Учаастактааҕы боломуочунайдарга таһаарыылаах үлэни баҕарабыт

Сэтинньи 17 күнүгэр Россия Ис дьыалаҕа министерствотыгар учаастактааҕы боломуо­чуйалаахтар сулууспалара тэриллибитэ 100 сыла бэлиэтэнэр. Бу сулууспа үлэһиттэрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ, бүтүн нэһилиэнньэҕэ саамай чугас дьон буолаллар. Үгүс бирикээскэ, сокуоҥҥа олоҕуран, ИДьМ сот­рудниктарын ортолоругар саамай элбэх үлэлиир быраап­тааҕынан биллэллэр. Суол быраабылатыттан саҕалаан ойуур баһаарыгар, ыкка, дьии­кэй кыылга тиийэ учаастактаа­ҕы боломуочуйалаах үлэһит көрөн-истэн быһаарыытыгар бэриллэр. Бу улахан бэлиэ даа­таны улуустааҕы Ис дьыала отделын учаастактааҕы боломуо­чуйалаахтара “Дьон үчүгэйгэ тардыһарыттан үөрэбит” диэн эрэх-турах санаалаах көрсөллөр. Буолумуна, кинилэр харахтарын далыгар олох суола күннэтэ субуллар.

Улуус 11 административнай учаастагын көрөр-истэр эппиэт­тээх үлэһиттэр учаастактааҕы боломуочуйалаахтар буруйу-сэмэни, бэрээдэги хонтуруол­лаан утуйар ууларын аахсыбакка түүннэри-күнүстэри үлэлииллэр, туруктаах чөл олох иһин туруулаһаллар. Кинилэринэн киэн туттан туран, ааттарын ааттаан эҕэрдэ бастыҥын тиэрдэбит.

Ол курдук, 1-кы административнай учаастакка, Мүрү нэһилиэгин Бороҕон сэлиэнньэтин арҕаа өттүгэр учаастактааҕы боломуочу­йалааҕынан полиция старшай лейтенана Афанасий Афанасьевич Бурнашев үлэ­лиир. 2-с адм. учаастакка, Бороҕон киин өттүн полиция лейтенана Алена Игоревна Жураховская, 3-с – Бороҕон илин өттүгэр уонна Мындаабаҕа полиция лейтенана Алгыс Петрович Михайлов, 4-с – Чараҥ-Майҕас учаастагар старшай участковай, полиция майора Василий Иванович Егоров, 5-с – Танда, Бээрийэ, Тиит Арыы, Түүлээх эҥэр полиция старшай лейтенана Николай Иннокентьевич Васильев, 6-с – Сыырдаах, Арыылаах, Бэйдиҥэ, Окоемовка, Балаҕаннаах , Уус Күөлэ хайысхаҕа старшай участковай полиция майора Михаил Михайлович Жирков, 7-с – Суотту, Хоноҕор, Тумул, Арыы Тиит учаастагын полиция старшай лейтенана Татьяна Николаевна Харайбатова, 8-с – Кэптэни, Хомустаах, Даалы полиция старшай лейтенана Алексей Гаврильевич Березкин, 9-10-с – Дүпсүн, Чэриктэй, Найахы, Өспөх нэһилиэктэрин полиция капитана Василий Васильевич Сивцев, 11 – Өнөр, II Лөгөй, I Өспөх нэһилиэктэрин полиция прапорщига Николай Валерьевич Михайлов көрөллөр-истэллэр.

Бу састаап үлэтин-хамнаһын сүрүннээччи, учаастактааҕы боломуочуйалаахтар отделениеларын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Алексей Березкин бэлиэ күнүнэн урукку кэмҥэ участковайдары салайан олорбут начаалынньык­тары, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, араас эйгэҕэ үлэлии сылдьар бэтэрээннэри Прокопий Тихонович Степановы, Гаврил Лазаревич Портнягины, Андрей Николаевич Петухову, Тарас Алексеевич Гороховы, Марфа Иннокентьевна Щелканованы, Еремей Васильевич Бубякины ахтан-санаан махтал, эҕэрдэ тылларын тиэрдэр. Маны сэргэ үлэлээн ааспыт, үлэлии сылдьар коллегаларыгар эҕэрдэ бастыҥа ананар.

Биллэн турар, сүрүн буруйу-сэмэни оҥоруу арыгыны иһииттэн тахсара чуолкайын тустаах үлэһиттэр бигэргэтэллэр. Ол эрээри, кэнники сылларга нэһилиэнньэ олоҕу көрүүтэ уларыйан, сокуон күүһүрэн, бэрээдэк тупсан эрэриттэн үөрэл­лэрин биллэрэллэр. Онон чөл олоҕу тутуһуҥ, спордунан дьарык­таныҥ, тигинэччи үлэлээҥ-хам­сааҥ, дьиэ кэргэҥҥитин, тулалыыр дьоҥҥутун-сэргэҕитиҥ харыстааҥ диэн баҕа санааларын бастыҥын тиэрдэллэр.

Петр Гоголев, ­Россия ИДьМ Уус Алдан улууһунаа­ҕы отделын начаалынньыгын солбу­йааччы, полиция подполковнига­

Читайте дальше