Тохсунньу – Таҥха Хаан ыйа. Өбүгэлэрбит кыһыҥҥы хараҥа, уһун түүннэргэ таҥха оонньууларын оонньооннор инникилэрин билгэлииллэрэ, таайа сатыыллара. Олохсуйбут үгэс курдук алаас алаас аайыттан ыҥырсаллар эбит. Ол сүтэ, умнулла сыһа-сыһа биһиги кэммитигэр диэри тийэн кэллэ. Саамай тарҕаммыт ньыма бүлүүһэ сүүрдүүтэ быһыылаах. Онон ааҕааччыларга маннык ыйытыыларынан Таҥха туһунан санааларын туоһуластым: 1. Таҥханы төһө сэҥээрэҕин? 2. Ордук тугунан сөбүлээн билгэлэнэҕин? 3. Тугу эмит таба эппитэ дуо?
Афанасий Константинов, Бороҕон олохтооҕо:
– Бэйэбин таҥханы сэҥээрээччилэр кэккэлэригэр туруорбаппын. Оҕо сылдьан көххө кыттыһан оонньоон көрбүтүм. Билигин тугунан даҕаны билгэлэммэппин. Таба этэрин итэҕэйиэххэ сөп дуу дии саныыбын. Биирдэ кылааспытыгар бүлүүһэҕэ күлүк көрбүппүт. Онно миэхэ сүүрэн эрэр киһи күлүгэ көстүбүтэ. Ол кэнниттэн орто сүһүөх кылаастан чэпчэки атлетиканан умсугуйан дьарыктана сылдьыбыттааҕым.
Алексей Пестряков, Уус Күөлүн олохтооҕо:
– Сэҥээрбэппин, итэҕэйбэппин диэҕи табыллыбат. Өбүгэлэрбит былыргыттан оонньоон, билгэлэнэн кэллэхтэрэ дии. Сорохторго инникилэрин сөпкө этэр да быһыылаах. Оҕо сылдьан бүлүүһэ сүүрдүүтүнэн сүрдээҕин дьарыктанар этибит. Мин түгэммэр, төһө да биирдэ да сүүрбэтэҕин иннигэр, киһи этэ-сааһа аһыллар, куттанар этэ. Ол аата туох эрэ баар буоллаҕа.
Биһиги оонньуур кэммитигэр билэрбит эрэ бүлүүһэ сүүрдүүтэ буоллаҕа. Ордук кыргыттар үлүһүйэн дьарыктаналлар этэ. Дьэ, кимиэхэ эрэ инньэ диэбит үһү диэн кэпсээн бөҕө буолар этэ. Оттон миэхэ бүлүүһэ сүүрбэт буолан, инникибин тугу да эппэтэҕэ.
Лиана Пантилова, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ коллеһын устудьуона:
– Таҥханы соччо сэҥээрбэппин диэххэ дуу. Ол эрээри, туох эрэ баарыгар итэҕэйэбин. Кыра сылдьаммын эдьиийим дьүөгэлэринээн күлүк көрөллөрүгэр аттыларыгар олорон интэриэһиргээн көрбүтүм эрээри кыттыспатаҕым. Араас кэпсээннэри истэн, ааҕан кыратык толлор, куттанар курдукпун.
Таҥха кэмигэр билгэлэнэр ньыма араас. Мин биирдэ даҕаны билгэлэнэ иликпин.
Евгений Васильев, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Таҥхалаабатаҕым 30 сыл буолла. Билигин сэҥээрбэт да буоллум. Ол эдэр эрдэхпинэ бииргэ таҥхаласпыт доҕотторум билигин бу сиргэ суохтар. Бүлүүһэ сүүрдэн инникибитин билгэлэнэн мустубут дьиэбит эмиэ суох, көтүллүбүтэ. Онон үчүгэй өйдөбүлүм суох.
Арай биирдэ. Устудьуоннуу киирээри сылдьан таҥхалаан бүлүүһэ сүүрдэн биир биллэр киһини ыҥыран ханна олоруохтаахпын ыйыппыппар: ”Ыыспаҕа”, – диэбитэ. Оччолорго ити тыл суолтатын да билбэт этим. Оттон мин устудьуоннуур кэмнэрим 90-с дьалхааннаах кэмнэргэ ааспыттара. Ол кэмҥэ чугас улуустан сылдьар эбиккин диэн уопсайга олордубатахтара. Онон ханна түбэһиэх олорбутум. Дьиэлэр подъезтарыгар да хонор түгэннэр бааллара. Ону эппит эбит дуу дии саныыбын.
Афанасий Сектяев