Чөмпүйүөн суоппар, туруу үлэһит, сылгыһыт

Кыра эрдэхтэринэ аҕалара олохтон туораан, тутах оҕо саастаммыт оҕолор барахсаттар олох кыһалҕатын, эрэйин-муҥун эрдэттэн билэ улааттахтара. Ол биир өттүнэн кинилэр бэйэлэрин көрүнэ, хара үлэни үлэлии, үтүөнү-мөкүнү араара үөрэнэллэригэр көмөлөспүтэ эрэбил. Билигин маннык дьылҕалаах дьон биһиги аттыбытыгар элбэхтэр. Кинилэр бу сирдээҕи олоххо бэйэлэрин аналларын булунан, суолларын бэйэлэрэ солонон, үлэҕэ да, үөрэххэ да, тус олохторугар даҕаны үтүө ситиһиилэрдээх буолааччылар… Мин бүгүн оҕо эрдэҕиттэн кыһалҕаны билэ улааппыт, эдэриттэн үлэни өрө туппут биир дойдулааҕым туһунан сырдатыахпын баҕарабын.

1-кы Хоро нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Кирилл Кириллович Кривошапкин 1949 сыллаахха сэтинньи 4 күнүгэр Байаҕантай нэһилиэгэр Тандаҕа холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Кирилл Иванович Кривошапкин аатырбыт Абаҕа сэриитин кыттыылааҕа, Субуруускай этэрээтин байыаһа буолан аатырбыт Ганя Старостины кытары бииргэ сэриилэспит. Кини бу хорсун хомсомуол тиһэх “Ураа” хаһыытын истибит, кини сырдык тыынын өстөөхтөртөн иэстэспит киһинэн биллэр эбит.

Ол туһунан 1974 сыллаахха нууччалыы тылынан тахсыбыт Н.С. Дмитриев «Красногалстучный бастион» кинигэтигэр маннык этиллибит:

“Вскоре пришло письмо от заведующего Тандинским музеем, заслуженного учителя школ РСФСР и ЯАССР Ивана Павловича Готовцева. В письме говорилось, что Кирилл Иванович Кривошапкин умер в июне прошлого года от тяжелой болезни. Перед самой смертью рассказывал много о себе. Упомянул и Абагинский бой, говорил, что был бойцом отряда Субурусского… Сам Кирилл Иванович до последних дней своих работал в колхозе. Такова была судьба человека, мстившего врагам за секретаря комсомольской ячейки Ганю Старостина”.

Өссө “Тумус туттар дьоммут. Кайдалов Ким Георгиевич” диэн атын сахалыы тахсыбыт кинигэҕэ “Умнуллубат хорсун быһыы (Абаҕа пионериятын 65 сыла)” диэн салааҕа

«Ганя Старостин: “Бандьыттар куоттулар. Ураа!”, диэн үөгүлээт ойон туран иһэн, эмискэ охтон түспүтэ. Аттыгар баар табаарыһа Кирилл Кривошапкин доҕоругар сүүрэн кэлэн төбөтүн көтөхпүтэ, киһитэ хайыы-үйэ өлбүт этэ. Кирилл кыһыытыгар-абатыгар куотан эрэр өстөөхтөрү харса суох ытыалаабыта. Халлаан лаппа сырдыыта өстөөхтөр Абаҕаттан чугуйбуттара…» –  диэн сурулла сылдьара буолбут чахчыны өссө бигэргэтэр.

Онон Кирилл Иванович сэдэх дьылҕалаах дьонтон биирдэстэрэ буолар эбит. Кирилл Иванович өлүөр диэри бэриниилээхтик холкуоска үлэлээбит киһинэн биллэр.

Ийэтэ Евдокия Романовна Калининская Хоро нэһилиэгин Нэлим Андросовтарыттан төрүттээх эбит. Кыракый Гриша уол оскуолаҕа киирэр сааһын ситэн, 1957 сыллаахха саастыылаахтарын кытары Танда оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 13 саастааҕар аҕалара уһун ыарахан ыарыыттан суох буолбутун кэннэ 1962 сыллаахха Чараҥҥа ийэлэрин төрүттэрин сиригэр көһөн кэлбиттэр. Уол эрдэ аҕата суох хаалан оскуола эрдэхтэн үлэҕэ эриллибит буолан, от-мас бэлэмин үлэтин билэ улааппыта.

