Мүрү нэһилиэгин сайыннарыы маастар былаана оҥоһуллар

Мүрү нэһилиэгэр ааспыт нэдиэлэҕэ 48 квартиралаах саҥа дьиэ үлэҕэ киирдэ. Онно нэһилиэк баһылыга Прокопий Румянцев бу бырагыраама сүрдээх тэтимнээхтик үлэлээн быйыл өссө түөрт дьиэ үлэҕэ киириэхтээҕин бэлиэтээбитэ. Ити курдук салгыы үлэлэһэн 55 хаарбах дьиэттэн 1000-тан тахса киһи саҥа дьиэҕэ көһүөхтээх. Бырагыраама 2030 сылга диэри үлэлииринэн, онуоха диэри өссө сэттэ саҥа дьиэ тутуллан, аны алта сылынан Мүрү нэһилиэгэр биир да хаарбах дьиэ суох буолуохтаах.

Ити күн Дьокуускайтан СӨ Баһылыгын иһинэн Градостроительствоҕа уонна архитектураҕа управлениеттан, “ГРАДО” ХЭТ тэрилтэттэн Ирина Алексеева салайааччылаах делегация кэлэ сырытта. Ол туһунан Прокопий Федотович билиһиннэрэр:

– Рабочай бөлөх, бастатан туран, федеральнай программанан тутулла турар “Мүрү кытыла” объекка үлэ хаамыытын билистэ. Онуоха графиктан хаалыы суоҕун, үлэ тэтимнээхтик бара турарын бэлиэтээтилэр.

Иккиһинэн, рабочай бөлөх оҥоһулла сылдьар стратегическай сайдыы маастар-былаанын чэрчитинэн Мүрү нэһилиэгин кэрийэн көрдө. Бу былаан нэһилиэкпит 10 сыллааҕы сайдыытын түстүүр улахан суолталаах докумуон буоларынан, сиһилии ырытыыны ирдиир. Былаан оҥоһулларыгар ханнык федеральнай, региональнай программаларга кыттан тугу оҥоруохпутун, саҥардыахпытын, тутуохпутун сөбүн быһаарыахтаахпыт. Онуоха, бастатан туран, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү программанан тутуллар саҥа дьиэлэри өссө ханан тутуохпутун сөбүн көрдүбүт, суол инфраструктуратын оҥорууга урут бастаан Ленин аатынан киин уулуссабытын , хаар уута тохтоло суох барарын үөрэттибит. Ону таһынан билигин бырайыага оҥоһулла сылдьар киин болуоссаппытын көрдүбүт. Быйыл докумуонун үлэтин ситэрэн, экспертизатын ааһан эһиил федеральнай куонкуруска киллэриэхпит, оччоҕо 2026 сылтан Бороҕон киин болуоссатын саҥардыыга үлэ саҕаланыаҕа. Пааркабытын саҥардыыга үлэ эмиэ салгыы ыытыллар, быйыл “Формирование комфортной городской среды” региональнай куонкуруска кыттыахпыт диэн быһаардыбыт.

Читайте дальше