Санаа ситимэ: хаһаайыстыбалар, эккитин ханна батараҕыт?

Кыстык кэлэн аспытын-үөлбүтүн булунар, хаһаанар кэммит. Улууспутугар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччылар хас сүөһүлээхтэрин, үлэлэригэр туох сонуннаахтарын, төһө идэһэни туттубуттарын, эттэрин хаска сыана­лаан ханна батаралларын туоһуластыбыт.

Николай ХОМПОДОЕВ, ”Танда” ТХПК салайааччыта, Байаҕантай нэһилиэгин олохтооҕо:

– Быйыл 250 төбө сүөһүнү кыстатабыт. Бу сайыҥҥыттан аахтахха, 90 төбө сүөһүнү идэһэ гынныбыт. Алта уон сүөһүнү бэйэтинэн атыылаатыбыт. Эппитин 650 солк. сыаналаан атыылаатыбыт, сыл ахсын буо­ларын курдук дуогабарынан улуус оҕо тэрилтэлэрин, оскуолаларын хаач­чыйабыт. “Танда” ТХПК-ҕа 25 сыл устата үлэ­лээтим, инникитин саҥа хотону, гараж, астыыр сыаҕы тутар былааннаахпыт, сиргэ баһаам үлэ күүтэр.

Ариан ЖИРКОВ, урбаанньыт ГКФХ, Өлтөх нэһилиэгин олохтооҕо:

— Быйыл 52 сылгыны, 47 биэни кыстатабын. Бу дьылга төрүөх олох мөлтөх. Быйыл 17 идэһэни тутуннубут. Убаһа этин 700 солкуобайга, ис кэмпилиэгин 10 тыһыынчаҕа сыаналаатыбыт. Куруук сакаастаан атыылаһар кили­йиэннэрдээхпин.

Иван БУРНАШЕВ, бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, Хомустаах бөһүөлэгин олохтооҕо:

— Быйыл төбөлөөҕүнэн 140 сүөһүнү кыстатар былааннаахпын. Эккэ диэн 30-тан тахса сүөһүнү тутуннум. Атыыланар эт киилэтин ортотунан 700 солкуобайга туттарар санаалаахпын. Былырыын улуус­тааҕы “Идэһэ” дьаар­баҥкаҕа 600-650 сол­куобайга атыылаабытым. Быйыл отунан хаач­чыллыы үчүгэй. Хаһаайыс­тыбабар буойуна туттан бүтэрдим. Көҥүлбүн ылаары сылдьабын. Буойунабын эһиил, оҥорон таһаарар сыаҕы тутуннахпына, үлэлэтэр былааннаахпын. Маны сэргэ, этинэн дьарыктанар сыалтан субай сүөһүнү иитэр туспа хотон туттар санаалаахпын.

Иван ЗАХАРОВ, бааһынай хаһаайыстыба сала­йааччыта, Суотту нэһилиэгин олохтооҕо:

– Мин хаһаайыстыбам кыра, онон быйыл уон сүөһүнү кыстатабын. Өҥ сайын буолан, от элбэх. Оттообут 22 туонна отум холкутук тиийиэ дии саныыбын. Үүтү алтынньы түмүгүнэн, 7 туоннаны туттардыбыт. Ол аата түөрт ынахпар иккилии туонна курдук тиксэр. Ынахтарым симменталь элита кылаастаах боруодалар. Ол иһин элбэх үүтү биэрэллэр. Эт туттарыытыгар үлэлэспэппин, бэйэм хайдах сатанарынан батарабын.

Гаврил БУРНАШЕВ, бааһынай хаһаайыстыба сала­йааччыта, Курбуһах нэһилиэгин олохтооҕо:

– Быйылгы кыстыкка уопсайа 43 төбө сүөһүнү кыстатаа­ры туруорабын. Өҥ сайын буолан, кыстыгы туо­руур оттоох­пун, 60-тан тахса туон­наны оттоотум. Эт туттарыахпын миигин соҕотуопка ирдэбилэ хааччахтыыр. Ол иһин 15 туонна үүтү туттарбыт харчыбын эрэ ылабын. Тэрилтэҕэ буойунаҕа эрэ өлөрүллүбүт сүөһү этин туттарыах­тааххын. Оттон биһиэ­хэ чугаһынан буойуна диэн суох. Онон идэһэм этин бэйэм хайдах табылларынан батарабын.

Мирослав ЧЕРКАШИН, ТХПК салайааччыта, Суотту нэһилиэгин олох­тооҕо:

— Икки хотонунан Саһылыкааҥҥа 80-тан тахса, Хоноҕорго 88 ыанар ынах, ону таһынан борооскулар кыс­тыыллар. Оппут баар. Үлэһит тиийбэт кыһалҕата турар. Быйыл 15 тиҥэһэ сүөһүнү идэһэлээтибит. Эппитин барытын маннаа­ҕы «Туйма» ТХПК-ҕа туттарабыт.

Мария АРГУНОВА, Афанасий КОПЫРИН

Читайте дальше