Бороҕоннооҕу РЭС үлэһиттэрэ күүстээх тыалтан эмсэҕэлээбит уот ситимнэрин чөлүгэр түһэриигэ бэҕэһээттэн тохтоло суох үлэлии сылдьаллар
Ол курдук күүстээх тыал-куус, ардах кэмигэр киин уонна илин эҥээр улуустарыгар элбэх саахал таҕыста, Уус Алдан улууһугар эмиэ билигин 9 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа уот суох.
Онуоха Бороҕоннооҕу РЭС персонала хас биирдии нэһилиэккэ туох ханнык алдьаныы, саахал тахсыбытын быһааран, өрөмүөн графигын оҥорон үлэни ыытар. Бу үлэҕэ 28 үлэһит, 10 тиэхиньикэ кыттар.
Бороҕоннооҕу РЭС начаалынньыга Николай Седалищев быһаарбытынан, графигы оҥорууга, бастатан туран, ханнык суолталаах линияҕа саахал тахсыбыта учуоттанар. «Холобур, 10 кВ күүрүүлээх хас да нэһилиэнньэлээх пууну уотунан хааччыйар магистральнай уот ситимигэр саахалы бөһүөлэк иһинээҕи 0,4 кВ күүрүүлээх ситимнэр иннилэринэ туоратыллар. Онон улуус олохтоохторуттан тулуурдаах буолалларыгар көрдөһөбүт, саахалы төһө кыалларынан түргэнник туоратарга үлэ бара турар», – диэтэ.