Сыырдаах оскуолатыгар Ойуунускайга аналлаах тэрээһин сэргэхтик ааста

И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатыгар саха литературатын төрүттээччи, суруйааччы, саха судаарыстыбаннаһын тэрийсибит политическай деятель, лингвист-учуонай, наука салайааччыта, саханы саха дэппит Улуу киһибит Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах «Мин өлүөм – мин аатым ааттаныа» литературнай-музыкальнай монтаж тэрээһинэ олус сэргэхтик буолан ааста.

Көҕүлээччи-тэрийсээччи быһыытынан нэһилиэкпит «Эйэҕэс эбээлэр» түмсүүтэ (сал. А. Неустроева) уонна нэһилиэк библиотекатын үлэһитэ М. Иванова кыттыстылар.

Бу тэрээһиҥҥэ Улуу киһибит хоһоонноругар кырдьаҕас, орто, эдэр көлүөнэ дьон ырыа ыллаатылар. оскуола обургу үөрэнээччилэрэ хоһоон аахтылар. Нэһилиэк кырдьаҕастара, сыанаттан түспэт бэтэрээн ырыаһыттар – 83 сааһыгар үктэммит Елена Протопопова, Варвара Иванова, оскуолабыт туруу үлэһиттэрэ, талааннаах ырыаһыттар – технология учуутала Василий Андросов уонна харабылынан үлэлиир Андрей Васильев киэргэттилэр.

П.А. Ойуунускай хоһоонноро, ырыалара билигин да тыыннаахтар, чахчы да «Мин өлүөм – мин аатым ааттаныа» диэн кэриэс тыллара, норуотугар хаалларбыт айымньылара, үлэлэрэ өрүү ахтыллаллар, суруйуулара киэҥ эйгэҕэ күн бүгүн иһиллэллэр, бэчээккэ тохтоло суох тахсаллар.

Тэрээһиммитин кыттыбыт дьоммутугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга өйдөбүнньүк бэлэх, махтал сурук туттаран түмүктээтибит.

Ньургуяна Хорунова, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы

Читайте дальше