Алтынньы 29 күнүгэр алта уордьаннаах Ленинскэй хомсомуол төрүттэммитэ 105 сыла туолар. Ыччат тэрилтэтэ тэриллибит күнүттэн ыла ыччаты коммунизм тыыныгар иитиигэ, саҥа сэбиэскэй олоҕу тутууга, Ийэ дойду көмүскэлигэр, дойду сайдыытыгар производство бары салааларыгар төһүү күүс буолбута. Хомсомуол дойду историятын быстыспат сорҕото буолар. Кини үтүөтэ умнуллубат. Бу бэлиэ түгэнинэн бэйэм көлүөнэм бастыҥ ыччаттарын, комскомнар диэн быһаччы убаастабыллаахтык ааттанар оройуон сопхуостарын хомсомуол тэрилтэлэрин салайбыт дьон ахтыытын ааҕааччылар билиилэригэр таһаарабын.
Марфа Бурнашева, СӨ муниципальнай сулууспатын бэтэрээнэ, Курбуһах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо:
– Хомсомуол мин олохпор оруола улахан. Хомсомуолга үлэлээн элбэххэ үөрэммитим, көхтөөх, араас сонун идеялардаах, инициативалаах ыччаты, сэбиэскэй-партийнай үлэһиттэри кытта алтыһан, салайар үлэ ньыматыгар, сатабылыгар үөрэммитим. Эдэр сааһым ол кэрдиис кэмин өрүү истиҥник санаан ахтабын. “Сардаҥа” сопхуоска комском сэкирэтээринэн үлэлиир кэммэр Улуу Кыайыы 40 сылын үлэҕэ өрө көтөҕүллэн бэлиэтээбиппит. Бу бэлиэ даатаҕа анаан сопхуос хомсомуол кэмитиэтин көҕүлээһининэн “Майаҕас – Чараҥ – Сыырдаах – Окоемовка – Уус-Күөлэ – Балаҕаннаах” маршрутунан айанныыр 12 киһилээх “Хаар десана” тэриллибитэ. Нэһилиэктэргэ сэрии бэтэрээннэрин кытта көрсүһүүлэр, ахтыы киэһэлэрэ, өлбүт буойуннар пааматынньыктарыгар гирлянда ууруута олохтоох ыччат кыттыылаах буолбута. Бу айан кыттыылаахтара уонна миэстэҕэ сыахтааҕы хомсомуол тэрилтэлэрэ Улуу Кыайыы суолтатын өйдөтүү, үйэтитии үлэтигэр ис дууһаларыттан кыттыбыттара. Улуу Кыайыы 40 сылыгар аналлаах оройуон үөрүүлээх мунньаҕар “Сардаҥа” сопхуос хомсомуол тэрилтэтэ бастакы миэстэни ылан, оройуон хомсомуолун тэрилтэтин Знамятын тутан киирэн Президиумҥа олорор чиэскэ тиксибиппит. Бу ситиһии сопхуос салалтатын өйөбүлүнэн кэлбитэ. Ити сылларга сопхуос дириэктэрдэринэн Н.Г. Пухов, М.Д. Моттуев, партком сэкирэтээрдэринэн В.Г. Нестеров, В.И. Данилов, профком бэрэссэдээтэлинэн П.Н. Иванов, спортинструкторынан Илья Орлов үлэлээбиттэрэ. Оччолорго сопхуос салалтата үлэҕэ-хамнаска ыччакка тирэҕирэрэ, үгүс саҕалааһыннарбытын өйүүрэ. Ити кэмҥэ бастыҥ ыччат, эдэр специалист, сопхуос кылаабынай бэтэринээрэ Ирина Аммосова Ленинскэй хомсомуол XX сийиэһин дэлэгээтинэн талыллан, Москваҕа сийиэскэ кыттан кэлиитэ ыччакка үтүө холобур буолбута, үлэҕэ өрө күүрдүбүтэ. Өрүү ыччат буолбаккын, кэм түргэнник ааһар. Билиҥҥи ыччакка үөрэҕи, үлэни баһылааҥ, дойдуга бэриниилээх буолуҥ диибин.
