Биир дойдулаахпыт Грита Заровняева – киин куорат бастыҥ үлэлээх быраастарыттан биирдэстэрэ

Дүпсүнтэн төрүттээх акушер-гинеколог быраас Грита Заровняева бу күннэргэ Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһа төрүттэммитэ 180 сылыгар анаан ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы «Экология и здоровье человека на Севере» XIV кэнгириэскэ «За заслуги перед здравоохранением города Якутска» анал бэлиэни тутта, үгүс ахсааннаах быраастартан үлэтэ биһирэбили ылла.

Грита Аянитова–Заровняева сэттис кылааска диэри Дүпсүҥҥэ, салгыы Мүрү 1-гы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар үөрэммитэ. 1998 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн мединститукка туттарсыбыта эрээри, баалынан хапсыбакка, Бороҕоҥҥо төннөн тахсан биир сыл СЭС-кэ үлэлээбитэ. Онтон медколледжка сиэстэрэ биир сыллаах үөрэҕин кыһыл дипломнаах бүтэрэн, баҕалаах үөрэҕэр мединститукка педиатрия салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. 2009 сылтан интернатураҕа гинекологияҕа үөрэнэн акушер-гинеколог быраас идэтин ылбыта. Икки сыл Сангаарга үлэлээн баран, өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа акушер-гинекологынан үлэлии сылдьар.

Грита Григорьевна үс уол оҕолоох. Улахан уол Георгий Аллараа Бэстээххэ тимир суол техникумугар, орто уол Виталий 8-с кылааска, кыра уол Гриша бастакы кылааска үөрэнэллэр.

Тоҕо быраас идэтин талбытын, үлэтин туһунан Грита Григорьевна маннык кэпсээтэ:

– Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан эбэм Готовцева Мария Семеновна мин быраас буолуохпун баҕарара. Миэхэ балыыһаҕа үлэлээбит хаартыскаларын көрдөрөрө, кэпсиирэ. Оонньуурбар куукулаларбын, балыстаах бырааппын эмтээбитэ буолааччыбын. Мүрү 1-гы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар эдьиийбэр Александра Никифороваҕа олорон үөрэммитим. Оскуолаҕа химияҕа К.А. Румянцева, биологияҕа С.А. Слепцов үөрэппиттэрэ. Үрдүк үөрэххэ үчүгэй преподавателлэргэ үөрэнэн билиини ылбытым. Акушер-гинекологынан үлэлээбитим номнуо уонтан тахса сыл буолла. 2013, 2015 сс. Москваҕа «Вагитон» аан дойдутааҕы оскуолаҕа үөрэммитим, золотой инструктор буолбутум, сертификат ылбытым. Ол үөрэхпинэн дьахтар тымныйыытын, ыараханнык оҕолонорун аччатар, ис быччыҥын күүһүрдэр сыаллаах анал куурустары ыытабын, эдэр ийэлэри, ийэ буолуохтаах кыргыттары үөрэтэбин. Кэтээн көрүүлэрбин анализтаан «Саха» НКИХ доруобуйаҕа аналлаах биэриилэригэр кыттан турабын. Сыралаах үлэм клиническэй балыыһа бочуотунай грамоталарынан бэлиэтэммитэ, аны бу биир бэлиэ наҕарааданы тутан үөрдүм. Талбыт идэбинэн үлэлии сылдьарбыттан астынабын, киэн туттабын. Чугас дьоммор, ийэбэр, үөрэппит учууталларбар, уһуйааччыларбар махтанабын.

Быраас Грита Заровняева үлэтиттэн дуоһуйууну ылар, хас биирдии төрүүр ийэҕэ көмөлөһөрүттэн дьоллонор.

Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

Читайте дальше