Учуутал уонна Аҕа сүбэһит сылын чэрчитинэн Өнөр нэһилиэгин дьаһалтата уонна “Өнөр” түмсүү Дьокуускай куораттааҕы салаата «Фортуна» банкетнай саалаҕа бэртээхэй тэрээһини ыыттылар. Өнөртөн алта киһилээх дэлэгээссийэҕэ баһылык Николай Лукачевскай, култуура үлэһиттэрэ Ион Лукачевскай, Василий Федоров, оскуолаттан Альбина Громова, Валентина Протопопова, Снежана Лукачевская Дьокуускайга олорор бэтэрээн учууталлары эҕэрдэлээтилэр, махтал тылларын эттилэр.
Бэтэрээн учууталлар, өр сылларга Өнөр орто оскуолатыгар үлэлээбит учууталларын, кэллиэгэлэрин көрсөн дуоһуйа кэпсэттилэр. Нэһилиэк баһылыга үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлээн туран нэһилиэкпит ытык кырдьаҕаһыгар Варвара Ушницкаяҕа 95 сааһын туолбут үбүлүөйүнэн “Өнөр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо” үрдүк бэлиэни, бэтэрээн учууталларга Мария Атласоваҕа, Варвара Новгородоваҕа, Анастасия Копыринаҕа “Өнөр нэһилиэгин үөрэҕириитигэр кылаатын иһин” бэлиэни, 75 сааһын бэлиэтээбит биир дойдулаахпытыгар Семен Черноградскайга уонна быйыл 65 сааһын бэлиэтээбит, нэһилиэк култуурунай олоҕор элбэх сыратын уурбут Екатерина Ушницкаяҕа “Өнөр нэһилиэгин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэни туттарда. Маны тэҥэ быйыл үбүлүөйдээх, актыыбынай биир дойдулаахтарбытыгар Варвара Ушницкаяҕа, Семен Черноградскайга, Анастасия Копыринаҕа, Екатерина Ушницкаяҕа, Сардана Сивцеваҕа, Любовь Любовька эҕэрдэ суруктары туттартаата.
Профком бэрэссэдээтэлэ, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Альбина Громова уонна математика учуутала Валентина Протопопова састааптаах оскуола дэлэгээссийэтэ өр сылларга бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрин, настаабынньык учууталларын Варвара Новгородованы, Эртаида Тарабукинаны, Анастасия Копыринаны, Людмила Лукачевскаяны, Николай Егоровы, Людмила Ан-Чауечины, Петр Атласовы, Дмитрий Сметанины кытта үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрсөн дойдуларыттан сибиэһэй астаах бородуукта набордарын, сэмэй бэлэхтэри туттартаатылар, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр.
Тэрээһини култуура үлэһиттэрэй Ион Лукачевскай уонна Василий Федоров байаан доҕуһуоллаах ырыалара киэргэттэ.
Түмүккэ баһылык Өнөр нэһилиэгин үлэтин инники былааннарын кытта билиһиннэрдэ. Ол курдук суол оҥоһуутун, оскуола-саад тутуллуутун, нэһилиэк тупсаҕай быһыытын, ититии боппуруостарын тула кэпсэтии буолла. Куоракка олорор ытык кырдьаҕаспыт СӨ култууратын туйгуна, Өнөр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Өнөр” түмсүүнү өр сылларга салайбыт Николай Литвинцев нэһилиэк сайдыытыгар этиилэрин, сүбэлэрин эттэ.
“Өнөр” түмсүү салайааччыта Розалия Макарова түмсүү үлэтин туһунан отчуотун, былааннарын, оскуола профкомун бэрэссэдээтэлэ Альбина Громова оскуола сонуннарыттан уонна ситиһиилэриттэн кылгас иһитиннэриитин иһиттибит.
Розалия Макарова, «Өнөр» түмсүү салайааччыта. Дьокуускай