Дмитрий Иванов, үлэ бэтэрээнэ, Дүпсүн нэһилиэгин олохтооҕо:
– Өнөр, Дүпсүн оскуолаларыгар үөрэнэр кэммэр хомсомуолга өй-санаа өттүнэн иитии оскуолатын ааспытым. Хомсомуол – мин суолдьут сулуһум диэн киэн тутта этэбин. Устаап тугу этэрин тутуһан хомсомуол сорудаҕынан оскуоланы бүтэрээт Герой Егоров аатынан сопхуоска хомсомуол кэмитиэтин сэкирэтээринэн быыбарданан, түөрт сылтан ордук кэмҥэ тигинэччи эдэрдии эрчиминэн үлэлээбитим. Онтон үүнэн-сайдан Бээрийэ, Дүпсүн олохтоох сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн, Өнөр нэһилиэгин баһылыгынан, оскуола дириэктэринэн, учууталынан үлэлээбитим. Салайар үлэҕэ бастакы үөрэҕи ааспыт кыһабынан хомсомуолга үлэбин ааттыыбын. Сопхуос хомсомуоллаах ыччата үлэҕэ өрүү инники күөҥҥэ сылдьара. Майаҕаска Дмитрий Курилкин салайар бороон көрөр звенота “ЫБСЛКС 70 сыла” ааты сүкпүтэ. Тандаҕа Михаил Готовцев салайар “Мечта” ыччат-комсомольскай фермата өрөспүүбүлүкэҕэ өрүү инники күөҥҥэ сылдьара, үүтү ыаһыҥҥа бастыҥ үлэ холобурунан буолара. Михаил Готовцев Үлэ Албан аата уордьан толору кавалера буолбута, ферма групкомсора Варвара Бочкарева Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутаата буолбута. Бээрийэттэн учуутал Антон Васильев “Норуоттар доҕордоһуулара” уордьанынан, отчуттар звеноларын салайааччыта Иннокентий Васильев Үлэ Албан аатын III-с истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта. Үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэрин иһин сопхуос үгүс ыччата хомсомуол Киин Кэмитиэтин бэлиэлэринэн бэлиэтэммитэ. Үлэм сыанабылынан хомсомуол уобаластааҕы XXIX конференциятыгар дэлэгээтинэн талыллан кыттыыны ылбытым, хомсомуол үгүс наҕараадаларынан бэлиэтэммитим.
Марфа Новикова (Копырина), СӨ бэчээтин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, “Кыым” хаһыат рекламаҕа салаатын үлэһитэ:
– Партизан Заболоцкай аатынан сопхуоска комсомольскай тэрилтэҕэ үлэлээбит сылларым олохпор умнуллубат, сүппэт-оспот үтүө өйдөбүл буолаллар. Кэптэни, Тулуна, Баатаҕай, Уһун Күөл, Хомустаах, Даалы комсомолецтара мустан биир тэрилтэ буолан күүрээннээх үлэ, олох күөстүү оргуйара. Сопхуос отделениеларыгар көхтөөх субуотунньуктары тэрийэрбит, араас кэнсиэртэри, бэстибээллэри бэйэбит толкуйдаан ыытарбыт. Өрөбүл буолла диэн баран ыччаттар тохтоон хаалбаттар этэ. Бу сылларга Кэптэнигэ успуорт саалата тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Тутууга хомсомуоллар, үлэлиир ыччат үөрэ-көтө субуотунньуктуурбут. Сааланы таһынан стадиоҥҥа тупсарыы үлэтэ барбыта, сүүрэр суол оҥоһуллубута, саҥа инбэнтээр кэлбитэ. Ыччат үлэ кэнниттэн успуордунан дьарыктанарыгар усулуобуйа оҥоһуллубута. Ол уопсай үлэ хаамыытын лаппа тупсарбыта, ыччат көҕө уһуктубута. Бииргэ түмсэн үлэлиирбитин, сынньанарбытын билигин долгуйа ахтабын. Төһө да сааһырдарбыт эдэр сааһым доҕотторо куруук үөрэ көрсөбүт, хомсомуол биһигини билиһиннэрбитэ диэн махталлаахпын.
Любовь Сивцева (Ушницкая), СӨ хааччыйыы эйгэтин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, Мүрү, Найахы, Өспөх нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо:
– Хомсомуолга эдэр сааспыттан элбэх ыччаты кытта үлэлээбит буолан, үлэҕэ сыстаҕас, эппиэтинэстээх, болҕомтолоох буоларга үөрэммитим, салгыы сайдан үлэһит буоларбар үлэ, олох оскуолатын хомсомуолга ааспытым диэн киэн тутта этэбин. Мин “Дүпсүн” сопхуоска комском сэкирэтээринэн үлэлиир сылларбар сопхуос үс отделениелааҕа, икки учаастактааҕа. Барыта 200-тэн тахса хомсомуол чилиэннээҕэ. Ыччат олус көхтөөх, түмсүүлээх этэ. Нэһилиэнньэҕэ ыытыллар тэрээһиннэргэ уонна сопхуос уопсай үлэтигэр актыыбынайдык кыттара. Отделение аайы ыччат-комсомольскай фермалар, звенолар бааллара. Бастыҥ производственниктар өрүү холобурга сылдьаллара, маяк сулус буолаллара, үлэҕэ көҕүлүүллэрэ. Бары уопсай былаан туһугар турунан үлэлиирбит. Итэҕэһи-быһаҕаһы быһаарсан, туоратар дьаһаллары ылынан иһэрбит. Сүрүннээн сүөһү иитиитинэн дьарыктанар сопхуос үлэтэ кыһыннары, сайыннары тохтообокко барара. Уопсастыбаннай сүөһү аһын бэлэмэ, хотон үрдүттэн хаар түһэриитэ, хотон сыбааһына, бырааһынньыктарга ыанньыксыттары солбуйан үлэлээһин, о.д.а. киһи илиитин күүһүн эрэйэр үлэ туох да эбии харчыта суох босхо оҥоһуллара. Агитбиригээдэ тэринэн фермаларга, отчуттарга дойду ис-тас бэлиитикэтигэр бэсиэдэлэри оҥорорбут, түмүгэр дьоҕус, ол эрээри сонун нүөмэрдэрдээх кэнсиэр көрдөрөрбүт. Бары биир Устаабынан салаллар буолан түмсүү баара, ол ыччаты үлэҕэ көҕүлүүрэ. Олох биир сиргэ турбат, сайдар, дойду ис бэлиитикэтиттэн олох сыаннастара да уларыйар. Билиҥҥи олоҕу уруккуну кытта хайдах да тэҥнээбэккин. Билиҥҥи кэмҥэ ыччаты түмэр тэрилтэ баара буоллар. Ыччакка киэҥ билиини, өйөһүүнү, дьоҥҥо болҕомтолоох буолууну баҕарабын.
