Сахалартан бастакы анал үөрэхтээх муосчут Дмитрий Михайлович Никифоров – Дабайааҥкы төрөөбүтэ 140 сылынан

Саха норуотун искусствота үйэлэри уҥуордаан бэйэтин төрүт үгэһинэн хаалан, уһулуччу уратытынан Аан дойдуга биллэр. Искусство хас биирдии көрүҥэ туспа суолталаах, ол курдук, норуоппут баай историятын көрдөрөр биир көрүҥүнэн муоһу кыһыы буолар. Муостан оҥоһуктар, чуолаан ох уһуга “кыргыс үйэттэн” туттулла сылдьыбыттара биллэр. Оттон муоска ойуулаан оһуордаан түһэрии искусство биир көрүҥүнэн сахаларга 18-с үйэ бастакы аҥаарыттан баар буолбута биллэр.

Уус Алдан улууһа былыр былыргыттан тимир, мас, муос уустарынан биллэр. Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус түмэлин пуондатыгар сэлии муоһуттан оҥоһуллубут хараабыл омооно, ону таһынан муосчут туттар тэрилэ хараллыыга баар. Бу сэдэх экспонаттар сахалартан бастакы идэтийбит муосчут Дмитрий Михайлович Никифоров – Дабайааҥкы киэннэрэ буолаллар. Ону таһынан докумуоннарын копиялара, кыыһын Галина Дмитриевна ахтыыта, сэдэх хаартыскалар бааллар.

 Дмитрий Михайлович Никифоров 1883 сыллаахха алтынньы 30 күнүгэр Бороҕон улууһун I Лөгөй нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ.  Аҕата Михаил Семенович уолун үчүгэй киһи тахсыыһы диэн сылыктыы көрөн, 1896 сыллаахха 13 саастааҕар Бээрийэҕэ, онтон Мүрү Томторугар церковнай-приходской  оскуолаҕа үөрэттэрэ биэрэр. 1902 сыллаахха 19 саааһыгар таайын Охлопков Николай Кузьмиһы батыһан куоракка барсар. Манна 5 сыл устата миссионерскай оскуолаҕа оһох оттооччунан үлэлии сырыттаҕына нууччалыы ааҕарын билэннэр, “үөрэн” диэннэр 1907 сыллаахха үөрэххэ киирэр. Дьэ бу кэннэ талааннаах киһи билиитэ-көрүүтэ кэҥээн, айар дьоҕура сайдан барбыта.

Ол курдук 1909 сыллаахха Саха сирин губернатора Иван Иванович Крафт соҕуруу үс киһини муоска үөрэттэрэргэ миэстэ ылбытын истэн приемҥа сылдьан үөрэнэ барарга көҥүл ылар. Ол кэмҥэ Саха уобалаһыттан сүрдээх элбэх сэлии муоһун тиэйэн илдьэ бараллара. Иван Крафт ону тохтотор сыаллаах уонна уус дьон бэйэлэригэр эбии дохуот киллэриниэхтэрэ диэн муоһунан уһанар мастарыскыай арыйар былааннааҕа. Ол курдук үһүө буолан (Д.М. Никифоров, А.И. Говоров, К.И.Неустроев) Москва анныгар Сергиев — Посадка үөрэнэ бараллар. Манна 1909—1911 сылларга биллэр нуучча муос — мас ууһугар Иван Семенович Хрустачев мастарыскыайыгар дьарыктаналлар. Оччотооҕу саха муосчуттарын үлэлэрэ бөҕө уонна модьу көрүҥнээхтэрэ, араас кыра кээмэйдээх оһуордары туһэрбэт этилэр. Бу үөрэхтэрин түмүгүнэн саха муосчуттара станковай скульптура кыра кээмэйин оҥорууну баһылаан төннөллөр. Мантан саҕалаан уустар кыра, оһуордаах, ойуулаах оҥоһуктары онорон таһаараллара үксүүр.

Үөрэммит сылларыгар Дмитрий Михайлович 70 кэриҥэ оҥоһугу муостан кыһан оҥорор уонна дойдутугар кэлэн Ем. Ярославскай аатынан уобаластааҕы музейга туттарар. Бэйэтэ этэринэн, бэлэм эрэ уруһуйу сэлии муоһугар түһэрэн оҥоһук оҥорор эбит, бэйэтэ уруһуйдуурун ыарырҕатара.

