Былырыын олунньу 24 күнүгэр Анал байыаннай дьайыы саҕаламмыта. Ити сыл күһүнүгэр балаҕан ыйын 21 күнүгэр дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйаҕа быстах хомууру биллэрбитэ. Хомуур диэни этинэн-хаанынан билбэтэх дьоммут соһуччу бэбиэскэ тутан, Анал байыаннай дьайыыга дойдубут чиэһин көмүскүү барбыттара. Оттон биһиги ортобутугар олорор кинилэр дьиэ кэргэттэрэ, төрөппүттэрэ туох санаалаах-оноолоох хаалбыттара буолуой?!
Киһи уустук кэмигэр тула өттүттэн көмө эрэйиллэрэ биллэр. Улуус, нэһилиэк дьаһалтатын өттүттэн кыах баарынан көмө, өйөбүл тута саҕаламмыта буолан баран, билигин, быстах хомуур сонуна ааһан, көмө уҕарыйа быһыытыйыах курдук дуу диэн санааҕа кэлэҕин. Билигин кинилэр туох кыһалҕалаахтарый, ханнык-туох көмөҕө наадыйалларын туоһуластыбыт. Бу нүөмэргэ кэпсэппит ийэбит Мүрү нэһилиэгиттэн Лариса Григорьева: «Үс оҕолоох ийэбин. Улахан уолум Айтал, кыра уолум Айаал иккиэн 3-с кылааска үөрэнэллэр. Кыра кыыһым уһуйаан иитиллээччитэ, эһиил оскуолаҕа киирэр. Кэргэним былырыын күһүн быстах хомуурга хабыллан, Анал байыаннай дьайыыга барбыта. Төһө кыалларынан сибээскэ тахса сатыыр.
Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата былырыын муус аҕалбыттара, бородуукта ыларга биэс тыһыынча суумаҕа сэртипикээт биэрбиттэрэ. Оҕолорбун таксинан таһарбар икки ыйдаах харчы уонна кыра көмө элбэх этэ. Билигин транспорт өттүгэр ыарахаттары көрсөбүт. Ыраах олорор буолан, такси өҥөтүгэр наадыйабыт. Таксиларбыт сүгүн ылбаттар уонна сыанабыт да ыараата. Нэһилиэк иһинэн оптуобус сылдьара уонна чэпчэтиилээх таксины аныыллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Тулаайахтарга анаан тутуллубут саҥа уопсай дьиэҕэ олоробут, сылаас, ол эрээри былырыын канализация турбата тоҥон эрэйи көрсүбүппүт. Мүрү дьаһалтатын баһылыгынан үлэлээбит Василий Аммосов кыһалҕаны тута туоратарга кыһаллыбыта, быйыл этэҥҥэ буолар инибит», – диэн эрэх-турах санаалааҕын үллэһиннэ.
Мария Аргунова