Улуус дьаһалтатын планеркатыгар улуус баһылыгын бастакы солбуйааччынан анаммыт биир дойдулаахпытын Илья Артамоновы билиһиннэрдилэр.
Илья Юрьевич 1971 сыллаахха Бороҕоҥҥо төрөөбүтэ.
Үөрэҕэ:
- Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрбитэ, 1993 с. АПК салаатыгар экономист-организатор;
- РФ Президенин иһинэн судаарыстыбаннай сулууспа академията, 2003 с. менеджер “Судаарыстыбаннай уонна мунициапальнай управление” специализацията (специализацията “Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай тэрилтэлэр экономикалара”).
Илья Юрьевич 1993 сыллаахха Уус Алдан улууһун дьаһалтатыгар экономика управлениетыгар исписэлииһинэн үлэтин саҕалаабыта, 1997 сылтан 2001 сылга диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) кылаабынай исписэлииһинэн, старшай референинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, СӨ Экэниэмикэни сайыннарыы министиэристибэтигэр, СӨ Инвестиционнай бэлиитикэтин, тус сыаллаах бырагыраамаларга, ону таһынан ТЭК, ДьУоКХ, тырааныспары, сибээһи сайыннарыы уонна экэниэмикэлэрин департаменнарыгар, “РИК” АУо-ҕа, СӨ инфраструктурнай бырайыактары олоххо киллэрии департаменыгар араас салайар дуоһунастарга үлэлээбит.
Кэлиҥҥи биэс сылга үлэтэ:
- 2017-2021 – СӨ Инвестиционнай хампаанньатын баай-дуол сыһыаннаһыыларыгар уонна инфраструктурнай бырайыактары олоххо киллэрии управлениетын начаалынньыга;
- 2021-2023 сс. – “РИК Плюс” АУо дьыалаларын управлениетын начаалынньыга.