Бэйдиҥэ бөһүөлэгэр Саина, Сергей Григорьевтар диэн тулаайах оҕолору иитэр дьиэ кэргэн баарын туһунан хаста даҕаны хаһыакка, тэлэбиидэнньэҕэ сырдатыллан турар. Улууспутугар Григорьевтар курдук үгүс оҕоҕо дьоллоох ньээкэ уйа буолбут дьиэ кэргэн суоҕун тэҥэ. Кинилэр 2013 сылтан тулаайах оҕолору иитэн, билигин бэйэлэрин оҕолорун кытары барыта 13 оҕолоохтор. Сорохтор улаатан дьиэлэриттэн тэлэһийэ сылдьаллар, сорохтор оскуола, оҕо саадын дьоно, онон быйыл Григорьевтар иһирэх ийэлэрин кытары Сайыыналыын дьиэ кэргэн ааспыт сылы туох ситиһиилээх түмүктээбитин, хайдах олороллорун туһунан кэпсэттибит.
– Оҕо иитэр баҕа санаам үөрэхпин бүтэрэн баран, тулаайах оҕолор дьиэлэригэр үлэлии сылдьан киирбитэ. Ол баҕа санаам кэргэн тахсан, бэйэм оҕоломмутум да кэнниттэн сүтэн, симэлийэн хаалбатаҕа. Хата кэргэним эмиэ оҕомсох, үтүө санаалаах киһи буолан, мин оҕо иитэ ылыахпын баҕарарбын өйдөөн уонна өйөөн, билигин оҕолору ииппиппит 11-с сылыгар барда. Билигин барыта 13 оҕолоохпут. Түөрт бэйэбит, тоҕус иитэр. Түөрт уол номнуо улахаттар. Үс уол армияттан кэлэн баран, үөрэнэ, үлэлии сылдьаллар. Улахан уол Сима АГАТУ экономист идэтигэр, Саша Омскайга үрдүк үөрэххэ үөрэнэр, Андрейбыт СВО-ҕа сылдьар, Олегпыт поварынан үлэлиир. Ааспыт күһүн икки кыра бииргэ төрөөбүт уолу Үөһээ Бүлүү детдомуттан ылбыппыт. Онон икки кыра оҕолоннубут. Билигин дьиэбитигэр 9 оҕолоохпут, 8 оҕо оскуолаҕа үөрэнэр, биир оҕо саадыгар сылдьар.
Сүөһүлээх-астаах буоламмыт, оҕолорбутун, биллэн турар, бэйэбитин кытары үлэҕэ илдьэ сылдьан көмөлөһүннэрэбит. Кыргыттар дьиэ үлэтин кыайа-хото туталлар. Уолаттар окко-маска аҕаларын кытары тэҥҥэ сылдьар, тыраахтары ыытыһар, оту оҕустарар, мустарар тутаах үлэһиттэр. Бары үлэҕэ саба түһэн, “мин-эн” дэспэккэ көмөлөөн үлэлииллэр. Хаһаайыстыбабытыгар 25 ыанар ынахтаахпыт, сайын аайы үүт туттаран эбии дохуоттанабыт. Улахаттар хотоҥҥо сылдьыһаллар, сайынын оҕолор бары ньирэй көрүүтүгэр, ынахтары дойканан ыаһан тэҥҥэ үлэлииллэр. Саастарынан көрөн бары тус эбээһинэстээхтэр. Маны тэҥэ бары бииргэ сир астыырбытын, тыаҕа сылдьарбытын олус сөбүлүүбүт. Саҥа дьылга оҕолорбут бары мустан биирдэ элбии түһэбит. Маннык түмсэрбититтэн олус үөрэбит.
Иитэр уонна бэйэбит оҕолорбут диэн хаһан да араарбаппыт, соннук бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ, сылаас сыһыаннаахтар. Кыра кыыспыт бастакы иитэ ылбыт уолаттарбытын бииргэ төрөөбүт убайдарым дии санаан улааппыта. Олег кэлэн Ньургуйаанабытын сиэтэ сылдьан хаамтара үөрэппитэ. Онон оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн элбэх оҕоҕо үөрэммиттэрэ. Билигин саҥа оҕолор кэллэхтэринэ, олус түргэнник ылыналлар, барыга бары, дьиэ эбээһинэһигэр, ис-тас үлэҕэ тута үөрэтэллэр. Уопсайынан, оҕо оҕоттон олус түргэнник үөрэнэр эбит. Онон биир дьиэ кэргэн буолан, эйэлээхтик, көмөлөсүһэн улааталларыттан үөрэбит.
Дьиэ кэргэнинэн улахан ситиһиибит диэн 2020 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьиэ кэргэн күрэҕэр «Тыа сирин ыала” номинацияҕа 3 миэстэ, 2022 сыллаахха «Иитэр дьиэ кэргэн» номинацияҕа 2 миэстэ буолбуппут. Ааспыт сылга өссө биир саамай умнуллубат, үтүө өйдөбүлбүтүнэн, Саҥа дьылбыт саҕана Россия федеральнай 1 каналыгар «Жизнь своих» биэриигэ уһуллубуппут буолар.
Оҕону иитэ ылыы диэн, кырдьык, киһи ылбычча санаммат улахан эппиэтинэстээх суола. Ол гынан баран, хас биирдии киһи бу олоххо туох эрэ аналлаах, сыаллаах-соруктаах кэлэр дии саныыбын. Ол иһин бэйэбин маннык улахан дьиэ кэргэни тутар, оҕолору тэҥҥэ таптыыр аналлаахпын, онуоха тулалыыр дьонум-сэргэм, айыыларым көмөлөһөн, санаабын салгыыллар, мындыр толкуйу биэрэллэр диэн халбаҥнаабат санаалахпын. Ол санаабынан, кэргэним өйөбүлүнэн уонна өбүгэлэрбит саҕаттан кэлбит, норуот педагогикатынан сирдэтэн, оҕону бэйэ холобурунан, үлэнэн иитиини тутуһабын. Маннык күннэтэ оҕолорбут ситиһиилэринэн кынаттанан, тыа дьонун сиэринэн үлэлээн-хамсаан, күммүт-дьылбыт биллибэккэ ааһар. Оҕолорбут биир-биир улаатан, борбуйдарын көтөҕөн бэйэлэрин суолларын тэлэллэр. Оттон онно биһиги төһүү, күүс-көмө, тирэх буолбут буоллахпытына, ол биһиги улахан дьолбут буолар.
Екатерина Захарова