Бүгүн “Олоҥхо дьиэтэ” төрүт үгэс киинигэр “Кэскил түһүлгэтэ” диэн эр дьону түмэр тэрээһин ыытылынна. Бу балачча киэҥ далааһыннаах тэрээһиҥҥэ улууспут бары нэһилиэктэриттэн 400-тэн тахса ыал аҕалара, эдэр уолаттар муһуннулар. Быйыл улууспутугар Аҕа сыла биллэриллэн турар. Ол иһин тэрээһин онно ананна. Сыала-соруга – ыал аҕатын оруолун үрдэтии, уопсастыбаҕа дьоһун миэстэҕэ турарын ситиһии.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улууспут баһылыга Василий Аммосов, РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутааттара Федот Тумусов, Петр Аммосов, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, өрөспүүбүлүкэ аҕаларын лигатын салайааччы Айхал Габышев, улууспут урукку баһылыга, өрөспүүбүлүкэ Ытык Сүбэтин чилиэнэ Иннокентий Бочкарев, о.д.а. кыттыыны ылан аҕа оруолун суолтатыгар, хайдах буолуохтааҕар бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Итинтэн сиэттэрэн бары нэһилиэктэргэ аҕа түмсүүтэ тэриллэригэр, ону баһылыктар салайалларыгар сүбэ этилиннэ.
Тэрээһин алгыһынан уонна сүр көтөҕүүтүнэн саҕаланна. Ону Николай Бурнашев – Чысхаан, Лэгиэн Лэгэнтэй ыыттылар. Ол түгэн мустубут эр дьон бары илиилэрин өрө уунан түөрт хайысхаҕа эргийэ сылдьан алгыс ыллылар, сүр көтөхтүлэр.
Эр дьон түһүлгэтэ Игнатий Слепцов таһаарыытыгар күргүөмнээх оһуохайынан түмүктэннэ.
Афанасий Сектяев