Күн уһаан, халлаан ылааҥытыйан сааскы күн-дьыл буолан эрэр. Улахан сүөһү күнүс чэччийиэх да курдук буолбут. Ону кытта тэҥҥэ, сүөһүлээх дьон санаалара көтөҕүллэн эрдэҕэ. Кыстык саамай быһаарыылаах кэмнэрин мүччү түһэн, күөххэ диэри тиийэр отторун ааҕынан олордохторо. Сорохторго ынах да төрөөн эрдэҕэ. Дьэ, онон кыстык туһунан туоһулаһыахха:
Валерий Голиков, Найахы нэһилиэгин олохтооҕо:
– Өҥ сайын кэлэн ааспыта биллэр. Быйыл кыстык бэрткэ ааһан эрэр. Сүөһү туруга этэҥҥэ. Биһиги быйылгы кыстыкка 16 сүөһүнү кыстатан туруорабыт. Бу күннэргэ ынахтар төрөөн саҕалыахтара, алта ынах чугаһаан турар. Онон сотору үүт-ас дэлэйиэ. От кыстыгы холкутук туоруур баар.
Афанасий Бурцев, Хоро нэһилиэгин олохтооҕо:
– Быйылгы кыстыкка 20 сүөһүнү кыстатан туруорабын. Ону тэҥэ дьиэ тас үлэтигэр сылдьар оҕустаахпын. Сүөһү ииттэр киһи айылҕаттан бэриһиннэрбитинэн көрөн кыстыкка киллэрэр буоллаҕа. Ааспыт сайын абыраата, быйаҥ бөҕөтүн бэрсибитэ. Ол иһин сүөһүбүн көҕүрэппэккэ кыстатан туруорабын. Оттоох буоламмын кыһыны этэҥҥэ туоратан эрэбин. Онон күөххэ диэри тиийэргэ эрэл улахан. Биһиги ынахтарбыт хойут төрөөччүлэр. Биир эмит кулун тутарга төрүүрэ дуу, суоҕа дуу?
Руслан Бурцев, Бэрт Ууһун нэһилиэгин олохтооҕо:
– Сүүрбэччэ сыл бааһынай хаһаайыстыба быһыытынан үлэлии сылдьабын. Быйылгы кыстыкка 40-тан тахса сүөһүнү туруорабын. Быйыл кыстык хаһааҥҥытааҕар да этэҥҥэ. Былырыын өҥ сайын буолан абыраабыта. Онон от балачча оттоммута. Ол иһин аһылык да баар. Сүөһү туруга да үчүгэй. Билиҥҥитэ ынах төрүү илик, кулун тутартан төрөөччүлэр. Кыстыгы хаһааҥҥытааҕар да кыһалҕата суох туораан эрэбин диэн үөрэбин.
Владимир Тордуянов, Курбуһах нэһилиэгин олохтооҕо:
– Сүөһүлээх дьон бары быйылгы кыстыгы үчүгэй дииллэрэ буолуо. Ол былырыыҥҥы өҥ сайын үтүөтэ буоллаҕа. Биһиги быйыл биэс сүөһүнү кыстатан туруорабыт. Оппут күөххэ диэри этэҥҥэ тиийэр баар. Биир ынах төрөөн турар, игирэ ньирэйдэри төрөппүтэ. Онон сүөһүбүт ахсаана иккинэн эмискэ эбиллэн үөрүүбүт улахан. Сотору аны биир ынах төрүөҕэ.
Мария Васильева, Бээрийэ нэһилиэгин олохтооҕо:
– Сүөһүбүт ахсаана элбэх, 23 кыстатан туруорабыт. Онон от төһө да балачча баарын үрдүнэн, эбии уотурба сиэтэбит. Быйыл ынах төрөөһүнэ хойутаата. Арааһа кулун тутар ортотуттан буолсу быһыылаах. Былырыын баччаларга хайыы үйэ алта ынах төрөөн турара. От, уотурба баар, онон кыстык этэҥҥэ ааһан эрэр диэххэ сөп.
Афанасий Сектяев