Бороҕоннооҕу РЭС быйылгы хапытаалынай өрөмүөнүн улахан өттүн түмүктээтэ

Бороҕоннооҕу РЭС 110 кВ күүрүүлээх Майа – Бороҕон магистральнай уот ситимигэр хапытаалынай өрөмүөн үлэтин ыытта. Биллэрин курдук, бу ситим Уус Алдан улууһун барытын уонна Нам улууһун өрүс бэтэрээ өттүнээҕи нэһилиэнньэлээх пууннарын уонна Мэҥэ Хаҥалас сорох бөһүөлэктэрин электричество уотунан хааччыйар.

«Ол курдук Бороҕоннооҕу РЭС персонала П курдук быһыылаах биир тирэҕи таһаарда уонна уларытта, ону таһынан 2,4 км учаастакка проводы тарта уонна вибрацияны намтатар тэриллэри туоруорда, изолятордары уларытта», – диэн “Якутскэнерго” ПАУо Киин электрическэй ситимнэрин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Итини таһынан энергетиктэр улуус иһигэр улахан үлэ оҥоһуллубутун бэлиэтииллэр. Ол курдук, 35 кВ күүрүүлээх отпайкалардаах “Бороҕон – Төҥүлү” уот ситимиин үс учаастагын өрөмүөннээтилэр. Манна 21 устуука П курдук тирэх уларыйда, 13 км усталаах провод тардылынна уонна 120 виброгаситель туруорулунна, 60 изолятор уларытылынна.

Бу ситим Сыырдаах, Арыылаах, Бэйдиҥэ, Окоемовка, Уус Күөлүн, Балаҕаннаах, Тумул, Саһылыкаан, Суотту, Арыы Тиит бөһүөлэктэрин, Мэҥэ Хаҥалас Матта уонна Дойду, Нам улууһун 2-с Хомустаах бөһүөлэктэрин электроуотунан хааччыйар. Манна өссө технологическай кэһиилэр тахсыбаттарын туһугар 10 кВ күүрүүлээх Л-Бээрийэ уонна Л-Эһэлээх ситимнэргэ уопсайа 25 га просека ыраастанна.

Итини таһынан 35 кВ күүрүүлээх “Бороҕон – Кэптэни”, “Кэптэни – Дүпсүн”, “Дүпсүн – Балыктаах” уот ситимнэригэр өрөмүөн ыытыллан, Кэптэни, Даалы, Элэһин, Биэттэ, Уһун Күөл, Дүпсүн, Бээди, Чэриктэй, Остуойка, Балыктаах, Дыгдаал уонна Нам улууһун Көбөкөн, Арбын, Фрунзе бөһүөлэктэрин уотунан хааччыйыыга улахан үлэ барда. Оттон 10 кВ күүрүүлээх Матта уот ситимигэр “Чирэпчи – Окоемовка” учаастакка 21 көннөрү тирэх, тимир-бетон приставкалаах 7 анкер тирэх уонна 11 км тимир провод СИП проводка уларыйдылар.

Билигин Тулуна бөһүөлэгэр 0,4 кВ күүрүүлээх уот ситимин өрөмүөннүүр үлэ ыытылла турар. Манна хапытаалынай өрөмүөн бырагырааматынан 11 ситимҥэ тимир-бетон приставкалаах тирэхтэри уларытыы уонна 13 км тимир проводы СИП проводка уларыталлар.

Быйыл сыл саҕаланыаҕыттан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри Бороҕоннооҕу РЭС персонала уопсайа 85 эбийиэги электроситимҥэ холбообут. Ону таһынан Бороҕоҥҥо саҥа спортивнай комплекс тутуллан, ону уотунан хааччыйарга 10/0,4 кВ күүрүүлээх “Школа-1” подстанцияны үлэҕэ киллэрдэ.

Читайте дальше