Бүгүн быыбарга үлэлиир хамыыһыйалар бэрэссэдээтэллэригэр, солбуйааччыларыгар уонна сэкирэтээрдэригэр сэминээр буолла.
Балаҕан ыйын 8-9-10 күннэригэр дойду үрдүнэн быыбардар биир кэлим күннэрэ буолаары тураллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ Ил Дарханы, Ил Түмэн дьокутааттарын, бэйэбитигэр улуус баһылыгын, улуустааҕы сэбиэккэ дьокутаатары уонна Түүлээх, Суотту нэһилиэктэрин олохтоохторо олохтоох сэбиэттэригэр дьокутааттары быыбардыахтара.
Быыбардыыр учаастактар хамыыһыйалара сарсыҥҥыттан үлэлэрэ саҕаланар. Улууска уопсайа 14 тыһ. тахса быыбардааччыны хабан барыта 200-тэн тахса чилиэннээх 36 быыбар хамыыһыйата үлэлиэҕэ, ону таһынан биир мандааттаах Бороҕоннооҕу 29-с №-дээх уокурукка өрөспүүбүлүкэ парламеныгар (Ил Түмэҥҥэ) дьокутааттары талыыга хамыыһыйа үлэлиэҕэ.
Бүгүҥҥү сэминээргэ быыбар тэрээһинин бэлэмэ, быыбар хаамыытын, саҥа ирдэбиллэр, сокуоннар тула кэпсэттилэр. Салгыы быыбарга үлэлээччилэр эбии үөрэнэн, ону туоһулуур докумуону тутуохтара.
Сэминээр бэлиэ түгэнинэн 2022 сыл ахсынньы 22 күнүгэр тахсыбыт дьаһалынан өр кэмҥэ улуус быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Петр Бурнашев аата Оҕуруоттаахтааҕы 564 №-дээх быыбардыыр учаастакка иҥэриллибитинэн, кини кэргэнигэр СӨ үтүөлээх үлэһитэ Анна Бурнашеваҕа тыл бэрилиннэ.
Анна Прокопьевна бу быыбардыыр учаастакка кэргэнин уонна урукку сылларга быыбардыыр кэмнэри, бэлиэ түгэннэрин кэпсиир истиэндэни оҥотторбуттарын бэлэх туттарда. Итиэннэ быыбарга үлэлээччилэр ортолоругар кэргэнин бочуоттаах үлэтигэр сыһыаннаах эрдэттэн ыыппыт тургутугун кыттыылаахтарыгар, кыайыылаахтарыгар махтанан мэҥэ суруктары кытта дьиэ кэргэнин аатыттан бэлэхтэри туттарда.
Түмүккэ бэйэтэ эмиэ өр сылларга быыбарга үлэлэһэн кэлбит Анна Бурнашева билиҥҥи кэм быыбардыыр хамыыһыйалар үлэһиттэригэр эрэнэрин этэн, буолаары турар быыбарга өрөспүүбүлүкэ, улуус дьылҕатын быһаарарга тирэх буолар сэминээр кыттыылаахтарын бочуоттаах үлэлэрин сыаналаан, өйдөөн туран, чиэһинэй, сөптөөх үлэни баҕарда.
Мария Аргунова