Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо Михаил Ушницкай бый ылгы үс күннээх куоластааһын туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
– Мин бүгүн сарсыарда 9 чааска кэлэн куоластаан быыбардыыр эбээһинэспин толордум. Уруккуттан да эрдэ куоластыыр үгэстээхпин.
Биһиги эдэр сааспыт Сэбиэскэй кэмҥэ аастаҕа дии. Оччолорго сарсыарда 6 чаастан быыбар саҕаланара уонна чаас иһинэн нэһилиэк быыбардааччыта барыта кэлэн барара. Ол хатарыллыым билигин да баар диэххэ сөп.
Бу үс күннээх куоластааһыны сэргии санаатым. Холобур, бүгүн куоластаан бараммын, икки өрөбүл күммүн толору, көдьүүстээхтик туһанар буоллаҕым. Дьон да холкутук кэлэн барарыгар үчүгэй эбит.
Биир күннээх куоластааһыҥҥа быыбардыыр учаастакка уочараттаах да курдук буолар этэ. Аны маннык куоластааһын нэһилиэнньэ быыбарга кыттыытын бырыһыанын үрдэтиэн сөп дуу дии саныыбын.
Кэпсэттэ Афанасий Сектяев