Кэптэни соҕотох олорор эбэлэрэ урбаанньыт Владимир Стрекаловскайга махталларын тиэрдэллэр

Кэптэни бөһүөлэгэр «Сардаана» маҕаһыыннаах «Сыырдаахтааҕы» ХЭТ дириэктэрэ Владимир Стрекаловскай «Аал Уот»бэтэрээннэр түмсүүлэрин куруук өйүүр. Бу күннэргэ Сааһырбыттар декадаларынан соҕотох эбэлэргэ бырааһынньыктыылларыгар «Дойдум аһа» бородууксуйанан соһуччу бэлэхтэри оҥорон олус үөртэ, соһутта.

Ити туһунан Александра Никитина: «Күһүн эт ас кырыымчык кэмигэр Владимир Владимирович бу курдук болҕомтотун уурбутуттан соһуйан эрэ хааллым. Мин бөһүөлэк киинигэр кини үлэлэтэр «Сардаана» маҕаһыыныттан өрүү араас ас-үөл, күннээҕи туттар табаары атыылаһабын. Сардаана Борисова сэбиэдиссэйдээх маҕаһыын куруук ырааһа, бородуукта өйдөнүмтүөтүк сааһыланан турара, үлэһиттэр атыылаһааччылары хааччыйыыларын култуурата үрдүгэ миигин өрүү үөрдэр», – диир уонна таарыйа кэлэктиипкэ махталын тиэрдэр.

Оттон Мария Татаринова: «Владимир Стрекаловскай курдук салайааччылар баар буоланнар, кырдьар сааспытыгар үөрүүбүт үксүүр, үйэбит уһуур, олох сайдар», – диэн этиитигэр толору сөбүлэстим. Кырдьык, кыра биэнсийэлээх соҕотох эбэлэргэ олус үөрүүлээх буоллаҕа. Ону сэргэ Агафья Перевалова ааспыт сылга маннык декада кэмигэр библиотекаҕа буолбут тэрээһиҥҥэ эмиэ Владимир Владимирович спонсорствотынан араас суол бородуукта бириистэн тиксэн үөрбүтүн бэлиэтиир.

Ульяна Бурнашева, уопсас. кэрэсп. 

Читайте дальше