Олоҕун биир кэрдиис кэмнэринэн 1912-1913 сс. буолаллар. Ол кэмҥэ В.В. Никифоров – Күлүмнүүр тэрийиитинэн “Саха саҥата” диэн сахалыы тылынан тахсыбыт бастакы сурунаалга Дмитрий Михайлович редакторынан үлэлээбитэ. Оччотооҕу сурунаал биир нүөмэрэ 500 экземплярынан тахсан үксэ босхо тарҕанара. Онтон историяҕа биллэр 1912 сыллаахха ыытыллыбыт Сахалар I сийиэстэригэр Дмитрий Михайлович Бороҕон улууһуттан сөбүлэһэр куоластаах дэлэгээтинэн талыллар. Санатар буоллахха, 1912 сыллааҕы инородецтар сийиэстэрэ Романовтар династиялара ыраахтааҕылаабытын 300 сылын көрсө, бу бэлиэ түгэҥҥэ түбэһиннэрэн буолбута. Бу Уобаластааҕы сийиэскэ нолуок, тыа хаһаайыстыбата, үөрэх, мастарыскыайдары арыйыы, онтон да атын боппуруостар губернатор көҥүлүнэн көрүллүбүттэрэ. Ону таһынан үбүлүөйгэ барар депутацияҕа 4 дэлэгээти талан бигэргэппиттэрэ.

Дмитрий Михайлович дьарыгын ис иһиттэн сөбүлүүр буолан тохтоппокко бэйэтин кыаҕынан, интэриэһинэн үлэлэрин чочуйан таһаарара. Арассыыйаҕа муоһунан дьарык сайдыбатах дойдута эбит диэн Японияҕа үөрэтэ ыыталларыгар көрдөһөн сайабылыанньа суруйар. “Предъявитель сего, член Якутского Областного Кустарного Комитета Дмитрий Михайлович Никифоров, командирован в пределы Японского государства для усовершенствования в резьбе и обработке кости и изучения других ремесел, которые он, Никифоров, найдет нужными и полезными для Якутского края…” диэн суруктаах Саха уобалаһын кустарнай кэмитиэтин дастабырыанньатын ылан, 1917 сыллаахха Токио куоракка үөрэххэ тиийэр, ол эрэн дойдуга Өрөбөлүүссүйэ саҕаланан стипендията төлөммөт буолан төннөргө күһэллэр. Владивостокка үлэлээн харчытын мунньан Иркутскайга тиийэр, Киренскэйинэн айаннаан дойдутун сыл аҥаарынан булар. Бу да кэннэ муос оҥоһугу баһылаабыт дойдуга Японияҕа баран үөрэнэр баҕата уостубатаҕа.  Ол 1927 с М.К. Аммосов аатыгар суруйбут сайабылыанньатыттан көстөр. Бу көрдөһүү суругар Японияҕа тиийэн сэлии муоһун хайдах харыстыырга, дьүһүнүн сүтэрбэт туһуттан туттуллар техниканы үөрэтэн Саха сиригэр муос оҥоһуктары чочуйан таһаарыы сайдарын туруулаһыам, ол туһугар үлэлиэм-хамсыам диэн суруйар.

Дойдутугар кэлэн салгыы ситиһиилээхтик үлэлээн, оҥоһуктарын чочуйан араас таһымнаах быыстапкаларга кыттар. 1921 с. «Кустпром» быыстапкатыгар бириэмийэлэнэр. Ол кэнниттэн 1932, 1937, 1941, 1944 сс. тэриллибит быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттар.

Бэйэтин автобиографиятыгар суруйарынан, 1925 сыл ахсынньы 3 күнүттэн сэлии муоһуттан араас оҥоһуктары оҥорор 5 киһилээх артыал арыйан үлэлэтэр. Ол гынан үбүлээһин уонна кэмигэр сөптөөх көмө оҥоһуллубакка сабыллар. Артыал үлэлии сылдьыбыт туоһутунан ол сыллардааҕы хаартыска буолар. Бу хаартыскаҕа Дмитрий Михайловиһы кытта үлэлээбит биир идэлээхтэрэ олороллор, олор истэригэр Россия Дьоруойа Михаил Стрекаловскай аҕата Михаил баар. Иннилэригэр турар Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтин сакааһынан оҥоһуллубут “Хотонноох саха балаҕана” диэн оҥоһук ССРС наукаларын академиятыгар ыытыллан үрдүк сыанабылы ылбыта биллэр. Маны таһынан улахан үлэлэринэн дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа быыстапкаҕа  турбут “Саха сирин эмблемата” уонна ЯЦИК сакааһынан оҥоһуллубут сүрдээх кыраһыабай сахалыы орнаменнаах муостан саахымат фигуралара буолаллар.

1938 с. Дмитрий Михайловиһы “Японияҕа баран биир ый олорбуккун” диэн уорбалаан, Саха сирин НКВД-та хаайан кэбиһэр. Хаайыллаатын кытта кинини худуоһунньуктар Сойуустарыттан таһаараллар. Ол гынан дакаастабыл булбаккалар, икки ыйынан босхолонор. 1999 сыл алтынньы 13 күнүгэр кини сырдык аата норуокка төннүбүтэ.

Бу курдук, Дмитрий Михайлович Никифоров – Дабайааҥкы ССРС худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, персональнай пенсионер, дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн-үөскээн бэйэтэ хорсун санаатынан, дьиҥ кыаҕынан туруорсан, үөрэнэн Саха сирин бастакы анал үөрэхтээх муосчута буолбута.

Юлия Афанасьева, Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус түмэлин методиһа

(матырыйааллар түмэл пуондатыттан туһанылыннылар)

Читайте дальше