Бүгүн «Мүрүчээнэ» уһуйаан учуутал логопедтара Олеся Ушницкая, Ульяна Омукчанова иитээччилэргэ «Холбука. Оҕо тылын сайыннарар оонньуулар» үөрэтэр семинары ыыттылар.
Манна семинар кыттыылаахтара 13 араас оонньууну тутан-хабан оонньоон көрөн санааларын атастастылар. Бу оонньуулар быйыл үөрэтэр бырагыраамабытыгар региональнай компонеҥҥа киирэн оҕолору кытта үлэҕэ туттуллуохтаах.
Ол иһин «Сайыннарар оонньуулар» бырайыак иһинэн анал муннукка туруоруллан иитээччилэр күннээҕи олоххо туттуохтара. Тохсунньуга мустан өссө туох ситэриллэрин сүбэлэһии буолуоҕа. Маннык доруобуйаҕа буортута суох бэйэ оҥорбут сахалыы дорҕооннорго оонньуулар олус наадалаахтар диэн иитээччилэр махтанан тарҕастылар.
Анна Алексеева, бас иитээччи