Аҕа дойдуну көмүскээччилэрбитин ичигэс таҥаһынан хааччыйдыбыт

«Тускул» сынньалаҥ киинин  иһинэн тэриллибит «Тускулаана » иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин чилиэннэрэ –  нэһилиэкпит күн күбэй ийэлэрэ, эбэлэрэ Александра Ушницкая, Антонина Дьяконова, Ирина Лыткина, Екатерина Шелковникова, Любовь Борисова, Марфа Охлопкова, о.д.а. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга ис сүрэхтэриттэн сылаас илиилэринэн бигээн тикпит таҥастарын, туттар тэриллэри оҥорон ыытааччылар.

Ийэлэр бу да сырыыга туора турбакка, госпитальга бааһыран сытар саллааттарга анаан бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн сыттык, ис таҥас, ону тэҥэ халлаан тымныйан эрэринэн сибээстээн кээнчэ тигэн биир дойдулаахпытыгар, улуустааҕы психологическай киин салайааччытыгар Саргылана Никитинаҕа туттардылар.

Иистэнньэҥ Далбар хотуттар алҕаан тикпит таҥастара анаммыт сирдэригэр тиийиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Варвара Парникова – Үүйэ. уопсас. кэрэсп.

Читайте дальше