Улууспут килбэйэр киинигэр элбэх хайысхалаах успуорт дыбарыаһа үлэҕэ киирэн турара көрүөххэ үчүгэйин! Улуустааҕы оҕо успуорт оскуолатын үлэһиттэриттэн эбийиэк туһунан санааларын истиэххэ:
Марина Захарова,
волейбол тириэньэрэ:
– Маннык баараҕай успуорт дыбарыаһа тутуллан үлэҕэ киирбитэ успуорт үлэһиттэригэр, спортсменнарга улахан долгутуулаах түгэн, ситиһии буолар. Ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир, преподавателлар үлэлииллэригэр анал кэбиниэттэрдээх, сүүрүү, ыстаныы манеһа, араас инвентарь, оҕунан уонна саанан ытар тирдаах, аэробика, саахымат, теннис саалалардаах, футбол, волейбол былаһааккалардаах, ону таһынан, саҥа скалолазание успуорт көрүҥүн инвентара, онно анаммыт муннук тэриллибитэ барыбытын үөрдэр. Мантан инньэ успуорт араас көрүҥэр уонна бэйэм сөбүлүүр успуордум – волейболга өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэр буолуохтара, дойдубут дьонун-сэргэтин ситиһиилэрбитинэн, кыайыыларбытынан үөрдэ-көтүтэ туруохпут диэн эрэнэбит.
Иннокентий Колодезников,
сүүрүү тириэньэрэ:
– Саҥа успуорт дыбарыаһа олус үчүгэй. Эбийиэк иһигэр эрэһиинэ доруоскалаах сүүрүү манеһа баар буолла. Ол иһин, оҕолор кыһыннары сүүрүүгэ анал атах таҥастаах дьарыктаналлара үөрдэр. Сүүрүүгэ икки манежтаахпыт, аллара этээскэ 100 м уонна иккис этээскэ таҕыстаххына 200 м уһуннаах доруоскалаах. Саунаттан саҕалаан, медицинскэй кэбиниэттэрдээх, таҥас уларыттар киэҥ хостордоох, ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйданан оҥоһуллубута киһи эрэ дьарыктаныах эбийиэгэ буолла. Оҕолорбут дьарыктанан, инникитин улууспутуттан үрдүк чыпчааллары дабайар спортсменнар тахсыахтара диэн эрэлбит улахан.
Ольга Куличкина,
оҕунан ытыы тириэньэрэ:
– Үлэлээбитим ахсыс сылыгар барда. От ыйын бүтүүтүттэн спортивнай оскуола үлэһиттэрэ бары саҥа саалабыт үлэҕэ киирэригэр көмөлөһөн илии-атах буолан, сууйуу-сотуу өттүгэр үлэлэспиппит. Оҕунан ытыыга дьарыктанар хоспут киэҥ-куоҥ, бу успуорт көрүҥэр бары ирдэбиллэригэр олоҕуран оҥоһуллубута үөрдэр. Туттуллар малы-салы, кичэйэн уурар сиригэр тиийэ толкуйдаммыт. Онон улууспутугар оҕунан ытыы көрүҥэ сайдар кэскиллэннэ. Улууспутугар үүнэр кэскилбит сайдарыгар сүүнэ эбийиэк тутуллубутуттан олус үөрэбит.
Михаил Ушницкай, саахымат тириэньэрэ:
– 70-с-80-с сылларга Татьяна Черноградская, Анатолий Заболоцкай, Прокопий Харитонов курдук чулуу сүүрүүктэрдээх, кэнники сылларга Иван Белолюбскай, Евгений Алексеев курдук күүстээх, сылбырҕа дьонноох буоллахпыт. Саахымат тириэньэрэ буоларым быһыытынан, дыбарыаска саахымат хоһо баарыттан үөрэбин, Василий Васильев, Ньургуйаана Баишева, Евдокия Избекова курдук чулуу саахымаччыттар үүнэн-сайдан тахсыахтарыгар эрэлбит улахан.
Мария Аргунова