Копыринскай дьыктааҥҥа Вьетнам Ханой куоратыттан тиийэ кытыннылар

Уус Алданнааҕы кииннэммит библиотека тиһигэ, Өнөр нэһилиэгин дьаһалтата сэтинньи 30 күнүгэр литературовед, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СССРС Наукатын Сибиирдээҕи салаатын академиятын үтүөлээх бэтэрээнэ, филологическай наука кандидата Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Уус Алдан улууһун уонна Өнөр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Николай Захарович Копырин төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан Копыринскай дьыктааны тэрийдэ.

Бу тэрээһин өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бары ааҕабыт» бырайыак чэрчитинэн ыытылынна. Дьыктааҥҥа Саха сирин 19 улууһуттан, Дьокуускай куораттан уонна улууспут 23 бөһүөлэгиттэн, маны таһынан Вьетнам Ханой куоратыттан барыта 555 киһи көхтөөхтүк кытынна. Бастыҥ көрдөрүүнү 14 кыттааччы ситистэ.

Дьыктаан Николай Захарович Копырины кытта алтыспыт дьон биһирэбилин ылла, кинини долгуйа ахтан аһардылар. Ол курдук сахалыы бикипиэдьийэни төрүттээбит Николай Павлов–Халан:

– Биир бастакынан сахалыы бикипиэдьийэни өйөөбүт ытык кырдьаҕас этэ. Саха тылыгар да омукка да туһалаах буолуоҕа, кытаат диэн миэхэ суруйара. Ол саҕана сааһыран дьиэтиттэн тахсыбат этэ, ол эрээри ыраас өйүн тута сылдьара, – диэн суруйар.

Тэрийээччилэр дьыктаан бары кыттыылаахтарыгар махталларын тиэрдэллэр.

Читайте дальше