Тыа сирин уйгутун дэлэтээччилэр мунньахтаатылар

Уус Алдан улууһа сүрүн уонна тыын дьарыга – тыа хаһаайыстыбата. Бүгүн, алтынньы 17 күнүгэр, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин сүбэ мунньаҕа буолла. Манна улуус баһылыга Василий Аммосов, улуус дьокутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Аммосов, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Степан Бочкарев кыттыыны ыллылар, тыа сирин хоһуун дьонугар баҕа санааларын эттилэр.

Мунньахха сайыҥҥы үлэ түмүктэрин, кыстыкка бэлэмнэнии туһунан кылгас иһитиннэриилэри оҥордулар уонна тыа хаһаайыстыбатыгар илиилэринэн-атахтарынан ылсан үлэлээбиттэр, билигин үлэлии сылдьааччылар инники көрүүлэригэр санааларын атастастылар. Сүрүн кыһалҕанан, биллэн турар, кадр, үлэһит илии тиийбэтигэр, үлэлиир, олорор усулуобуйа мөлтөҕө буоларын ыйдылар.

Холобур, Хомустаахтан Иван Бурнашев оҕону үлэҕэ иитии суох буолбутун түмүгэр ыччат тыа хаһаайыстыбатыттан тэйэн эрэрин эттэ. Аны олорор усулуобуйа табыгастаах буоларын ситиһиэххэ наада диир. Ол курдук киниэхэ үлэлии кэлиэх буолбут киһи: «Олордор дьиэҥ оһоҕунан оттуллар эбит, киинтэн ититиилээх дьиэлээх Нам хаһаайыстыбатыгар барабын», – диэбит.

Итини тэҥэ хамнаска анал фонда суоҕа атахтыырын, урукку курдук шефтэһии олохтонуон наадатын эттилэр. Өр сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит Суоттуттан Семен Кычкин: «Билигин тэрилтэлэри кытары шефтэһиини сөргүтэр буоллар, ыччат сыыйа тыа хаһаайыстыбатыгар сыстыа этэ», – диэтэ.

Бу этиилэри барытын түмэн анал бырагыраама оҥоруохха уонна өрөспүүбүлүкэ таһымыгар көмүскүөххэ дэстилэр. Маны барытын ырытан баран, сүрүн өттүн улуус бүддьүөтүгэр көрүөхпүт диэн улуус баһылыга уонна улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ сөбүлэстилэр.

Афанасий Сектяев

Читайте дальше