Улуус хореографтарын түмсүүтэ 25 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ

«Тойон Мүрү» култуура киинигэр Уус Алдан улууһун хореографтарын түмсүүтэ тэриллибитэ 25 сылынан «Олоҕу кэрэнэн киэргэтэн» үҥкүү дьоро киэһэтэ буолла.

Дьоро киэһэ улууспут хореографтара кэнчээри ыччаты классика, норуот, бальнай, аныгылыы-эстраднай, фитнес-аэробика үҥкүү хайысхаларынан үөрэтэн-такайан кэрэ эйгэтигэр таһааралларын туһунан инсценировкаттан саҕаланна.

Үбүлүөйдээх дьоро чааска улууспутугар култуураны сайыннарыыга бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит, киллэрэ сылдьар, хас эмэ көлүөнэ ыччаты, биир дойдулаахтарын үҥкүү кэрэ эйгэтигэр уһуйан, үтүөнү-сырдыгы тарҕатар улууспут хореографтарын толору саала дохсун ытыс тыһынан көрүстэ. Ол курдук, Саха сирин государственнай үҥкүү театрын солистката, СӨ култууратын туйгуна Екатерина Алексеева, Саха сиригэр бальнай үҥкүүнү аан бастакынан сайыннарбыттартан биирдэстэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, аан дойду таһымыгар биллэр “Мозаика” ансаамбыл салайааччыта Михаил Сивцев, “Кэнчээри” ансаамбыл хореограбынан, Бороҕоннооҕу оҕо музыкальнай оскуолатыгар преподавателинэн үлэлээбит, билигин Дьокуускайдааҕы оҕо гимназиятыгар “Надежда” ансаамбыл салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Константинова, Бороҕоннооҕу, Курбуһах, Мындааба култууратын дьиэлэригэр хореограбынан, уус-уран салайааччынан үлэлээбит, култуура бэтэрээнэ Елена Григорьева, Өлтөх нэһилиэгин култуура дьиэтин хореограба, “Эр модун”, “Эдэр саас” үҥкүү ансаамбылларын салайааччыта, СӨ Бырабыытылыстыбата Оҕо саас уонна оҕо спордун сылынан олохтообут бириэмийэтин стипендиата Александра Саввина, Найахытааҕы култуура сынньалаҥ киинин иһинэн үлэлиир, билигин киэҥник биллэр-көстөр “Көлүкэчээн”, “Күбэйэ” үҥкүү кэлэктииптэрин салайааччыта, СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна Мария Лебедкина, “Кэнчээри” Россия образцовай ансаамбылын балетмейстера, СӨ културатын туйгуна, билигин улуустааҕы хореографтар түмсүүлэрин салайааччыта Ульяна Ноговицына, “Кэнчээри” ансаамбыл, Бороҕоннооҕу “Тойон Мүрү” сынньалаҥ киинин үҥкүү бөлөхтөрүн салайааччыта Саргылана Павлова, Бээрийэ орто оскуолтыгар ритмика учуутала, “Дьиэрэҥкэй” оҕо үҥкүү ансаамблын төрүттээччитэ, салайааччыта, РФ үлэ бэтэрээнэ Анастасия Васильева, Лөгөй нэһилиэгэр Саха-Бельгийскэй гимназияҕа “Айыллаана” үҥкүү кэлэктиибин төрүттээн, салайан үлэлэппит Мария Горохова, Найахытааҕы ырыа-үҥкүү норуодунай кэллэктиибин үҥкүү бөлөҕүн салайааччыта, “Чэлгийээнэ” ансаамбыл төрүттээччитэ Алена Гаврильева, “Тойон Мүрү” култуура киинигэр “Күнчээнэ” үҥкүү бөлөҕүн салайааччыта Анастасия Кириллова, Бороҕоннооҕу оҕо музыкальнай оскуолатын үҥкүү кылааһын преподавателинэн ситиһиилээхтик үлэлээбит Ларьяна Бурцева, Саха сирин Государственнай театрын артыыһа, “Кэнчээри” ансаамбыл балетмейстера, билигин Дьокуускай куорат оҕо музыкальнай оскуолатын преподавателэ Моника Федорова, Суотту орто оскуолатын иһинэн үлэлиир “Өлүөнэ кытыла” ансаамбыл төрүттээччитэ, салайааччыта Матрена Яковлева, Мүрү нэһилиэгин Мындабатааҕы оҕо спортивнай оскуола-лицейга “Энергия” үҥкүү бөлөҕүн төрүттээччитэ, салайааччыта, СӨ үөрэҕириитин, ыччат политикатын туйгуна Туйаара Ларионова, Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһын иһинэн үлэлиир “Тойон Мүрү”, “Күндүүнэ”, “Дьүөгэ”, “Уолан” үҥкүү бөлөхтөрүн салайааччыта Ольга Петрова, Тумул нэһилиэгин сынньалаҥ киинин хореограба, “Күндээр” ансаамбыл салайааччыта Елена Иванова, Курбуһахтааҕы култуура дьиэтин хореограба, “Үрүйэчээн” ансаамбыл салайааччыта Анастасия Аммосова, “Көлүкэчээн” үҥкүү ансаамбылын салайааччыта Нарыйа Миронова, “Күндүйэ” үҥкүү ансаамбылын салайааччыта Марияна Фомина, “Дэгэйик” үҥкүү ансаамбылын салайааччыта Лариса Васильева, Бороҕоннооҕу оҕо музыкальнай оскуолатын үҥкүү кылааһын преподавателэ Ульяна Петрова, Чараҥ орто оскуолатын эбии үөрэхтээһин учуутала, “Саһарҕа” үҥкүү бөлөҕүн төрүттээччитэ, салайааччыта Саргылана Крылова, Өлтөх нэһилиэгин “Сардаҥа” үҥкүү кэллэктиибин салайааччыта Мария Алексеева, “Хомус” үҥкүү кэлэктиибин төрүттээчитэ, салайааччыта Кристина Иванова.

