Бороҕоҥҥо Хомсомуол күнүнэн бэртээхэй биэчэр буолла

«Тойон Мүрү» КД култуурунай-маассабай отделын исписэлиистэрин тэрийиитинэн, улуустааҕы киин бибилэтиэкэ, «Умсулҕан» кэллиэксийэһиттэр түмсүүлэрэ (сал. С. Луковцев), «Күндүүнэ» ансаамбыл (сал. А. Мигалкина) кыттыыларынан алта уордьаннаах Ленинскэй хомсомуол 105 сылыгар анаммыт биэчэр буолан ааста.

Биэчэргэ кэлбит аҕа саастаах дьон дыбарыаска киирээт, аллараа этээс хомсомуол күнүгэр анаан тупсаҕай гына киэргэтиллибитин көрөн, тута сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ, быыстапкалары сыныйан көрдүлэр, хаартыскаҕа түстүлэр.

КД исписэлииһэ, хомсомуол актыыбынай чилиэнэ Валентина Варламова уонна Герой Егоров аатынан сопхуос комскомун сэкирэтээринэн үлэлээбит Иван Тордуянов биэчэри иилээн-саҕалаан ыыттылар. 1970-нус сыллар саҕаланыыларыгар хомсомуол райкомун тэрийэр отделыгар үлэлээбит, оройуон хомсомуолун историятыгар дипломнай үлэтин көмүскээбит Василий Парников, райкомол сэкирэтээрэ Елена Сыроватская, сибээс узелын МСКТ сэкирэтээрэ Галина Ноговицына, 1980-1985 сс. Саха АССР Верховнай Сэбиэтин депутаата Варвара Бочкарева эҕэрдэ тылы эттилэр. «Далбар Хотун», «Күндүүнэ» ансаамбыллар хомсомуол кэминээҕи ырыалары ыллаатылар. Киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ – Мария Заболоцкая хомсомуол историятыгар биктэриинэ, Марианна Борисова «Эдэр сааспыт киинэлэрэ» телебиктэриинэ (таҥыытын КД исписэлииһэ Аян Васильев оҥорбут) ыытаннар ааспыты санаттылар. Биэчэргэ кэлбит дьон хомсомуол саастарын кэмин ахтыһан, эдэр саас ырыаларын ыллаан, үҥкүүлээн тарҕастылар.

Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп. 

Читайте дальше