Пионербаһаатай, учуутал, салайааччы Светлана Бурцева

Мүрү, I Хоро нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, РФ үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ Светлана Михайловна Бурцева Мүрү алаас саамай кэрэ сириттэн, солко суугунуур хатыҥнардаах Чараҥ бөһүөлэгиттэн төрүттээх. Аан бас­таан педагогическай үлэтин 1985 сылтан үөрэммит оскуолатыттан саҕалаабыта. В.Н. Мигалкин аатынан пионерскай дружина старшай пионербаһаатайынан үлэҕэ завуч Ольга Иннокентьевна Неустроева уонна дириэктэр Иван Афанасьевич Алексеев ылбыттара.

Онон кинилэр үөрэнээччилэрэ педагог, учуутал буо­ларыгар тирэх уурбуттара, ииппиттэрэ-үөрэппиттэрэ. Салгыы саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэ­лээбитэ. Чараҥ оскуолатыгар бииргэ үлэлиир дьоно үксэ үөрэппит учууталлара этилэр: Клара Неустроева, Анна Алексеева, Вера Бурцева, Николай Бурцев, Зинаида Стрекаловская буолан кинини элбэххэ уһуйбуттара, такайбыттара. Алын сүһүөх кылааска үөрэппит учуутала, пионербаһаатайа Клара Афанасьевна киниэхэ олоҕун устатын тухары настаабынньык буолбута. Үлэ үөһүгэр алтыспыт дьоно Григорий Бурцев, Елизавета Попова, Надежда Свинобоева, Тамара Крылова күн бүгүнүгэр диэри билсэр үтүө сүбэһиттэрэ.

1994 сылтан эмиэ үөрэммит оскуолатыгар Г.В.Егоров аатынан Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатыгар иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччынан анаммыта. Ол саҕана дириэк­тэринэн Петр Николаевич Бурцев үлэлиирэ. Оскуолаҕа олус үчүгэйдик бииргэ үлэлээбит дьонун: Парасковья Гоголеваны, Светлана Ушницкаяны, Римма Винокурованы, Василий Парникову, Екатерина Парникованы, Анна Колесованы, Мария Константинованы, Оксана Атласованы, Анна Фоминаны, Саргылана Никитинаны, Надеж­да Лазареваны о.д.а. киэн тутта ааттыыр. Улуус саамай улахан оскуолатыгар бу дуоһунаска кини 16 сыл үлэ­лээбитэ, онон дьону кытта үлэҕэ уһуйуллар үтүөкэннээх кэми ааспыта. Иитии үлэтигэр эппиэтинэс­тээх буолан буруйу оҥорууну, бэрээдэги кэһиини өйдөтөр, сэрэтэр үлэни тэри­йиигэ болҕомтотун туһаа­йан, 15 сыл устата ЮДМ (Юный друг милиции) этэрээтин салайбыта. Бу этэрээттэн элбэх оҕо сокуо­ну араҥаччылыыр үлэһит буол­бута. Бу хайысхаҕа үлэлээбит уопутугар олоҕуран “Профилактика правонарушений и безнадзорности несовершеннолетних в системе: школа-семья-социум в усло­виях сельской школы” методичес­кай босуобуйаны суруйбута өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаммыта. Бу үлэтинэн рекомендация ылан, научнай эйгэҕэ киирэн үлэлээн испитэ.

2010 сыллаахха улуустааҕы оҕону, дьиэ кэргэни реабилитациялыыр кииҥҥэ иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйаач­чынан киирбитэ. Тэрилтэ 2011 сыллаахха «Интеграция+» базовай программатынан экспериментальнай площадка буол­бута, үгүс үлэни көрсүбүтэ, үрдүк ситиһиилэммитэ. Бу кэмҥэ олох ыарахан түгэннэрин көрсүбүт оҕолор тус­тарынан хоһоонноро уонна кэпсээннэрэ суруллан саҕаламмыттара. Төрөппүттэргэ аналлаах «Кэлэр кэскили быһымыах» кинигэтэ 2011 сыллаахха “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэммитэ. Бастакы дириэктэрин Анна Прокопьевна Бурнашеваны “бэйэтин уопутуттан миэхэ үгүһү бэрсибитэ, сала­йар үлэ ымпыгар-чымпыгар тиийэ үөрэппитэ, мин үлэбин үрдүктүк сыаналаабыта, киниэхэ махталым муҥура суох” диэн истиҥник ахтар, саныыр.

