“Хомус ситимэ–2023” күрэс ситиһиилээхтик ыытылынна

Россияҕа Учуутал уонна настаабынньык, Саха сиригэр Үлэ сылыгар анаан уонна Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, учууталлар Учууталлара Мария Соловьева сырдык кэриэһигэр «Хомус ситимэ–2023» илин эҥээрдээҕи бастакы күрэс үрдүк таһымҥа буолан ааста. Дьоһун бырайыак ааптара – «Дүөндү» сынньалаҥ киинин директора Айнура Стручкова. Уопсайа 101 хомусчуту түмпүт дьоро киэһэни улуус култууратын салаатын сүрүн исписэлииһэ Анна Федорова иилээн-саҕалаан салайда.  

Дмитрий Бястинов өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хомус тэрээһинин киэҥ  хабааннаах үлэтин билиһиннэрдэ. Кини: “Уус Алдан улууһа хомуска наһаа болҕомтолоох, тэрээһиннээх үлэһиттэрдээх, саҥа талааннары арыйыыга үлэлэһэр улуус”, – диэн билиниитэ ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Хомусчуттарга туһаайан хомусчут дорҕоону эрэ таһаарааччы буолбакка, таҥан, чочуйан, ситимнээн, айымньыны айан таһаарыахтаах диэн, талааны таһынан дьаныардаах дьарык, күрэхтэргэ кыттан таһымҥа тахсыы наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Эдэр кэскиллээх хомусчут Айсен Деллохов маастар-кылаас ыыппытыгар хомусчуттар билбэт кистэлэҥнэрин арыйдылар. Кини оонньуурга, дьарыкка хараҕы симэн турукка киириэххэ, элбэхтик маастардарга уһулла үөрэниэххэ наадатын билиһиннэрдэ.

Күрэх биир түһүмэҕэ Мария Михайловна киһи, салайааччы быһыытынан кимин, үлэтин-хамнаһын сырдатыы ахтыыга туһуланна. «Кэскил» оҕо образцовай ансаамбылы салгыы ситиһиилээхтик салайа сылдьар Тамара Семеновна, Евдокия Васильевна сиһилии билиһиннэрдилэр.

“Кэскиллэр” маҥнай куруһуокка 9 уол оҕону түмпүт буоллахтарына, айымньылаах үлэ түмүгэр, хаҥаан муҥутаан 32 уолга тиийэ үүннэрбиттэр, билигин 20 уолу дьарыктыыллар. Маҥнайгы саҕалааһыннара Кэптэнигэ аан дойду виртуоз хомусчута, РФ үтүөлээх артыыһа Петр Оготоев кэриэһигэр аналлаах күрэххэ үһүс үрдэли ыланнар, салгыы араас чыпчаалга тиийэр айаннарын аартыга арыллар. Салгыы Татьяна Гоголева салайар «Хотугу сулус» күрэҕэр чыпчаал кыайыыны ситиһэн, аан дойдуну арҕарар сулустаах суоллара субуллар. Ол курдук сыралаах дьарык түмүгэр Владивостокка «Океан» лааҕырга, Москва, Турция, Италия, Франция, Германия ааттаах-суоллаах аан дойду хомусчуттарын күрэһэр ситиһиилээхтик кыттан, Сахаларын сирин, бүтүн Россияларын ааттаппыттара. Дойдубут президенэ В.В. Путин  эҕэрдэтин тутар, илии тутуһар дьоһун дьолу билбиттэрэ, бииргэ хаартыскаҕа түһэн үйэлээх өйдөбүлү хаалларбыттара. Онно барытыгар салайааччылар, омуктар дьоһуннаан бэлиэтииллэринии, сыралаах үлэлэрин дьоһун ситиһиитэ. Оҕолору, ордук уол оҕону үөрэтии, уһуйуу уустуктардааҕа өйдөнөр. Онуоха өйөбүл, тирэх буолар төрөппүттэр барахсаттар көмүөл күүстэрэ, дьиэ кэргэн хармааныгар охсор үп-харчы кыһалҕатын уйунуу махталлааҕын бэлиэтиир тоҕоостоох. Манна А.Г. Кычкина. М.С. Колесова, М.П.  Сыроватская кыһамньылаах, талааннаах, иис-күүс үлэлэрин үтүө түмүгэ сыаналанар. Салгыы Тамара Семеновна оҥорбут ахтыытыгар, Мария Михайловна историк учуутал быһыытынан уонтан тахса наука кандидатын үөрэппитин, оскуола музейыгар үлэлии сылдьан элбэх тэрээһини, фонданы хаҥатыыга дьоһун кылааты киллэрбитин кэпсээтэ. Маны таһынан дьоһун үлэлэрин түмэн альбом кинигэни, элбэх стендэни, хас сыралаах ситиһиини сырдатар тус-туспа хаартысканан кэпсиир альбому тиспиттэрин киһи эрэ астына, киэн тутта арыйан ааҕар, дуоһуйа көрөр, үтүмэн үлэ түмүгүттэн үөрэр-астынар!

