Найахыга уус-уран ааҕыыга кырачааннартан саҕалаан бука бары кытыннылар

Найахы сынньалаҥ киинин уонна олохтоох модельнай бибилэтиэкэ тэрийиилэринэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылларынан «Төрүт сахам тыла» уус-уран ааҕыы күрэһэ буолан ааста.

Тэрээһин «Уолан» уус-уран ааҕыы бөлөҕүн уолаттарын толоруутугар «Сахам тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин!» композицияларынан, Афанасий Новоприезжай Сайа тылларыгар «Төннө туруом дойдубар» ырыатынан өрө көтөҕүллүүлээхтик арылынна.

Күрэскэ уһуйаан иитиллээччилэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ, биирдиилээн улахан дьон, дьиэ кэргэттэр кыттыыны ыллылар.

Күрэс балаһыанньатын быһыытынан кыттааччылар Найахы модельнай бибилэтиэкэтин иһинэн үлэлиир «Айар кут» түмсүү олохтоох автордарын хоһооннорун ааҕан күөн-көрүстүлэр. Ол курдук, Иван Гуляев, Розалия Исакова, Светлана Константинова, Анна Никифорова, Варвара Гуляева, Марфа Федорова норуокка анаан айбыт истиҥ ис хоһоонноох айымньылара үрдүк сыанаттан иһилиннилэр.

Күрэс түмүгүнэн кыайыылаахтарга анал бириис, үрдэл суруктара, бары кыттыылаахтарга туоһу суруктар туттарылыннылар.

Бирииһи олохтоох дьаһалта, сынньалаҥ киин, оскуола, уһуйаан коллективтара, модельнай библиотека, түмсүүлэр олохтоотулар.

Анисия Гаврильева, сыньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта

Читайте дальше