Мүрү нэһилиэгэ – улууспут сирэйэ. Бороҕоҥҥо үктэммит киһи тута улуус сайдыытын, олоҕун-дьаһаҕын сыаналыыр, суолбут-ииспит мөлтөҕүн, бадарааммыт куурбатын туһунан үгүс кэпсэтиини таһаарабыт. Мүрү нэһилиэгэр быйыл Инфраструктураны сайыннарыы сыла биллэриллибитэ. Онон киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллара былааннаммытын туһунан нэһилиэк баһылыга Прокопий Румянцев кэпсээтэ.
Көрөрбүт-истэрбит курдук ыытыллыахтаах үлэ хара баһаам, үп кырыымчык. Онуоха улуус баһылыга Василий Аммосов уонна Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцев бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ. Онно этиллэринэн, улуус бүддьүөтүттэн Мүрү нэһилиэгэр сыллата 10 мөлүйүөн солкуобай үп көрүллүөҕэ. Быйыл 5 мөл. солкуобай үп нэһилиэк иһинээҕи суоллары өрөмүөннүүргэ уонна 5 мөл. солкуобай анал техника атыылаһарга көрүллүөҕэ. Оттон эһиилгиттэн бу суума толору Мүрү нэһилиэгин иһинээҕи суоллары өрөмүөннүүргэ, тупсарыыга туһуланыаҕа.
АСФАЛЬТ
Сүрүн сорук – Ленин аатынан киин уулуссаны асфаллааһын. Бу улахан үлэ бырайыактыыр-сметалыыр үлэтин экспертизата бара турар. Ол кэнниттэн СӨ транспорка уонна суол хаһаайыстыбатыгар министерствотыгар сайаапка ыытыллар. Барыллаан суоттааһынынан, арҕаа заправкаттан Бороҕон түгэҕэр диэри киин уулуссаны асфаллыыр үлэ 138 мөл. солкуобайга тахсан турар. Биллэн турар, бу үбү тута көрөр ыарахан. Онон асфаллааһын үлэтэ үс сылга араарыллан турар.
Куонкуруһу ааһар түгэнигэр, быйыл Стрекаловскай аатынан уулуссаттан Лермонтов аатынан уулуссаҕа диэри асфалланара былааннанар. Күһүн бу үлэ түмүктэниэхтээх. Оттон куонкуруһу ааспат түгэнигэр, илин Бурцев аатынан уулуссаны толору оҥорор соруктар тураллар. Онон быйыл иккиттэн биирэ кыаллыахтаах.
Кэлэр сылга заправкаттан Стрекаловскай аатынан уулуссаҕа диэри оҥоһуллуоҕа. Онтон эһиил Юннаттар уулуссаларыттан Бороҕон илин өттө асфалланыаҕа. Быйыл хайаатар да асфаллаах киин уулусса дьаамаларын бүөлүүр үлэ ыытыллыаҕа. Суол кытыытынан уу барар сирин табыгастаах бырайыага эмиэ толкуйдана сылдьар.
ЩЕБЕНКА БҮРҮӨҺҮН
Маны таһынан Восточнай, Маяк переулоктар, 40 лет Победы, Аржаков аатынан уулусса илин өттө, Дальняя, Энергетиктар, Октябрьскай, Борогонскай, Мындаабаҕа Набережнай уулуссалар щебенка кутуллан оҥоһуллуохтара.
ППМИ
Алданскай аатынан уулуссаны өрөмүөннүүргэ олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырайыактар куонкурустарыгар кыайыылаах тахсан, быйыл бу суол уонна уулуссатын сырдатыыта тимир тирэхтэринэн толору оҥоһуллуохтаах.
УУЛУССАНЫ СЫРДАТЫЫ
Барашков, Сивцев аатынан уулуссаҕа 41 сырдатар лаампа мас тирэххэ туруоруллуохтара. Алданскай, Тарскай, Чкалов аатынан, Октябрьскай уулуссалары сырдатыы 85 тимир тирэххэ оҥоһуллуоҕа.
ТРОТУАР
Мүрү 2 №-дээх орто оскуолатыттан саҕалаан Олоҥхо дьиэтинэн, “Мүрүчээнэ” оҕо саадынан Лонгинов уулуссатыгар диэри тротуары ууруу үлэтэ үөрэтилиннэ уонна бу үлэ ыытыллыаҕа.
СУОЛ ТОХТОБУЛЛАРА
Суол бэлиэлэринэн хааччыллыы толору баар. Дьон сылдьар сүрүн социальнай эбийиэктэригэр массыына тохтоон турар сирэ (парковка) оҥоһуллуоҕа. Автобуска эбии алта тохтобул тутуллара былааннанар.
Манна даҕатан эттэххэ, нэһилиэк иһигэр сүүрүөхтээх автобус лицензиятын ыллылар. Салгыы аны техническэй көрүүтүн Дьокуускай куоракка эрэ барар кыахтаах. Онон паром сырыыта саҕаланнаҕына, онно киирэн, автобус техническэй туругун көрдөрүөхтэрэ. Оччоҕо мантан сайын автобуспут дьэ сүүрэр кыахтанар.
Улууспут киинэ сайдыытыгар киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллаары турарыттан олохтоохтор үөрэбит. Бу курдук биир ситимнээх үлэ ыытыллан, сайдыыбыт туһугар биир сомоҕо буолуохха.
Ольга Шепелева