Билигин стационарнай отделение сэбиэдиссэйи­нэн үлэлиир, бэйэтин баай уопутугар олоҕуран эдэр специалистары үөрэтэр, такайар. “Ханна оҕо баар да, онно иитии-үөрэтии нау­каҕа олоҕуран тэ­рил­лиэхтээх” диэн өйдө­бүлүнэн салайтарар. Бу тэ­рилтэ оҕону уонна дьиэ кэргэни кытары үлэҕэ кэккэ ситиһиилэрдээх, ку­руук саҥаттан-саҥа технология­лары туһанан аныгы олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылыыр. Билиҥ­ҥи ди­риэктэрин Иннокентий Иннокен­т­ьевич Сергеевы уонна саамай уһуннук бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрин Зоя Сивцеваны, Виктория Татаринованы, Мария Готовцеваны кытары өйдө­һөн-өйөһөн үлэ­лиириттэн ас­тынар. Тэрилтэ  үлэһиттэрин барыларын кытары бииргэ ситиһиилээхтик үлэлии сылдьарыттан үөрэр, истиҥник махтанар.

2011 сылтан улуустааҕы Ис дьыала отделыгар уопсас­тыбаннай сэбиэт бэрэссэдээ­тэлинэн, 2012 сылтан тө­рөө­бүт дойдутугар 1-кы Хоро нэ­һилиэгин дьокутаатынан уонна 2013 сылтан улуустаа­ҕы “Кэскил түһэ” ийэ тыл түм­сүүтүн салайааччытынан күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьар. Өссө 2021 сылтан улуустаа­ҕы “Уһуктуу” айар куттаахтар түмсүүлэригэр киир­битэ. Светлана Михайловна: “Ос­куола эрэ олоҕунан олорбут сылларбар элбэҕи да сүтэрбит эбиппин диэн билигин элбэхтэ саныыбын. Олохпор атын ааны аспыппын кэмсиммэппин, мин билигин киэҥ эйгэлээх киһибин. Алтыһар дьоммор барыларыгар өрүү сылаас махталлаахпын”, – диэн этэр.

Светлана Бурцева оскуо­ла­ҕа үөрэнэр сылларыттан саҕа­лаан хоһоон суруйар. Оччолортон айар куттаах киһи: “Оскуолаҕа үлэлиир кэмнэрбэр оройуон хаһыатыгар суруйан саҕалаа­бытым, Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатыгар үлэ­лиир кэммэр оскуола иһинэн “Сыдьаай” диэн ааттаах хаһыаты тэрийбитим. Ити курдук мин хаһыаты кытта ситимим олохтоммута”, – диэн ахтар. Онтон 2010 сылтан улуус хаһыатын уоп­сас­тыбаннай кэрэспэдьиэнин быһыытынан оҕону иитии­гэ, төрөөбүт нэһилиэгин уонна тэрилтэтин үлэтин-хамнаһын туһунан сырдатар суруйуулара бэчээккэ элбэхтик тахсан барбыттара. Айар үлэтэ кэҥээн, 2020 сылтан улуус хаһыатыгар “Дойдум дьоно” авторскай балаһатынан тахсыбыта. Балаһаҕа кини таптал­лаах Чараҥын үлэһит дьонун сырдатан кэллэ. Бу айымньылаах үлэтин түмүгүнэн 2020 сылга “Сыл бастыҥ кэрэспэдьиэнэ” ааты ылбыта. 2021 сыллаахха Арассыыйа суруналыыстарын Со­йууһугар чилиэнинэн киир­битэ. Үлэлиир тэрилтэтигэр оҕолорго “Илдьит” диэн эдэр кэрэспэдьиэнннэр постарын тэрийэн айымньы­лаахтык ­үлэлэтэр.