Чугастыы Майаҕас оскуолатыгар үөрэҕин салҕаан 1967 сыллаахха бүтэрбит уонна үлэлии үөрүйэх уол тута тутууга үлэлии киирбит. Кини манна аҕа саастаах дьонтон тутуу үлэтин албастарыгар үөрэммит, араас ньымаларын баһылаабыт, үөрүйэхтэри иҥэриммит буолан кэлин даҕаны дьиэ тутуутугар ылсан үгүстүк үлэлэспит. Бу үлэҕэ үлэлии сылдьан 1969 сыллаахха күһүн Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспаҕа ыҥырыллыбыт. Кини Аҕа дойдутугар ытык иэһин толорон, Иркутскай уобалас иһинээҕи байыаннай чааска сулууспалыы сылдьан эҥкилэ суох бэриниилээх сулууспатын иһин байыаннай чаас хамандыырыттан грамота тутар чиэскэ тиксибит, дойдутугар уоппускаҕа кэлэн барбыт. Салгыы сулууспатын этэҥҥэ түмүктээн, дойдутугар эргиллэн кэлэн холкуоска үлэлии киирбит.

Билигин ол саҕанааҕы үлэтин туһунан Кирилл Кириллович бэйэтэ маннык ахтар:

“Дойдубар кэлэн үлэлии сылдьан, 1972 сыллаахха табаарыспын Василий Бурцевтыын иккиэн Дьокуускай куоракка автооскуолаҕа үөрэнэ барбыппыт. Иккиэн ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбиппит, төннөн кэлэн холкуоска суоппарынан үлэҕэ киирбиппит. Мин холкуос бэрэссэдээтэлин массыынатыгар суоппардаан саҕалаабытым, онтон Чараҥ оскуолатыгар көспүтүм. Ол саҕана оскуолаҕа дириэктэринэн Иван Афанасьевич Алексеев үлэлиир этэ. Кинилиин өйдөһөн 2 сыл устата оскуола күннээҕи кыһалҕатын быһаарыыга “ГАЗ-51” массыынаны сүүрдүбүтүм. Оччотооҕуга Мындаабаҕа баар “Сельхозтехника” диэн аатырбыт улахан тэрилтэҕэ техникаҕа сыһыаннаах элбэх киһи үлэлиирэ уонна ити тэрилтэҕэ үлэлии киирэргэ эр дьон олус дьулуһаллара. Мин эмиэ ол долгуҥҥа олорсон, 1975 с. үлэлии киирбитим. Манна тэрилтэ ыһыллыаҕар диэри араас мааркалаах массыыналарга суоппардаан таһаҕас, уотурба, уоҕурдуу, чох тиэйэрим.  Ыраах айаҥҥа командировкаланан элбэх сиринэн кэлбитим-барбытым, айаннаабытым. Бензовозка уһуннук үлэлээн уматык таспытым. Сүүрбэ үс сыл устата дьонтон хаалсыбатарбын ханнык диэн санаалаах тугу дьаһайалларынан бэйэм кыахпынан үлэлээбитим. Ол саҕана сэбиэскэй кэмҥэ биир күн өрөбүлэ суох үлэ бөҕө этэ. Бииргэ үлэлээбиттэрбиттэн эдэр өттө билигин бааллар, биирдэ эмэ көрүстэхпитинэ оччотооҕу кэммитин ахтан-санаан ааһабыт. 1998 с. өрүү баар буолуох курдук бөдөҥ тэрилтэ кэбирэх баҕайытык ыһыллан үгүс киһини аймаабыта. Ити кэмҥэ үксүбүтүн дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтигэр көһөрбүттэрэ. Тоҕо диэтэххэ, бу тэрилтэ ол ыһыллыбыт тэрилтэ оннугар киирэн үлэлээн барбыта. “КамАЗ” массыынаҕа суоппар наада буолан онно киирэн үлэлии сылдьан 2004 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсыбытым. Биэнсийэҕэ да тахсан баран манна 5 сыл харабыл үлэтигэр сылдьыбытым. Бу да үлэ бэйэтэ туһугар уустуктардаах, өйдөөн-дьүүллээн үлэлиири эрэйэр үлэ эбит этэ”.

