Сыырдаахха киинтэн ититиини, тыа хаһаайыстыбатыгар өйөбүл туруктаах буоларын туруорсаллар

Ханна да буоларын курдук манна чааһынай дьиэлэри киинтэн ититиигэ үлэ түргэтииригэр баҕаларын биллэрдилэр. Бөһүөлэк ыалларын 90%-на билигин даҕаны мас кэрдэн, оһох оттон олороллорун сытыы кыһалҕа быһыытынан эттилэр. Билиҥҥи туругунан, бөһүөлэк арҕаа уһугар саҥа хочуолунай тутулуннаҕына уонна билигин үлэлии турар хочуолунайдар күүһүрдүллэн биэрдэхтэринэ эрэ бөһүөлэк толору ититиигэ холбонуон сөп диэн туран, анал бырагыраамаларга киллэрэри туруорустулар.

Бэрт Ууһун нэһилиэгэ улууска тыа хаһаайыстыбатынан күүскэ дьарыктанар нэһилиэгинэн биллэр. Элбэх бааһынай хаһаайыстыбата баар. Ол да иһин тыа хаһаайыстыбатыгар өйөбүл ситэтэ суоҕун, ону хайдах туоратарга санааларын үллэһиннилэр. Ол курдук, дойдуга балаһыанньа уустугуран эрэринэн, бурдугу бэйэбит үүннэрэн аһыыр кэмнэрбит кэлиэхтэрин сөбүнэн баар уонна урукку бааһыналары таҥастааһыҥҥа улахан болҕомто ууруллуохтааҕын эттилэр. Сэлээркэ сыаната сыллата ыараан иһэринэн, сири кытта үлэлэһиигэ гектарыгар сэлээркэ биэрэр ордук көдьүүстээх буолуон сөбүн эттилэр. Маны бырабыыталыстыба бөлөҕө сэргээн тустаах министиэристибэ үөрэтэн көрөрүгэр этии киллэриэхпит диэтилэр.

Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр ыанньыксыт уонна сылгыһыт 20 сыл үлэлээбит ыстаастаах буоллахтарына социальнай пособие ылаллар. Сыырдаахтар бу боппуруоска мунааралларын уонна туруорсан көрөллөрүгэр хоруй суоҕун эттилэр. Ол курдук, 20 сыл бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлээн баран, тоҕо социальнай пособиеҕа хапсыбаттарыттан мунаараллар. «Дьиҥэр, биһиги бу тухары ынахпытын бэйэбит ыан, сылгыбытын бэйэбит көрөн кэллибит», – дэһэллэр. Ол төрүөтэ диэн – кинилэр бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта диэн билиниллэллэр эбит. Онон маны  Ил Түмэн дьокутааттарыгар туруорсарга сүбэлээтилэр.

Афанасий Сектяев

Читайте дальше