Уус Алданнааҕы Ис дьыала отдела сэрэтэр!

Муус устар 25 күнүттэн ыҥы­рар кустаах (подсадная утка) дьоҥҥо атыыр куска сааскы булт кэмэ саҕаланна. Бу көрүҥүнэн бултуур эмиэ кэккэ быраабылалардаах:

  1. Биир ыҥырар тыһы куска икки киһи сылдьара көҥүллэнэр. Икки тыһы кустаах буол­лаххына түөрт буолан бултуоххутун сөп. Атыыр куһу тэҥинэн илдьэ сылдьар көҥүллэнэр. Ол эрээри ыҥырар кус быһыытынан тыһыта эрэ ааҕыллар.
  2. Куһа суох кыттыгас киһи эмиэ ыҥырар куска анал көҥүллээх буолуохтаах. Бултаабыт бултарын күн аайы эбэтэр биир сырыыларыгар икки-үс күннээхтэрин дьиэлэригэр айанныахтарын иннинэ көҥүллэрин (лицензия) хас күн бултаабыттарынан үллэстэн, биир киһи бэ­йэтигэр толоруохтаах.
  3. Айан кэмигэр охотинспектор, полиция участковайа, ГАИ сотруднига бэрэбиэркэлиир түгэнигэр ол кэмнээҕи, күннээҕи ыҥырар куһунан бултаа­бытын туһунан толоруллубут көҥүлү (лицензия), булт күн, саа докумуонун көрдөрүөхтээххин. Куһа суох кыттыгас киһи буоллаҕына, ол кэмнээҕи, күннээҕи фото-видео көрдөрдөҕүнэ сөп буолар. Атын эргэ түһэрии уонна бултаан иһэр куһун ахсаа­на элбэх, көҥүлүгэр бэлиэтэммит суруга сөпсөспөт буоллаҕына, булт быраабылатын кэһии буолар. Маннык сылдьыы булгуччу сокуонунан бобуллар.
  4. Сааскы бултааһын кэмигэр биир булчут барыта 30 кустан элбэҕи бултуо суохтаах. Манна уопсай кустааһын уонна ыҥырар куһунан бултуур болдьоҕу ааҕан туран.

Булт быраабылатын РФ административнай буруйу кэһии кодексынан 8.37 ыстатыйатынан эппиэтинэскэ булчут тардыллар. Маннык түгэҥҥэ 500-5000 солк. диэри ыстырааптаныан сөп. Эбэтэр 1 сылтан 3 сылга диэри бултуур бырааба быһыллар, саа хаһаайыныттан быстах кэмҥэ боротокуолунан ылыллар. Ону тэҥэ, булчут бултуур сиригэр сааны-саадаҕы арыгы испит туруктаах илдьэ сылдьыытын, сааны туттуутун иһин РФ админис­тративнай буруйу кэһии кодексынан 20.8 ыст. 4.1 чааһынан 2000-5000 солк. диэри ыстарааптаныан сөп, бултуур саата уонна ботуруоннар ылыллаллар эбэтэр сааны илдьэ сылдьар быраап биир сылтан икки сылга быһыллыан сөп.

Саа хаһаайына бэйэтин бас билэр саатын туора киһиэхэ биэрэрэ, уларсара сокуонунан көҥүллэммэт. Булчут айыл­ҕаҕа суолталаах хоромньулаах, эбэтэр ураты харыстанар куһу бултаабытын иһин РФ холуобунай кодексынан 248 ыстаты­йаҕа олоҕуран эппиэккэ тардыллыан сөп. Маннык түгэҥҥэ булчут саата, илдьэ сылдьар техниката, суотабай төлөпүөнэ уонна да атын бултка сыһыаннах техни­ческэй тэриллэрэ ылыллалларын туһунан сэрэтэбит.

Николай Михайлов, Уус Алданнааҕы ИДьО участковайдарын начальнигын э.т., полиция лейтенана

Читайте дальше