Бүгүн Оҕо, ыччат улуустааҕы ааҕар киинигэр биир дойдулаахпыт, оҕо суруйааччыта, суруналыыс Иннокентий Ильич Сыроватскай-Дүөндүн Мүрү маҥнайгы нүөмэрдээх орто оскуолатын 4 «в» кылааhын үөрэнээччилэрин кытары көрүстэ.
Үөрэнээччилэр суруйааччы «Бэйэм ааҕарым үчүгэйиэн» диэн кинигэтиттэн «Хаар-хаар барахсан» түhүмэҕин ааҕан иhитиннэрдилэр. Бу кинигэ Аан дойдутааҕы «Белый мир Арктики через призму детской книги» II куонкуруска «Хотугу сир уонна Арктика туhунан уhулуччулаах айымньы » анал ааты 2021 сыллаахха ылбыта.
Оҕолор хоhооннору ааҕан хаары ойуулуур сахалыы тыл арааһын биллилэр, быhаара үөрэннилэр. Маны таhынан Арина Винокурова ырыа кэhиилээх, Аман Протодьяконов, Вика Тимофеева хомуска оонньоон бэлэх ууннулар.
Иннокентий Ильич бастакы хоhоонун 4-с кылааска сылдьан суруйбутун, хоhооннорун, оҕо сааһын, айар үлэтин туhунан кэпсээнин оҕолор сэргээн иhиттилэр. Суруйааччылыын сэhэргэhэн, ыйытыы биэрэн, эппиэт ылан астынан тарҕастылар.
Иннокентий Ильич хас да кинигэ таhын ойуутун-бичигин оҥорон күн сирин көрдөрбүт үтүөлээх. Үөрэнээччилэр суруйааччылыын көрсөн, кэпсэтэн, санаалыын астынан, дууhалыын сырдаан тарҕастылар.
Надежда Гоголева, кылаабынай бибилэтиэкэр