Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын гранын ылбыт «Балыктаах» уопсастыбаннай тэрилтэ уонна нэһилиэк олохтоохторун «Знать, чтобы помнить» бырайыактарынан 1941 сыллаахха биир дойдулаахтарбыт Аҕа дойду көмүскэлигэр аттаммыт ытык сирбитин – «Саллаат аартыгын саҥардыы үлэтэ саҕаламмыта.
Нэһилиэк тэрилтэлэрин эр дьоно эргэ оҥоһуктары көтүрэн, хомуйан, саҥалыы күрүөлээтилэр. Бу күннэргэ мэҥэ таас турар сирин цеменинэн кутан, тулатыгар мас олордуохтара, ыччат, кэрэ аҥаардар ыраастаан, кырааскалаан быйыл оҥоһуллар үлэтин түмүктүөхпүт.
Ити курдук Кыайыы 79 сылын көрсө ытык сирбит ситэриллиэҕэ.
Светлана Петрова, уопсас. кэрэсп., Найахы