Егор Охлопков, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, экэнэмиическэй наука хандьыдаата, улуус бочуоттаах олохтооҕо:
– Хомсомуолга үлэлээбит сылларым эдэр сааһым чаҕылхай кэмэ. Оройуон саамай бөдөҥ хаһаайыстыбатыгар “Лена” сопхуоска түөрт сыл устата комском сэкирэтээринэн үлэлээбитим. Оччотооҕу ыччат туохтан да туора турбат, барыга бары көхтөөх, сопхуос үлэтигэр инники күөҥҥэ сылдьара. Отделениелар икки ардыларыгар күрэхтэһии сылы эргиччи ыытыллара. Сопхуос бары үлэлэригэр хомсомуоллар, ыччат бииргэ тутуһан сылдьаллара, түмсүүлээхтэрэ. Уус-уран самодеятельноска, успуорка араас күрэхтэһиилэр тэриллэллэрэ, кыайыылаахтар путевкаларынан, сыаналаах бэлэхтэринэн, үлэҕэ бастыҥ көрдөрүүлээхтэр хомсомуол араас бэлиэлэринэн наҕараадаланаллара. Ити сылларга оройуон комсомольскай тэрилтэлэрин ортотугар бастаан, Кыһыл Знамяны ылбыппыт. Ыанньыксыттар Бэйдиҥэттэн Владимир Пестряков, Егор Жирков, Суоттуттан Зоя Заровняева (Парникова), Саһылыкаантан Степанида Аржакова, тырахтарыыс Иннокентий Портнягин, киин аппараат суоппардара Петр Гоголев, Алексей Каратаев, Тумултан Роман Халдеев, Акулина Халдеева, Гавриил Алексеев уо.д.а. бастыҥар кэккэлэригэр сылдьаллара. Ити кэмтэн үгүс сыл ааста, ол да буоллар бииргэ үлэлээбит дьоммун, оройуон хомсомуолун актыбыыстарын, сэкирэтээрдэрин күндүтүк саныыбын.
Тамара Спиридонова – Лугинова, СӨ социальнай сулууспатын туйгуна, Лөгөй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо:
– Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан 8-с кылааска хомсомуол кэккэтигэр киирбит күммүн умнубаппын. “Оскуола – үрдүк үөрэх – производство” девиһинэн салайтаран, Лөгөй орто оскуолатын 1976 с. бүтэрбит икки кылаас оҕолоро оройуоҥҥа ыҥырыы көтөҕөн сопхуоска үлэлии тахсыбыппыт. Үгүспүт 1973 сылга Социалистическай Үлэ Дьоруойа буолбут Анастасия Копырина үлэлии сылдьар Даалы биригээдэтигэр сүөһү иитиитигэр үлэҕэ анаммыппыт. 1981 с. алтынныга Партизан Заболоцкай аатынан сопхуос комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээринэн быыбарданан, 1986 сыл балаҕан ыйыгар дылы үлэҕэ баай уопуту ылбытым. Улахан комсомольскай тэрилтэни салайыы киһиттэн үгүс билиини, тулууру, дьаныары, туруоруммут сыалгын ситиһэргэ дьулуһууну иҥэрбитэ. Бу үлэҕэ сыстарбар төрөппүттэрим улахан оруоллаахтар. Сааһын тухары холкуоска, кэлин сопхуоска суоппарынан үлэлээбит аҕам Петр Лугинов – Бүөтүскэ, ийэм Анастасия Попова үлэҕэ-хамнаска ураты сыһыаннарынан, тус холобурдарынан ииппиттэрэ. Маны тэҥэ сопхуос салалтатыгар, отделениеларга үлэлээбит үтүөкэн үлэһит дьон, чугастык саныыр аймахтарым сабыдыаллара улахан. Киһи киһиттэн үөрэнэр диэн мээнэҕэ эппэттэр. Көрө сылдьан кинилэртэн уһуйуллан олоҕум суолун устун эрэллээхтик хардыылыырбар олук уурсубуттарын умнубаппын. Хомсомуолга иитии оскуолатын ааспытым диэн түмүк оҥорор кыахтаахпын.
Елена Сыроватская. уопсас. кэрэсп.