Бүгүн Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Прокопий Румянцев дуоһунаһыгар киириитин үөрүүлээх тэрээһинэ В.В. Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар буолла. Ытык Мүрүбүт алааһыгар саҥа баһылык үлэҕэ киирэн үлэ-хамнас этэҥҥэ салалларын түстээн Игнатий Слепцов алгыс көрдөһөн аал уотун маанылаата.
Прокопий Федотовичка Мүрү нэһилиэгин баһылыгын дастабырыанньатын быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Сергеев дохсун ытыс тыаһыгар туттарда.
Улуус баһылыга Василий Аммосов:
– Миэхэ икки төгүл үөрүүлээх курдук, оруобуна Педагог уонна настаабынньык сылыгар миигин кытта үлэлээн-хамсаан кэлбит кэллиэгэм Прокопий Федотович бүгүн төрөөбүт дойдутун Мүрү нэһилиэгин туһугар үлэлиир баһылык аатын сүгэр үөрүүлээх, эппиэтинэстээх күнэ үүннэ. Билигин, Мүрү нэһилиэгэ уонна улуус дьаһалтата бииргэ үлэлээн, инники көрүүлэрбитин олоххо киллэрэн дойдубут сайдарын туһугар элбэҕи ситиһиэхпит диэн бар дьоммут иннигэр эрэннэрэбит, – диэн ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээн кэс тылын этэн Ытык бэлиэни түөскэ кэтэртэ.
Саҥа баһылык Прокопий Румянцев:
– Мүрү нэһилиэгин баһылыгын дуоһунаһыгар киирэр өрөгөйдөөх күммэр эһиги өйөбүлгүтүн ылбыт быыбар иннинээҕи былааннарбын, эһиги этиилэргитин кэҥэтэн кэлэр биэс сылга олоххо киллэрэр иһин, билиибин-көрүүбүн толору биэрэн туран, үлэбин дьон туһугар туһаайан үлэлиэм диэн эрэннэрэбин. Үлэлии сылдьар нэһилиэкпит чэчирии сайдарын туһугар дьоно-сэргэтэ сомоҕолоһуох, биир өйүнэн-санаанан салайтарыах тустаахпыт диэн бигэ эрэллээхпин. Төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгим – улууһум киинэ, олохтоох бэйэни салайыныы бэлиитикэтигэр тирэҕирэн сайдарын-үүнэрин туһугар, дьоно-сэргэтэ үлэлээх, кырдьаҕастара көмүскэллээх буоларын туһугар РФ, СӨ Конституцияларынан, Мүрү нэһилиэгин Устаабынан салайтаран бар дьонум интэриэстэрин көмүскүөм, Мүрү нэһилиэгин баһылыгын эбээһинэстэрин үтүө суобастаахтык толоруом диэн андаҕайабын, – диэн мэктиэ тылын эттэ.
Салгыы улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Аммосов эҕэрдэ тыл эттэ: «Василий Иванович эппитин курдук бу чахчы улахан бурҕалдьы буолар. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччытынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн, дьон-сэргэ ону өйдөөн, бу быыбарга эйиигнин баһылыгынан таллылар. Онон, инники үлэҕэр дьон итэҕэлин толорон, быргыраамалары, өйөбүллэри сөптөөхтүк туһанан үлэлээ-хамсаа. Биһиги улуус мунньаҕа сүбэ-соргу уонна тэҥҥэ үлэлэһэн өйүөхпүт диэн эрэннэрэбин», – диэн туран, улуус мунньаҕын бары депутаттарын ааттарыттан Уус Алдан норуотун маастара Семен Петров оҥорбут чороонун «бу чорооҥҥо үрүҥ илгэ үрүлүйэ сүүрэрин курдук, үлэҥ-хамнаһын таһаарыылаах буоллун» диэн алҕаан туран бэлэх уунна.
Прокопий Румянцевы ыаллыы сытар улуустарбыт, Майа, Чурапчы сэлиэнньэлэрин баһылыктара уонна улууспут нэһилиэктэрин баһылыктара эҕэрдэлээтилэр, эппиэтинэстээх, уустук үлэтигэр үтүө холобурдары көрдөрөн, баар кыһалҕалары быһаарыыга биир сүбэнэн үлэлииргэ эттилэр, эдэр кэскиллээх салайааччыга баҕа санаа бастыҥын анаатылар.
Мария Аргунова