ойуунускай «Көҥүл ырыата» хоһоонун ордук сөбүлүү истэбин. Сэбиэскэй былаас туругурарын туһугар суруллубут бэрт дириҥ ис хоһоон­ноох айымньы. Тыла-өһө да ураты хомоҕой, ол эрээри, киһи өйүгэр түргэнник киирэр. Билиҥҥи кэмҥэ улуу суру­йааччыбыт айымньыларын хас биирдии саха билиэхтээх, оҕолорго үөрэтиэхтээхпит, бу хоһоону эр дьон, уолат­тар ааҕалларыгар, үөрэтэллэригэр тоҕоостоох дии саныыбын.

Валентина СТРЕКАЛОВСКАЯ, Уһун Күөл орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала:

— П.А. Ойуунускай саха бастакы суруйааччылартан биирдэстэрэ, уопсас­тыбаннай диэйэтэл, тыл үөрэхтээҕэ. Кини айымньыларын киһи барыта сэргээн, тартаран ааҕар айымньылара. Аҥардас «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото аатырыаҕын ааты­рар. Мин «Кыһыл Ойуун» айымньытын сөбүлүүбүн. Инникини өтө көрүүтүн күүһэ киһини сөхтөрөр. Билигин даҕаны эргэ уонна саҥа, үтүө уонна мөкү күрэстэһиитэ, көҥүлгэ тардыһыы баар.

Мария Аргунова

Читайте дальше