«Якутскэнерго» ПАУо Киин электрическэй ситимнэрин Бороҕоннооҕу РЭС тэрилтэтин (нач. Николай Седалищев) 69 үлэһитин идэлээх күннэринэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит уонна түбүктээх үлэлэригэр ситиһиини баҕарабыт, махталбытын тиэрдэбит. Идэлээх күн сыл бүтүүтэ – ахсынньы 22 күнүгэр бэлиэтэнэр буолан, оруобуна сыллааҕы үлэни-хамнаһы үмүрүтэр, отчуоттуур, кэлэр сылга соруктары туруорунар кэмҥэ сөп түбэһэр. Биллэрин курдук, быйылгы дьылга улуус уотун ситимигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытыллан, үгүс саҥардыы үлэтэ барда.
Маныаха бу тэрилтэ кылаабынай инженерэ Ариан Гоголев ааһан эрэр 2023 сылга туох үлэ ыытыллыбытын туһунан сиһилии билиһиннэрдэ:
– Ариан Афанасьевич, быйыл улууспут уотун хаһаайыстыбатыгар ыытыллыбыт хапытаалынай өрөмүөҥҥэ туох үлэлэр ыытылыннылар?
– Уот ситимигэр хапытаалынай үлэ сыллата ыытыллар. Ордук сайыҥҥы ыйдарга күүскэ үлэлиибит. Быйылгы былааммытын толордубут. Ол курдук 35/110 кВ күүрүүлээх уот ситимнэригэр учаастактарынан өрөмүөн барда: Майа – Бороҕон 110 кВ күүрүлээх уот ситимигэр икки промежуточнай тирэҕи уларыттыбыт; 35 кВ күүрүүлээх ситимҥэ Бороҕон – Төҥүлү хайысхаҕа чиҥэтии, Л-61 Бороҕон – Кэптэни, Л-61Д Кэптэни – Дүпсүн, Л-62 Дүпсүн – Балыктаах, Л-65 Танда – Бээрийэ ситимнэргэ А, П быһыылаах икки тирэх уонна 37 икки ардынааҕы (промежуточнай) тирэхтэри уларыттыбыт. Ону таһынан Бороҕон – Кэптэни, Танда – Бээрийэ учаастактарыгар уот ситимин трассатын бүөлүү үүммүт барыта 5,76 гаа иэннээх сиргэ оту-маһы ыраастаатыбыт.
– 0,4/6/10 кВ күүрүүлээх распределительнай ситимҥэ өрөмүөн оҥоһуллубутун билэбит. Бу үлэ ханнык нэһилиэктэргэ ыытылынна?
– Тулуна бөһүөлэгэр 0,4 кВ күүрүүлээх уот ситимигэр 271 тирэҕи уларыттыбыт. Бу ситимҥэ 13,65 км усталаах АС маркалаах (голый) проводы СИП проводка уларыттыбыт. Итиэннэ олохтоохторго кутталы үөскэппэт туһуттан 10/0,4кВ күүрүүлээх үс КТП фундаменын уларыттыбыт. Бу бөһүөлэккэ эргэ тирэхтэри уонна проводтары уларытыыга үлэ өссө да салгыы ыытыллыаҕа. Маны тэҥэ 10 кВ күүрүүлээх Л-Матта (Окоемовкаттан Уус Күөлүгэр диэри) үрдүк күүрүүлээх уот ситимигэр 21 устуука икки ардынааҕы уонна 17 анкернай тирэхтэр уларыйдылар. Ситими бөҕөргөтөн, 11,2 км АС проводы СИП проводка көһөрдүбүт. Ону таһынан 10 кВ күүрүүлээх Л-Эһэлээх ситимҥэ Дүпсүн 35/10 кВ-таах подстанциятыттан саҕалаан 15 гааҕа үүммүт от-мас ыраастанна. Маннык үлэ Л-Бээрийэ ситимигэр Тандаттан кэлиигэ 9,94 гаа сиргэ эмиэ ыытылынна. Эһиилги үлэ соруктара биллэллэр. Онон өрөмүөн үлэтэ былаан быһыытынан оҥоһуллан иһиэҕэ.
– Хоруйуҥ иһин махтанабын. Уот ситимин эппиэтинэстээх үлэтигэр ситиһиини баҕарабыт, махталбытын тиэрдэбит.
Ольга Шепелева