Ону кытта Уус Алдан улууһугар бастакы анал идэлээх хореограф, 1969 сыллаахтан элбэх көлүөнэ үҥкүүһүттэри иитэн-такайан таһаарбыт, ССРС култууратын туйгунун, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Саха Комсолун бириэмийэтин лауреатын Елена Степановна Прокопьеваны уонна 1998 сыллаахха улууспут үҥкүү кэлэктиибин салайааччылара бары биир санаанан үлэлииргэ быһаарынан түмсүү тэрийбиттэригэр сүбэ-ама буолбут, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, улуус бочуоттаах олохтооҕо, култуура үлэһиттэрин, хореографтарын туһунан кинигэлэр, матырыйааллар ааптардара Мария Захаровна Сивцеваны үрдүктүк чиэстээн көрүстүлэр.

Салгыы “Кэнчээриттэн” кынат үүннэрэн күн бүгүҥҥэ диэри үҥкүү эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьар хореографтар, Бороҕоннооҕу оҕо музыкальнай оскуолатыгар преподавателинэн үлэлээбит улуус хореорафтарын түмсүүтүн тэрийээччи, бу түмсүүнү 20-тэн тахса сыл салайан кэлбит, СӨ култууратын туйгуна, “Дьүөгэ” ансаамбыл төрүттээччитэ Валентина Сивцеваны уонна СӨ Ыччат политикатын, култууратын туйгуна, “Виктория-Данс” улууспут бальнай үҥкүүгэ киэн туттар ансаамблын салайааччыта Марианна Ермолаеваны үрдүк сыанаҕа чиэстээн-бочуоттаан ыҥырдылар.
Ол кэннэ, улууспут култуурунай сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит, үтүмэн үгүс ыччаты үҥкүү кэрэ абылаҥар такайбыт, оччоттон баччаҕа диэри дьоҥҥо-сэргэҕэ үөрүүнү, сырдыгы бэлэхтиир аналлаах – улууспут хореографтарын, кинилэр үөрэнээччилэрин бииртэн биир чаҕылхай үҥкүүлэрэ дьон-сэргэ дууһатын долгутта. Биир чаҕылхай түгэнинэн хореографтар уопсай үҥкүүлэрэ «Попурри» – бу үбүлүөйдээх кэрэ дьоммут туһунан элбэҕи эттэ.

 Мария Аргунова

Читайте дальше