Найахы хорун кытта эт саастыы Станислав Луковцев

Бу субуотаҕа үтүөкэн үлэһит, ыллам ырыаһыт дьонноох Найахыга бэлиэ тэрээһин, үөрүү өрөгөйө буолаары турар. С.Г. Васильев аатынан Найахы народнай хора төрүттэммитэ 60 сылын, «Найахы нэһилиэгэ» кинигэ III-IV томнарын сүрэхтэниитин, нэһилиэк историятын үөрэтээччи, үйэтитээччи, Найахы народнай хорун музейын төрүттээччи, РСФСР үтүөлээх учуутала, нэһилиэк баһылыгынан айымньылаахтык үлэлээбит Мария Винокурова 80 сааһын бэлиэтээһин ыытыллар.

60 сыл диэн эттэххэ дөбөҥ. Бу кэм устата төһөлөөх элбэх киһи аатырбыт Найахы хоругар ыллаан, үлэлээн ааспыта буолуой. 80-нус сылларга хор аккомпаниаторынан Станислав Луковцев үлэлээбитэ. Станислав Николаевичка бэрт ураты сыл ааһан эрэр. Ол курдук, сыл саҕаланыытыгар бэйэтин 60 сааһын, аны сыл бүтүүтүгэр үлэлээбит, күн бүгүнүгэр диэри алтыһар, билсэр Найахы хора төрүттэммитэ 60 сылын бэлиэтиир. Быйыл «Дани Алмас» кинигэ кыһатыгар «Аҕа алгыһынан айар үлэ аартыгынан» диэн Эльвира Семенова–Сэргэ кыыһа Тускулаана хомуйан оҥорон, бэлэмнээн таһаартарбыт кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. Эльвира Николаевна Ньурба улууһун коллекционердарын түмсүүтүн салайааччыта буоларынан да буолуо, кинигэҕэ Станислав Николаевич коллекционер быһыытынан үлэтэ дьон ахтыыларыттан түмүллэн киэҥник сырдатыллыбыт. Кинигэ V түһүмэҕэр Станислав Луковцев айан, кынаттаан көтүппүт 30 ырыата ноталаах киирбит. Бу мелодист быһыытынан айбыт ырыаларын аҥаарын эрэ кэриҥэ тиһиллибит. Балартан «Азия оҕолоро», «Дойдум миэнэ Уус Алдан», «Оо, кыргыттар барахсаттар», «Сэттэ кут туруйа», «Саҥа дьыл алгыһа», о.д.а. дьон-сэргэ сөбүлээн ыллыыр, истэр ырыаларын кинигэҕэ булан көрүөҥ.

Кинигэҕэ киирбит ахтыылартан уонна Станислав Николаевич Найахы хоругар үлэтин туһунан кэпсээбитин мантан салгыы ааҕан билсиэҥ диэн эрэнэбин:

– Найахы хоругар 1982 с. культпросвет училищеҕа үөрэнэ сылдьан аккомпаниатор быһыытынан быраактыкабын барбытым. Хормейстерынан Светлана Гоголева үлэлии сылдьара. Москваҕа ыытыллыахтаах Саха сирин күннэригэр кыттаары бэлэм үөһүгэр сылдьаллара. Үлэнэн оргуйа сылдьан Майаҕа буолбут хор көрүүтүгэр 19 эрэ саастаах уол концертмейстердаабыппын умнубаппын. Ол сыл сайын Найахылары Москваттан төннөн кэлиилэрин Маҥан аэпордугар Александр Поповтуун көрсүбүппүт, үөрүү-көтүү өрөгөйө онно этэ. Ол көрсүһүүгэ Москваҕа кэнсиэргэ кыттыбыт программа буклетын «Үөрэххин бүтэрдэххинэ, хайаан да Найахыга үлэлии кэлэҕин» диэн суруктаан хор кыттыылаахтара автографтаан биэрбиттэрэ өйдөбүнньүк буолан сылдьар.

1982 сыл ахсынньы бүтэһик күнүгэр үөрэхпин кыһыл дипломунан түмүктээн 1983 сыл олунньу ыйтан Найахы хорун аны 20 сыллаах үбүлүөйүгэр бэлэм үгэнигэр буола түспүтүм. 100 киһи кыттыылаах үбүлүөй кэнсиэрэ үрдүк таһымҥа ааспыта. Хормейстербытыгар Светлана Гоголеваҕа «Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ» аат иҥэриллибитэ. Ол кэмҥэ хор тутаах ырыаһыттарынан Андрей Ушницкай, Сидор Сивцев, Федор Петров, о.д.а. этилэр. 1984-88 сс. Улан Удэҕэ институкка үөрэхпин үрдэтиммитим. Онтон кэлиибэр аны хорбут 25 сылынан үлэ күөстүү оргуйа турара. 1990 сылтан Бороҕоҥҥо оҕо музыкальнай оскуолатыгар үлэлээтэрбин да, Найахы хоругар араас куонкурустарга бэлэмнэригэр кыаҕым тиийэринэн көмөлөһөн кэллим. Үлэбин саҕалаабыт, ыал буолбут сирбин Найахыны күндүтүк саныыбын. Сайын аайы оттуу, сир астыы тиийэбит.

Найахы хоругар бииргэ үлэлээбит Елизавета Рожина ахтыытыттан (кинигэ 63-65 стр.):

– Урут ырыа, үҥкүү барыта байаанынан барара. Байааны былдьаһан биир айдаан буолара. Стасигы икки өттүттэн хайа тарда сыһарбыт. Онтон аны программа оҥоһуутугар биир туһунан мөккүөр буолара, Стасикпыт эмиэ үргүлдьүттэн үргүлдьү түбэһэрэ. Нэһиилэ тональноһын ыйан эрэ биэрэрбит. Урукку кэнсиэртэргэ хор хайаан да аччаабыта 3 ырыаны толороро. Ону таһынан бэтэрээннэр хордара туһунан буолара.

Хор ырыаһыта Федор Петров ахтыытыттан (65-67 стр.):

– Бэйэтэ үгүс өрүттээх үлэлээх, дьарыктаах да буоллар, Станислав Николаевич Найахы хорун кэнсиэрдэригэр, куонкурустарга, көрүүлэргэ, 2013 с. Санкт-Петербурга, 2016 с. Хабаровскайга тиийэ биһиги хорбутун доҕуһуоллуур, ситиһиилэргэ, кыайыыларга үтүөтэ, көмөтө баһаам элбэх, ааҕан сиппэккин.

СӨ култууратын туйгуна, «Барҕарыы» фонда стипендиата, Уус Алдан улууһун, Найахы, Мүрү нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, биллиилээх коллекционер, мелодист, 70-ча ырыа, ол иһигэр өрөгөй ырыаларын ааптара, «Ырыа ыллыгынан» (2008), «Сырдык үөрүү» (2014) ырыанньыктар ааптара, СӨ Ил Дарханын Гранын икки төгүллээх кыайыылааҕа (2013, 2015) Станислав Луковцев олоҕун 60 сылын сэргэ Найахы народнай хорун 60 сылын үөрэн-көтөн үлэ үлүскэнигэр көрүстэ. Бу буоллаҕа үлэттэн дьоллонуу, үлэ киһитэ диэн ааттаныы, дьон сөҕүрүйбэт махталын ылыы.

Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

Читайте дальше