Ахсынньы 22 күнэ Россия үрдүнэн энергетика эйгэтин бары үлэһиттэрин идэлээх күннэрэ. Бу күн улууспут олоҕун-дьаһаҕын хорук тымырын кэриэтэ сүрүн ситимин тутааччылары, сырдыгы-сылааһы хааччыйааччылары эҕэрдэлиир тоҕоостоох күммүт.
Үлэтин ис сүрэҕиттэн сөбүлүүр киһи биир идэҕэ уһуннук үлэлиирэ саарбахтаммат. РЭС үлэһитэ сайын уот куйааска, кыһын аан-даам тымныыга, ардаҕы, тыалы-кууһу аннынан улуус олохтоохторун хас биирдии дьиэтигэр уот сандаарарын, араас үлэ-хамнас хаамыыта атахтамматын туһугар бары күүһүн-уоҕун, кыһамньытын ууран туран үлэлиир туруу киһи.
Улууспут электрическэй ситимин биир уопуттаах үлэһитэ Андрей Ховров Бороҕоннооҕу РЭС тэрилтэтигэр 25-с сылын эҥкилэ суох бэриниилээхтик үлэлиир. Кини 1989 сыллаахха Сэбиэскэй аармыйаҕа сулууспалаан кэлээт Улан-Удэҕа Иволгинскай селхозтехникумҥа электрик-техник идэтигэр киирбитэ, 1992 сылга ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Үлэтин дуогабардаах тэрилтэтигэр Курбуһах нэһилиэгин “Сардаҥа” сопхуоһугар 1992 сыллаахха саҕалаан сопхуос ыһыллыытыгар 1998 сыллаахха тохтообута. Ити сыл Бороҕоҥҥо көһөн Бороҕоннооҕу РЭС-кэ электригинэн киирбитэ уонна күн бүгүҥҥэ диэри илиитин араарбакка үлэлии сылдьар.
“2012 сыллаахха распределительнай ситим маастара буолбутум. Бастаан 0,4/10 кВ күүрүүлээх ситими көрөр этим. 2015 сылтан 35/110 кВ күүрүүлээх уот ситимин маастарыгар көспүтүм. Этэҥҥэ үлэлии сылдьабыт. Сыл ахсын ылыммыт былааммытын этэҥҥэ толоробут. Остуолбалар саҥардыллар үлэлэрин ыыттыбыт. Быйылгы хапытаалынай өрөмүөммүт түмүгүнэн ситиммит үгүс өттө оҥоһулунна диэн үөрэ сылдьабыт”, – диэн Андрей Андреевич сахалыы сэмэйдик кэпсиир.
Андрей Ховров быйыл үлэлээбитэ 25 сылын тэҥэ 55 сааһын туолбут бэлиэ сыла эбит. Онон уот ситимин уопуттаах үлэһитин икки төгүл бэлиэ кэмнээх сылынан ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит.
Ольга Шепелева