Үйэ аҥаара кэриҥэ астаан үөрдэр Акулина Ноговицына

Өрөспүүбүлүкэ элбэх биллэр, улахан спортсменнара кини иҥэмтиэлээх минньигэс аһын аһаан аастахтара. Үйэ аҥаарыттан ордук 54-с сылын сылайары аахсыбакка күн бүгүнүгэр диэри үлэ үөһүгэр сылдьар Мындаабатааҕы спортивнай оскуола интэринээтин 5 эрэсэрээттээх повара, завхоһа Акулина Ивановна Ноговицынаны идэтигэр бэриниилээх, чахчы Үлэ киһитэ диэн этиэххэ сөп.

Акулина Ноговицына бэйэтэ Тиит Арыы бөһүөлэгиттэн II Ба­йаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээх. Оччотооҕуга оскуола кэнниттэн бэтэринээр үөрэҕин бүтэрэн, совхозка ыанньыксытынан, бэтэринээринэн үлэ­лээбит. Онтон 1981 сыллаахха кийиит буолан Мындаабаҕа көһөн кэлиэҕиттэн ыла, повар кууруһугар үөрэнэн, бастаан Райпотребсойуус МТС тэрилтэтин улахан остолобуойугар, онтон интэринээккэ үлэҕэ киирэн, оччоттон-баччаҕа диэри поварынан, остолобуой сэбиэдиссэйинэн ситиһиилээхтик, дьонун-сэргэтин махталын ылан үлэлии-хамсыы сылдьар.

— Мындаабаҕа кэлэрбэр МТС улахан тэрилтэ этэ, остолобуойга үлэһиттэри таһынан нэһи­лиэк дьоно эмиэ аһыыллара. Аны санрейс күҥҥэ 12-тэ көтөрө, онно кэлсээччи-барсааччы эмиэ сылдьан ааһара. Онон күҥҥэ сүүһүнэн киһиэхэ менюбутун бэлэмнээн астыырбыт. Өрүү сарсыарда эрдэ 5 чаастан күммүт саҕаланан баран, киэһэ 7-8 чаас­ка биирдэ бүтэрэ. Соннук астыыр-үөллүүр эйгэҕэ үлэлээбитим 42-с сыла буолла, — диэн Акулина Ивановна кыратык да салгыбыт, сылайбыт курдук туттубакка, эдэрдии эрчимнээхтик, үөрэ-көтө кэп­сиир. – Оччолорго бастакы уһу­йааччылларым Парасковья Полищук, Мария Охлопкова этилэр, кинилэр миигин элбэххэ үөрэппиттэрэ. Онтон сойуус эстэн, Мындаабаҕа хаал­быт МТС тэрилтэтин дьиэлэриттэн биир­дэстэрин интэринээт оҥорон, 1998 сылтан ыла манна оҕолорбун кытары бииргэ үлэлии сылдьабын. Биһиги интэринээппитигэр элбэх оҕо үөрэннэҕэ дии, өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан, Красноярскай кыраай дьэһиэй сахаларыгар тиийэ кэлэллэр. Олор истэригэр биллэр тустууктар Виктор, Александр Рассадиннар, Евгений Алексеев, Дмитрий Шадрин, Иннокентий Иннокентьев, Элеонора Антонова, о.д.а. бааллар. Барыларын оҕолорум диибин.

Билигин куукунаҕа үс повар Луиза Мигалкина, Елизавета Анастатова уонна эдэр кэскиллээх повар уолбут Юрий Габышев, мин – завхоз баарбыт. Сорох ардыгар повардарбын солбу­йан астыыбын. Бу сыллар тухары туох баар улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэри, сайыҥҥы лааҕырдары барытын тэрийсэн, спортсменнары көрсөн, итии аһылыгынан хааччыйан кэллибит. Биһиги оҕолорбут күүстээх эрчиллиигэ сылдьаллар, онон аһылыктара иҥэмтиэлээх буолуохтаах, билигин интэринээт остолобуойугар барыта 40-тан тахса оҕо сылдьан күҥҥэ түөртэ аһыыр, эт, бурдук аһы быспаппыт, онон аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһэн үлэлии олоробут.

Акулина Ивановна үлэтэ манан эрэ муҥурдаммат, бөһүөлэк иһинээҕи улахан тэрээһиннэргэ, аймахтар, доҕоттор, чугас ыаллар бырааһынньыктааҕы астарын менютун, устуукатыгар, ыйааһыныгар тиийэ сөпкө ааҕан биэ­рээччи, сүрүн астааччы буолан сүүрбүтэ-көппүтэ баһаам буоллаҕа. Кини күүһүттэн-уоҕуттан, эдэрдии эрчимиттэн, үлэҕэ уостубат баҕатыттан холобур эрэ ылыахха сөп. Аҕам саастаах үлэһит “интэринээппин олус сөбүлүүбүн, оҕолорбун, кэлэктииппин ханна да буолларбын куруук саныыбын. Сайын сынньалаҥ кэмигэр интэринээппин ахтан кэлэн, сылдьан, хаа­мыталаан ааһабын. Оччоҕуна дьиэм сылаас тыына биллэргэ дылы буолар, ахтылҕаммын аһарынабын” диэн истиҥник этэрэ – олохтон дуоһуйууну ылар, үлэттэн дьолу билэр муударай, киэҥ-холку, ыраас санаа туоһута.

Онон Акулина Ноговицына курдук саа­һырдым диэбэккэ дьону-сэргэни кытары бииргэ сылдьан, олоххо үлэни, үтүөнү эрэ өрө тутан холобур буолар көлүөнэлээхпит биһиги эмиэ дьолбут.

Анастасия Карамзина, Мындааба спортивнай хайысхалаах орто оскуолатын интэринээтин сэбиэдиссэйэ:

— Мындааба спортивнай ха­йыс­халаах орто оскуолатын интэринээтигэр завхоһунан үлэлиир Акулина Ивановна Ноговицынаны биир тутаах, тарбахха баттанар, дириҥ билиилээх, уопуттаах, үлэһит киһинэн ааҕабын. Кини идэтигэр үрдүк эрэсэрээттээх повар.

Мин 2021-2022 үөрэх дьылыгар интэринээт сэбиэдиссэйинэн ананан үлэбин саҕалаабытым. Толору икки сыл Акулина Ивановнаны кытары бииргэ үлэлээн кэллим. Кини биир саамай үрдүк ирдэбиллээх, эппиэ­ти­нэс­тээх үлэни – интэринээт оҕо­лорун аһылыгынан толору хааччыйыыга, олорор усулуобу­йаларын тэрийиигэ бары күүһүн уурар үлэһит киһи быһыытынан сыаналыыбын.

Акулина Ивановна олус эйэҕэс, кэпсэтинньэҥ, киэҥ-холку майгылаах киһи. Кини араас көрүдьүөстээх кэп­сээннэрэ, сытыы ох тыл­лаах этии­лэрэ дьону тардар уонна түмэр. Кини салайыытынан остолобуо­йун үлэһиттэрэ оскуола, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас күрэхтэһиилэргэ, тэрээһиннэргэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, сылаас, минньигэс астарынан күндүлээн ыалдьыттар махталларын ылаллар.

Акулина Ивановна өр сыллаах үтүө үлэтин түмүгэ үрдүктүк сыаналанан, Уус Алдан улууһун баһылыгын бочуотунай грамотатынан, “Уус Алдан улууһун социальнай экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэнэн наҕараадаламмыта.

Екатерина Захарова

Читайте дальше