Лөгөй нэһилиэгэр Кэптэнигэ Олоҥхо күнүн бэлиэтиир тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн норуот уус-уран айымньыларын толорууга түөлбэлэринэн күөн-көрүстүлэр.
Тэрээһини «Үгэс уонна утум» диэн ааттаан оҕолуун, улахан дьоннуун барыта 100-чэкэ киһи кыттан фольклор көрүҥнэринэн кыайыылаахтары быһаардылар.
Ол курдук олоҥхо ньыматынан түөлбэни билиһиннэриигэ бастыҥ хоһуйуу иһин «Саһарҕа» түөлбэни бэлиэтээтилэр. Тойукка эмиэ бу түөлбэттэн Валентина Тищенко толоруутун биһирээтилэр, чабырҕахха «Сарыал» түөлбэттэн Янис Сысолятин бастыҥ дэттэ, оттон олоҥхо персонажтарын ырыаларын-тойуктарын толорууга эмиэ «сарыаллартан» Ваня Колодезников баһыйтарбата. Норуот ырыаларын бөлөҕүнэн толорууга «Сардаҥа» түөлбэ фольклорнай бөлөҕө бастаата, оһуохайга «Сардаҥаттан» Варвара Федорова бастыҥ буолла.
Онон уопсай түмүккэ Чыпчаал аат «Сардаҥа» түөлбэҕэ ананна.
Диана Седалищева