Кэргэнэ Зоя Ивановна Кривошапкина (Бурцева) 1950 сыллаахха сэтинньи 30 күнүгэр Бороҕон сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэҥҥэ сэттис оҕонон күн сирин көрбүт. Аҕата Иван Иванович Бурцев холкуостар тэриллиэхтэриттэн 20-чэ сыл биригэдьиирдээн үлэ бөҕөтүн көрсүбүт киһи эбит. 1953 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар (БСНХБ) кыттар улахан чиэскэ тиксибитин билигин кини сыдьааннара киэн тутта кэпсииллэр. Ийэтэ Фекла Николаевна Бурцева Илин үрэх Тыаныкытыттан төрүттээх Ньукулаас Уус кыыһа. Кинилэр 1976 сыллаахха бииргэ олорбуттара 50 сыллаах кыһыл көмүс сыбаайбалара буолан, дьон өйүгэр-санаатыгар хаалан күн бүгүнүгэр диэри умнуллубакка ахтыллар эбит.

Эдэркээн Зоя кыыс 1968 сыллаахха Мүрү орто оскуолатын бүтэрэн баран оччотооҕу бачыымынан-хомсомуол этиитинэн “Маяк” холкуоска үлэлии тахсыбыт. Икки сыл курдук субай сүөһү көрүүтүгэр үтүө суобастаахтык үлэлээбит. Ол кэнниттэн Хабаровскайдааҕы педагогическай институкка туттарсан филологическай факультекка үөрэммитэ. 1973-1974 сылларга Тиит-Арыы аҕыс кылаастаах оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлии сылдьыбыта.

Бу саҕана Кириллыын көрсөн, сөбүлэһэн ыал буолбуттара. Онон 1974 сыллаахха  Чараҥҥа көһөн, Чараҥ аҕыс кылаастаах оскуолатыгар пионербаһаатайынан үлэлии киирбитэ. Кинилэр биэс оҕоҕо күн сирин көрдөрөн сирдээҕи олоҕу бэлэхтээбиттэрэ. Билигин баар оҕолоро бары сөбүлүүр идэлэрин баһылаан үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Эһэлээх эбэ оҕолорбутугар хайа эмэ өттүнэн тугу эмэ туһалаабыт киһи диэн баҕа санаанан салайтаран күннэтэ түбүгүрэллэр. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга урут холкуос баарын саҕана биир кыһын сылгы көрүүтүгэр үлэлээбит буолан үлэлээн бүтүөҕүттэн чааһынайыгар сүөһү, сылгы көрүүтүнэн күн бүгүнүгэр диэри дьарыктанар. Ол курдук Кривошапкиннар саха ыалын сиэринэн оҕолонон-урууланан, сүөһү-ас тутан нэһилиэк биир сис ыала буолаллар. Зоя Ивановна 2001 с.  “Бастыҥ оҕуруоччут”, “Идэһэ-2004” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа “Хаһаасчыт бастыҥа”,  “Кыстык-2007” ас астааччылар күрэхтэригэр “Түргэн асчыт”, “Үүнүү быйаҥ төрдө – 2005” күрэххэ “Хаһаастаах хаһаайка” анал ааттарынан бэлиэтэммитэ уонна иккиэн 2011 с. “Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар бастыҥ дьиэ кэргэн” аатын ылбыттара мээнэҕэ буолбатах. Бу барыта үгүс үлэттэн, элбэх түбүктэн, эппиэтинэстээх сыһыантан тахсан эрдэҕэ. Сахалыы майгылаах сүрдээх сэмэй дьиэ кэргэн, билигин аны сиэннэр, хос сиэннэр улаатан, ситэн-хотон олох суолугар үктэнэллэрин түстэһэллэр. Бу курдук бары өттүнэн үтүөнү үксэтэр үлэһит дьон баар буоланнар, нэһилиэкпит нэһилиэк буолан аатыран олордоҕо.

Туруу үлэһит Кирилл Кириллович көдьүүстээх, үтүө суобастаах үлэтин иһин 1985 сыллаахха Уус Алданнааҕы “Сельхозтехника” тэрилтэтин Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ. Кини уһун сыралаах үлэтин үгүс элбэх махтал суруктар, грамоталар уонна “Идэтигэр бастыҥ”, “РТП бастыҥ суоппара” анал ааттары субуруччу “Коммунистическай үлэ ударнига”, “Социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа” бочуоттаах ааттар, “1Хоро нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин” анал бэлиэ, “Ленинскэй комсомол 100 сылынан” бочуотунай уордьан кэрэһэлииллэр. Олоҕун тухары үлэни өрө туппут, кэнчээри ыччакка холобур буолар биир дойдулаахпытынан киэн туттабыт уонна чэгиэн туругу, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!

Светлана Бурцева, суруналыыс

Читайте дальше