СӨ култууратын туйгуна, култуура бочуоттаах бэтэрээнэ, Дүпсүн нэһилиэгин кырдьаҕастарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Босикова дьүөгэлии сыһыаҥҥа хайдах бииргэ үлэлэспитин, билигин салгыыр салайааччы быһыытынан бэрткэ сырдатта.

Октябрина Петровна хайа саҕаланыаҕыттан төрөппүт быһыытынан эппиэтинэһин, өйөспүтүн бэрткэ арыйда. Наталья Петровна Турция мүччүргэннээх сырыыларын кэпсээн быара суох ыыталаата, бэйэм учууталым айылҕаттан айдарыылаах талба талаан, учууталлыы сылдьан хайдах курдук инникибитин өтө көрөн эппитин, кыайыыны кыһыл да тылын күүһүнэн, иннин хоту хотоойу хоһуунунан Үрдүк Айыылартан сиэтэн ылар ураты киһи буоларын кэпсээтим.

Баатаҕай түмэлин төрүттэспит Ксения Румянцева Мария Михайловна дьиэ  кэргэнигэр махталын этэн туран, алтыспыт түгэннэрин стендэ оҥорон оскуола музейыгар бэлэх уунна.

Сүүһүнэн кыттааччылаах күөн-күрэскэ Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн «Тэтим» бөлөх ситиһиилээхтик кытынна. Кэлиэхтээх атын  улуустар карантинынан сибээстээн, кыайан кыттыыны ылбатылар. Күрэһи бастакынан саҕалаабыт улууспут инники кэскиллэрэ – Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын VII кылааһын уоланнарын «Дьүрүлгэн» бөлөҕө (сал. С.Н. Сыроватская) үһүс үрдэли ылан Дүпсүн орто оскуолатын анал бирииһин туппуттарын астына бэлиэтиибин.

Биирдиилээн толорооччуларга 8-12 саастарыгар диэри 1-кы үрдэл  – Арсен Марков (Бэйдиҥэ), 2-с үрдэл  – Сандаара Колесова (Баатаҕай), 3-с үрдэл – Айыллаана Протодьяконова (Бороҕон нэһилиэгэ), 18-35 саастарыгар диэри кыттааччылар: 1-кы үрдэл – Айтал Сивцев, Дүпсүн, 2-с үрдэл – Илона Лаптева, Мүрү, 3-с үрдэл – Карина Протопопова (Мүрү), 1-кы үрдэл – Арсен Алексеев (Дүпсүн), 2-с  үрдэл – Элина Дегтярева (Мүрү), 3-с үрдэл – Кэскилээнэ Троева (Тулуна) буоллулар. Биирдиилээн толорууга 36 саастарыттан үөһээ кыттааччылар: 1-кы үрдэл – Ноябрина Сивцева, (Дүпсүн), 2-с үрдэл – Нарыйаана Егорова (Бэрт Ууһа), 3-с үрдэл – Прокопий Степанов (Мүрү). 1-кы үрдэл – Иван Сергеев, (Тулуна), 2 үрдэл – Анна Максимова (Мэҥэ Хаҥалас, Төхтүр), 3-с үрдэл – Егор Ширяев (Бэрт Ууһа).