Светлана Бурцева Суугунай Чараана диэн айар ааты ылыныаҕыттан ыла суруйар эйгэҕэ бигэтик киирдэ. 2021 сыл­лаахха үс кинигэни таһаартаран, сүрэхтээн элбэх киһини соһутта да, үөртэ даҕаны. 2022 сыллаахха өссө икки кинигэтэ бэчээттэммитэ. Быйыл 8-с кинигэтэ күн сирин көрүөҕэ, ону кытары өссө биир таһаарыыта бэлэмнэнэн, оҥоһуллан тахсыаҕа.

“Суруйар эйгэҕэ киирии­бэр уонна айымньыларым күн сирин көрүүлэригэр улуус­пут баар-суох соҕотох “Мүрү саһарҕата” хаһыатын редакциятын өҥөтө, оруола улахан. Бу сүрдээх үлэһит, айым­ньылаах тэрилтэ сала­йааччытыгар Наталья Гаврильевна Поповаҕа уонна бары үлэһиттэригэр истиҥник махтанабын, дьоҕурдарыгар сүгүрүйэбин”, – диэн айар талааннаах, сала­йар дьоҕурдаах, үлэни, оҕо иитии­тин үрдүктүк тута сылдьар педагог Светлана Бурцева үтүө тылыгар харда махталы этэн туран, олоҕун өссө үрдүк кыайыыларынан туолан истин, айар аартыгын өрүү аһаҕас, ситиһиилээх буоллун диэн баҕарабыт.

Мария Готовцева, реабилитационнай киин отделын сэбиэдиссэйэ:

– Светлана Михайловна биһиги тэрилтэбитигэр саамай тутаах сүбэһиппит. Кини холку майгылаах, үгүс билиилээх, педагогическай уопуттаах, салайар үлэҕэ өр кэмҥэ үлэлии сылдьар бастыҥ настаабынньыкпыт буолар. Светлана Михайловна ис-иһиттэн култууралаах, киэҥ көҕүстээх, ханнык баҕарар боппуруоска сүбэ-ама буолар, көмөлөһөр. Кини дэгиттэр талааннаах суруйааччы, суруналыыс, хомоҕой хо­һоонньут, үгүс кинигэ, хомуурунньук ааптара.

Дьиҥнээх патриот быһыытынан саха тылын үйэтитиигэ, оҕо тө­рөө­бүт тылын-өһүн би­лэрин туһугар өбүгэбит сиэ­рин-туомун күннээҕи олоххутугар тутта, үлэҕитигэр киллэрэ сылдьыҥ диэн куруутун сүбэ­лиир, ирдиир. Оҕо олох араас очурдарыгар оҕус­тарбакка киһи быһыытынан сөптөөхтүк иитил­лэн тахсарыгар, олоххо миэстэтин буларыгар иитии сүрүн соругунан норуот педагогикатын туһанабыт. Маныаха Светлана Михайловна иитии үлэтин сис­тиэ­мэлээбит, сааһылаабыт сүҥкэн оруол­лааҕын бэлиэтиибит. Саҥалыы кө­рүүлээх буолан үлэбитигэр араас технологиялары, сонун сүүрээннэри киллэрэрбитин өрүү ирдиир. Кини хас даҕаны проектнай-грант кыайыы­лааҕа буолан, тэрилтэбит ма­те­риальнай баазата хаҥыырыгар киэҥ үлэни ыытар.

Светлана Михайловнаны кытары оҕону иитиигэ, ыара­хан балаһыанньаҕа түбэс­пит дьиэ кэргэни кытары уустук үлэҕэ бииргэ сылдьыбыппыт хаһыс да сыла. Мин киниттэн элбэххэ үөрэнэбин. Бииргэ алтыһан, уопсай тылы булан үлэлии сылдьарбыттан астынабын, киэн туттабын.

Екатерина Захарова

Читайте дальше