Байыаннай дьайыылар саҕаланыахтарыттан ыла улууска анал хамыыһыйа тэриллэн, ол иһигэр билигин улуус дьаһалтатын социальнай политикаҕа отделын кылаабынай исписэлииһэ Наталья Охлопкова киирсэн, ол күнтэн ыла бэйэбит уолаттарбыт Украинаҕа тиийэн дьоннорун кытары сибээһи туталларыгар, дойдуларыттан көмөнү ыла олороллоругар, араас үөскүүр кыһалҕалары быһаарсарга миэстэтигэр үлэлэһэн барбыта.
Бу ааспыт 2023 сыл устата улуустан, өрөспүүбүлүкэттэн соҕотох кэриэтэ бэрэстээбиитэл буолан, Наталья Охлопкова бастаан улуус дэлэгээссийэтигэр киирсэн Мариуполь куоракка миэстэтигэр тиийэн үлэлээбитэ. Сүрүннээн, улууспут уолаттара докумуоннарын чопчулааһыҥҥа, хамнастарын ылыыларыгар, уоппускаҕа дойдуларыгар кэлиилэригэр үлэлэһэр. Хас биирдиилэрэ дойдуларыттан тэлэһийэ сылдьан, таҥастарыттан-саптарыттан саҕалаан, баһыылкалары туталларыгар, туттар-малларыгар диэри булууга-талыыга сыратын уурар. Наталья ааспыт сылга байыаннай дьайыылар буола турар сирдэригэр барыта үстэ баран кэллэ. Билигин дойдутугар кэлэн “мантан үлэлии олоробун, уолаттарбын кытары сибээспин быспаппын” диэн этэр. Кинини кытары саха уолаттара хайдах балаһыанньаҕа сылдьалларын, туох көмөнү ыла олороллорун, уопсай балаһыанньа туһунан кэпсэттибит.
– Мин үлэм сүрүннээн, уолаттарбыт дойдуларын, дьоннорун кытары сибээһи тутан, сөптөөх көмөнү ылан олороллорун хааччыйыы буолар. Этэргэ дылы, киһи мантан олорон сатаан быһаарсыбат боппуруоһа үгүс буоллаҕа, онно миэстэтигэр үлэлэһэрбит дьыала хаамыытын түргэтэтэрэ биллэр суол. Аны уолаттарга кыра да болҕомто наада, киһи өйөөн, өйдөөн кэпсэттэҕинэ да, санаалара көнөр, бөҕөргүүр. Онон антах хаалан үлэлиир боппуруос турбутугар, уһуннук толкуйдуу барбакка, хаалан үлэлээн барбытым.
Улуустан билигин 160-ча биир дойдулаахпыт байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сулууспалыы сылдьар. Билигин үгүстэрэ Саҥа дьыл саҕана уоппускаҕа кэллилэр. Биллэн турар, уоппускаҕа кэбэҕэстик ыыппаттар, манна эрдэттэн үлэ баран, уолаттарбыт билигин дойдуларыгар кэлбиттэрэ – улахан үөрүү.
Сибээһи тутан олорор буолан, уолаттарбыт билигин туохха наадыйалларын чопчу билэ олороҕун. Чугастыы Ростов куораттан сүрүннээн дальномер, ночник курдук туттар тэриллэри булан, атыылаһан аҕалтарабын. Онтон атыттары тепловизордары, коптердарга тиийэ улуус СВО-ҕа анаммыт фондатыттан ылан олорбуппут. Уопсайынан, республикабыт бу чааһыгар улаханнык көмөлөһөр. Республика хас биирдии олохтооҕо ичигэс таҥаһы, маскировочнай сеткалары, о.д.а. туттар олус наадалаах малы-салы оҥорон ыыталлара улаханнык көмөлөһөр, абырыыр. Бу баһыылкалар миэстэтигэр тиийэллэр, арай байыаннай дьайыыга олох иһирдьэ сылдьааччыларга тиийбэккэ хаалар түгэннэр тахсыахтарын сөп.
Туох кистэлэ кэлиэй, уолаттарбыт киһи тылынан эппэт ыарахан усулуобуйатыгар сылдьаллар. Бары күүстээх санааларынан уонна сахалар тыаҕа эриллибит булчут үөрүйэхтэринэн сирдэтэн, анараа тыйыс усулуобуйаҕа адаптацияланаллар. Антах бары биир санаанан, омугуттан тутулуга суох бука бары бииргэ тутуһан, түмсэн сылдьаллар. Сорохтор саллааттары хамнаска эрэ сылдьар дьон курдук саныылларыттан хараастабын. Кинилэргэ итинник сыһыаннаһыы суох буолуохтаах дии саныыбын.
Билигин улууһум уолаттарын тэҥэ өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан барытыттан эрийэллэр. Онно туох баар күүспүн ууран, боппуруостарын быһаарыыга үлэлэһэбин.
Биир дойдулаахтарбар, СВО-ҕа сылдьар уолаттар дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонноругар уолаттарбытын өйүөҕүҥ, ытыктыаҕыҥ, анал байыаннай дьайыыга кыттан кэлбит дьоммутун ытыс үрдүгэр түһэрэн, сөптөөх көмөнү ылалларын туһугар үлэлэһэн, куруук өйүү сылдьыаҕыҥ диэн этиэхпин баҕарабын. Итиэннэ чааһынай урбаанньыттарбытыгар Петр Бурнашевка, Афанасий Сивцевка кинилэр көмөлөрүгэр махталым улахан. Бу курдук чааһынай предпринимателлэр, меценаттар, уолаттарбытыгар өрүү көмөлөһө туруоҕуҥ диэн ыҥырабын.
Бу күннэргэ улуус делегацията анал байыаннай дьайыылар буола турар сирдэригэр дойдубутуттан көмөнү тиэрдэ бараары сылдьаллар. Онно улуус үрдүнэн баһыылкалары оҥорууга үлэ бара турар. Маннык бука бары түмсэн, дойдубут үрдүнэн бүрүүкээбит балаһыанньаҕа күүс-көмө, тирэх буоларбыт хайаан даҕаны үчүгэйинэн эргийиэҕэ диэн улахан эрэл санаалаахпын. Бука бары этэҥҥэ буолуоҕуҥ!
Екатерина Захарова