Бөлөҕүнэн толорууга улахан дьоҥҥо: 1-кы үрдэл – «Айтыас» бөлөх, Чэриктэй, 2-с үрдэл – «Тэтим» бөлөх (Мэҥэ Хаҥалас, Төхтүр), 3-с үрдэл – «Дьүрүскэн» бөлөх (Тулуна). Бөлөҕүнэн толорууга кыра оҕолорго: 1-кы үрдэл – «Күнчээн» бөлөх (Бэйдиҥэ), 2-с үрдэл – «Ымыычаан» бөлөх (Бэрт Ууһа), оскуола саастаахтарга: 1-кы үрдэл – «Оһуор» бөлөх (Тулуна), 2-с үрдэл –  «Чэчирээ» бөлөх (БДШИ), 3-с үрдэл – «Дьүрүлгэн» бөлөх (Мүрүтээҕи уолаттар гимназиялара).

Кылаан чыпчаал ааты бөлөхтөргө «Ситим» ансаамбыл (Дүпсүн), биирдиилээн толорууга Айыына Троева ыллылар.

Ону таһынан «Хомуһуннаах хомусчут» анал ааты Егор Ширяев (Сыырдаах), «Эдэр кэскиллэх хомусчут» ааты Дарина Федорова (Чэриктэй), «Биир ситим, биир тэтим» ааты «Оһуор» бөлөх (Тулуна) ыллылар.

Хомус күрэһин  Дьокуускайтан Хомус аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин директора Дмитрий Бястинов, хомус түмэлин экскурсовода, импровизатор-хомусчут Айсен Деллохов, Тандатааҕы норуот айымньытын киинин директора, импровизатор-хомусчут Альберт Находкин, “СӨ учууталлар Учууталлара”, «Кэскил» оҕо образцовай ансаамбылын салайааччыта Тамара Михайлова, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ СӨ култууратын туйгуна, улуус култууратын управлениетын кылаабынай исписэлииһэ Анна  Федорова сыаналаатылар.

«Кэскил» ансаамбылы ахтар буоллахха, солист Алдан Рожин чаҕылхай сулус буолан, импровизациялаан хоһуйан, ансаамбыл “тэбэр сүрэҕэ” дэтэр чахчылаах «Ситим» ансаамбылыгар, Мария Михайловна үөрэппит оҕотугар тирэх оҥостон, сүбэлэһэрин истиҥник ахтааччы. Ол да иһин «ситимнэр», төһө да саастаах дьон буоллаллар, 70 саастарын сорохтор лаппа ааспыт кырдьаҕастар, Турцияҕа Гран-при чаҕылхай ситиһиилэрэ сөҕүмэр этэ. Алдан Рожины виртуоз хомусчут аатын ылар ыра санаалааҕа. Алдан Рожин билигин Турцияҕа Саха сирин бэрэстэбиитэлинэн ситиһиилээхтик үлэлиир. Ансаамбылын, үөрэппит салайааччыларын кытта сибээһи быспат.

Түмүккэ улахан тэрээһини тэрийэн ыытыыга үлэлэспит Дүпсүн нэһилиэгин дьаһалтатыгар (баһылык Н.Н. Сивцев), «Дүөндү» сынньалаҥ киинигэр, сүбэ-тирэх буолбут «Хомус» аан дойдутааҕы киинин уонна түмэлин директора Д.Д. Бястиновка «Хомус» түмэлин экскурсовода, импровизатор хомусчут Айсен Деллоховка, улууспут култууратын управлениетын начальнигар С.С. Нафанаиловка, Тандатааҕы В.Д. Лонгинов аатынан норуот айымньытын киинин директорыгар А.А. Находкиҥҥа, «Кэскил» оҕо образцовай ансаамбылыгар Т.С. Михайловаҕа, Е.В. Атласоваҕа уонна бука бары ис сүрэхтэн спонсордаабыт тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоммутугар барҕа махталларын этэллэр.

Агафья Сивцева, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, суруналыыс

Читайте дальше