“Кэскил” уһуйаан – оҕо сайдар биһигэ

Балаҕан ыйын 27 күнэ – Арассыыйаҕа Иитээччи уонна оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин үлэһиттэрин күнэ

“Кэскил” уһуйаан аан бастаан 1943 сыллаахха сэриигэ барбыт дьон оҕолоругар диэн анаан тутуллубут. Онтон 1972 сыллаахха улууска аан бастакынан типовой оҕо саадын дьиэтэ тутуллан, үлэҕэ киирэн үгүс оҕо хабыллыбыт. Онон уһуйаан улуус биир кырдьаҕас тэрилтэлэриттэн биирдэстэрэ буолар.

Ааспыт 2022 сылга “Демография” национальнай бырайыагынан “Кэскил” уһуйаан саҥа дьиэтэ тутуллан үөрүүлээхтик арыллыбыта. Билигин манна үс бөлөҕүнэн 75 оҕо сылдьар, 12 педагог, логопед, психолог, медик, барыта 27 киһи үлэлиир.

Уһуйаан сэбиэдиссэйэ Галина Матвеева быйылгаттан оҕону сайыннарыыга федеральнай инновационнай былаһаакка буолбуттарын, үлэ саҥа соруктарын билиһиннэрдэ:

– Аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир саҥа дьиэҕэ анал компьютернай көһө сылдьар кылаас комплегар тиийэ үлэлиир усулуобуйа барыта баар. Быйылгаттан ыла инновационнай былаһаакка буолан, логическай дьарыктары ыытар инвентарынан, оонньууларынан хааччылынныбыт.

Бу бырайыагынан үс бөлөҕүнэн оҕолорбутугар сайыннарыылаах дьарыктар ыытыллаллар. Үлэһиттэр идэлэрин үрдэтэр анал куурустары аастылар. Маны сэргэ сахалыы тыыҥҥа, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга иитии – үлэбит биир сүрүн хайысхата буолаллар.

Кэлэктиип сүрүннээн эдэр, үлэлииргэ улахан баҕалаах, айымньылаах, дьоҕурдаах. Биһиги ортобутугар настаабынньыкпыт 44 сылын ханна да халбарыйбакка ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар иитээччибит Розалия Ивановна Лебедева баар, кини өрүү күүс-көмө, сүбэ-ама буолар.

Түгэнинэн туһанан биир идэлээхтэрбин Арассыыйаҕа Иитээччи уонна оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин үлэһиттэрин күнүнэн бары ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны баҕаран туран эҕэрдэлиибин!

Екатерина Захарова

Читайте дальше