Прокопий Степанов дьылҕатын нэһилиэнньэ тосту уларыппыта

Үлэ уонна ИДьМ бэтэрээнэ, отставкаҕа олорор полиция подполковнига Прокопий Степанов бастакы идэтэ бэтэринээр-быраас. Тыа хаһаа­йыстыбатын сайдыытыгар мискиллэ сылдьыбыт үрдүк үөрэхтээх киһини оччотооҕу нэһилиэнньэ туруорсуутунан, сопхуос бэрэссэдээтэлин мэктиэтинэн милицияҕа үлэҕэ ыыппыттара. Онтон ыла кини олоҕо тосту уларыйбыта.

Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо Прокопий Тихонович Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр төрөөбүтэ. Ол эрээри оҕо сааһа, устудьуон кэмнэрэ барыта Дьокуускай куоракка ааспыттара. Дойдутугар ытык иэһин толорон, Сэбиэс­кэй Аармыйа кэккэтигэр Забайкальскай байыаннай уокурукка тааҥкабай чааска сулууспалаабыта. Прокопий Тихонович Уус Алдан улууһун иккис дойду оҥостон, тапталлаах кэргэнин Өнөртөн төрүттээх СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Евдокия Николаевналыын үс кыталык кыыһы күн сиригэр көрдөрөн, сиэннэрин бүөбэйдэһэн дьоллоохтук олороллор. Евдокия “Сардаана” оҕо саадыгар эбии үөрэхтээһин педагогунан үлэлиир.

Прокопий Степанов бэтэринээр-быраас идэтигэр Дьокуус­кайдааҕы тыа хаһаа­йыстыбатын институтун ветеринарнай факультетыгар үөрэммитэ. Дуогабарынан Иннокентий Бочкарев дириэктэрдээх “Дүпсүн” сопхуоска кылаабынай ветбырааһынан үлэлии тахсыбыта. 1991 с. сопхуос ыһыллан, үлэлии турбут Өнөр отделениетыгар ветбыраас, биригэдьиир үлэлэригэр сылдьыбыта. Онтон эмиэ сопхуос ыһыллан, КП буол­бута. Оччотооҕу нэһилиэнньэ туруорсуутун, ылыннарыы­лаах тылын ылынан, Прокопий Тихонович милиция эйгэтигэр үлэтин саҕалаабыта. Чуолаан Өнөр, Тулуна эҥэр участковайынан үлэлээбитэ. 1995 с. участковайдар на­чаалынньыктарынан үлэтин салҕаабыта. Маннык үлэлии сылдьан Санкт-Петербурдааҕы гуманитарнай университекка юридическай факультет юрис­пруденция исписээлинэһин үөрэнэн бүтэрбитэ. 2000 сыллаахха ИДьО начаалынньыгын Владимир Жирков солбуйааччытынан, уопсастыбаҕа куттал суох буолуутун милициятын (МОБ) начаалынньыгынан үлэлээбитэ.

Сулууспатын 2008-2010 сс. Уус Алданнааҕы баһаарынай чаас начаалынньыгынан уларыта сылдьыбыта. Онтон Ис дьыала отделыгар штаб начаалынньыгынан төннүбүтэ. ИДьМ бирикээһинэн 2014 сыллаахха диэри Абый улууһугар ИДьО начаалынньыгынан ананан үлэлии сылдьан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Уус Алданыгар төннөн, быстах кэмҥэ улуус дьаһалтатыгар ЫБМ эппиэттээх сэкирэтээринэн үлэлээбитэ.

Билигин бочуоттаах сынньалаҥар олорор. Нэһилиэк араас уопсастыбаннай, култуурунай үлэтигэр кыттар улуус биир актыыбынай олохтооҕо Прокопий Тихонович эдэр эрдэҕиттэн хомустаан дипломант, лауреат ааттарын үгүстүк ылбыта. 2022 сыллаахха Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Мария Соловьева аатынан ыытыллыбыт улуустааҕы “Хомус ситимэ” куонкуруска “Кылаан чыпчаал” ааты ылары ситиспитэ. Араас тэрээһиннэргэ, эҕэрдэ кэнсиэр­дэргэ ыҥырыллан, хомус дьү­рүскэн тыаһын бэлэхтиир.

Коммунистическай үлэ удаарынньыга, “За верность долгу”, “Знак почета ветеранов МВД” бэлиэлэр, “За отличие в службе” III степеннээх мэтээл, «Абый улууһун социальнай-экэнэ­миичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына Прокопий Степанов дьоһун олоҕор күүс-көмө буолбут кэл­лиэгэлэригэр махталын тиэрдэр: “Бастакы участковайдыыр кэммиттэн саҕалаан үлэҕэ сыһыарбыт, үгүс билиини биэрбит, үөрэхтээбит старшай участковай Виктор Гаврильевич Тарскайга, МОБ начаалынньыгар Павел Николаевич Готовцевка, Афанасий Нестерович Максимовка, ИДьО начаалынньыгар Анатолий Иванович Мырсановка улахан махтал­лаахпын”.

Кырдьык да, маннык үтүө үлэһит салайаач­чылардаах буолан, уопсастыбаҕа куттал суох буолуутугар үлэ­лэһэн, улууска чөл, туруктаах олох саҕылларыгар күүстэрин уурбуттара. Билигин кинилэр үтүө үлэлэрин саҥа, сайдыылаах ыччат ситиһиилээхтик салҕыыр.

Ольга Шепелева

Читайте дальше