Дьыллар-күннэр ааһан күдэн буолан симэлийэл­лэр, арай ол ааспыт кэм туоһутун музейдар ки­чэллээхтик харайан, кэпсии-ипсии тураллар. Ыам ыйын 18 күнэ дойду үрдүнэн Музей аан дойдутааҕы музей күнэ бэлиэтэнэр. Биһиги улууспут музейдара хайдах-туох үлэлии олороллорун билистибит:

Юлия АФАНАСЬЕВА, Сэһэн Ардьакыап аатынан историяны үөрэтэр улуус музейын методиһа:

– Музейбыт сүрүн хайысхатынан: пуонда, научнай-чинчийэр, үйэ­титэр, экспозициялыыр, культурнай-үөрэхтээһин үлэтэ буолар. Араас хабааннаах тэрээһиннэри, быыстапкалары тэрийэн сөптөөх информацияны тиэрдии, оҕону, ыччаты төрөөбүт-үөскээбит дойдуларын историятын үөрэтии, патриоттуу санааны үөскэтии. Кэлэр көлүөнэ ыччакка аналлаах бырайыактар, научнай-чинчийэр сыаллаах экспедициялар былаан­наналлар. Федеральнай, региональнай таһымнаах граннарга кыттан, республика музейдарын кытта үлэ­лэһэн бырайыактары олоххо киллэрэр. Гуманитарнай чинчийии институтун, ураты харыстанар сирдэри хараанныыр салалтаны, Национальнай архыыбы, үөрэх тэрилтэлэрин кытта ыкса үлэлэһэбит.

Ольга ПРОТОПОПОВА, улуустааҕы эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн Дүпсүн орто оскуолатын филиалын педагога:

– И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатыгар Саха сиринээҕи космонавтика уонна авиация музейа 1974 с. үлэлиир. Сүрүн хайысхата социальнай-педагогическай, музей экскурсоводтарын үөрэтии. Сүрүн сыала космо­навтика уонна авиация туһунан сүрүн өйдөбүлү биэрии, үөрэнээччилэри чинчийэр-ирдиир үлэҕэ сыһыары, техническэй идэни талалларыгар уһуйуу. Куруһуокка дьарыктанар оҕолор анал тиэмэҕэ бырайыак көмүскүүллэр, форумнарга кытталлар. Музейбыт объега эргэрэн, нэһилиэк эргэ балыыһатын дьиэтигэр көһөрүллүбүтэ. Ол кэннэ Оҕону сайыннарар технопаарка арыллан, экспонат сорох чааһа онно киирэн турар. Инникитин музейбыт аныгылыы тупсаҕай бырайыагынан туспа дьиэлэнэрэ буоларыгар баҕарабыт. Тыа сиригэр аэрокосмическай үөрэхтээһин сайдан, оҕолор аныгы технологиялары баһылыахтара.

Клара КРЫЛОВА, Кулантай аатынан литературнай музей сэбиэдиссэйэ:

– Үөрэтэр-сырдатар, иитэр хайысхаларынан үлэлиибит. Кыайыы 80 сылын көрсө былаан элбэх. Музей дьиэтин кэҥэтэн «Уран тыллаах уус алданнар» диэн экспозиция туруоруохпут. Республика араас муннугуттан ыалдьыттар кэлэн көрөллөр, музей фондатыттан туһаналлар. Дойдубут президенэ туруорбут соруктарын: история, культура, духуобунас сайдыытыгар үлэни ыытабыт.

Мария ГОТОВЦЕВА, Танда музейын үлэһитэ:

– Иван Готовцев аан маҥнай Танда орто оскуолатыгар краеведческай музейы арыйар. Билигин И.П. Готовцев аатынан историческай-архитектурнай музей республикаҕа биллэр. Билигин музей сэттэ са­лаа­лаах: палеонтология, флора уонна фауна, геология, нэһи­лиэк историята, оскуола историята, Аҕа дой­ду сэриитин кэмэ, байыаннай дьайыы. Музей экспонаттарын байытар, историятын кэҥэтэр сыалтан араас хайысхалаах граннарга кыттар баҕалаахпыт. Виртуальнай музей оноруохпутун баҕарабыт. «Кэскил» лааҕырбыт научнай-чинчийэр хайысханан үлэлиир былааннаах.

Мария Аргунова

Читайте дальше