Коллекцияҕар туох баарый?

Кулун тутар 27 күнүгэр «Умсулҕан» коллекционердар түмсүүлэрэ (сал. Станислав Луковцев) төрүттэммитэ үбүлүөйдээх 30 сылын чэрчитинэн уонна Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылыгар оҕолор ортолоругар «Мин дьиэ кэргэним оонньуурдара» диэн улуустааҕы коллекционердар быыстапка-күрэстэригэр 21 оҕо кытынна. Эдэр коллекцио­нердар 70-80 сыллартан саҕалаан төрөппүттэрэ уонна бэйэлэрин оонньуурдарын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрдүлэр. Эдэр коллекционердар дьарыктарын туһунан тугу кэпсииллэрин истиэххэ.

Виолетта ВАСИЛЬЕВА, Мындааба орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Мин киндер оонньуурдарын оҕо саадыгар сылдьар эрдэхпиттэн мунньан саҕалаабытым. Киндер 90-с сылларга Россияҕа үөдү­йүө­ҕүттэн саҕаламмыт оонньуурдар бааллар. Уопсайа 636 оонньуур баар. Олус умсугуйан туран мунньа­бын. Көрө сылдьарга, доҕотторбор көр­дөрөргө интэриэһинэй.

Уйгу, Урсун Атласовтар, Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын 2-с, 4-с кылааһын үөрэнээччилэрэ:

– Быыстапкаҕа кыттарбытыгар эбэбит Мария Дмитриевна бэйэтин оонньуурдарыттан саҕалаан төрөппүттэрбит оонньообут оонньуурдарын булан биэрдэ. Саамай былыргы оонньуурбут 1970 сыл саҕаланыыта тахсыбыт этирик (та­ҥас сууйар дуоска), өтүүк, тимир орон, сыыҥкабай оонньуур иһит баар. 80-с сылларга оонньоммут кубиктар, иһит-хомуос уонна олус элбэх оҕо кинигэтэ баар. Таайбыт Иннокентий Крылов НЛО туһунан матырыйааллары мунньар, ыалбыт Станислав Луковцев эмиэ улахан коллекционер. Ол иһин коллекция­ны интэриэһиргии улааппыппыт.

Милана АТЛАСОВА, Тулуна орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Дьиэ кэргэммит оонньуурдарын мунньан-тараан аҕаллым. Ийэм, эдьиийим, убайым оонньоо­бут оонньуурдара бааллар. Саамай урукку оонньуурум 1974 с. тахсыбыт иистэнэр массыына буолар. Өссө тимир конструктор баар. 70-80 сылларга үөдүйбүт пластмасс оонньуурдар – кыыллар бааллар. Бу оонньуурдарынан мин оонньообутум. Коллекциябын кэпсээри саҥара-иҥэрэ үөрэнэрим эмиэ туһа­лаах, интэриэһинэй.

Спартак ПОПОВ, Бэйдиҥэ орто оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Киндер оонньуурдарын мунньабын. Бастакы оонньууру эбэм, эһэм биэрбиттэрэ. Эһэм Иннокентий Говоров коллекциябар полка­лаах чымадаан оҥорбута. Коллекция­бын бэрийэрбин, саа­һылаан уурар­бын сөбүлүүбүн, оонньуубун даҕаны. Атын дьон коллек­циятын көрөр эмиэ интэриэһинэй, кол­лекциябын сэҥээрдэхтэринэ эмиэ үөрэбин.

Петр БУРНАШЕВ, Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын 4 «в» кылааһын үөрэнээччитэ:

– Коллекциябар 127 биридимиэт баар. Олортон саамай сыаналыырым – оҕо музыкальнай арфата. Бу 1970 сыллаахха оҥоһуллубут арфа кэмпилиэгэр нуоталара кытта баар, билигин да үлэлиир. Ити сылга оҥоһуллубут сымнаҕас оонньуурдар, «автокран» массыына, 1980 с. оҥоһуллубут куукула иһиттэрэ, саллааттар, кубиктар бааллар. Коллекциябын хаҥатарбар ийэм көмөлөһөр.

Мария Аргунова

Читайте дальше