Бороҕон нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, бэтэрээн учуутал Татьяна Габышева айылҕаттан дэгиттэр талааннаах.
Кини 1980 сыллаахха Орехово-Зуеватааҕы пединститут биолого-химическай факультетын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөрэммит оскуолатыгар 1980 сылтан 2010 сылга диэри химия уонна биология учууталынан 30-ча сыл таһаарыылаахтык үлэлээн, 1990, 2004, 1986, 1988 сыллардааҕы выпустары олох киэҥ аартыгар атаарбыта. Кыһамньылаах учуутал сыралаах үлэтэ сыаналанан, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “учууталлар Учууталлара” бэлиэлээх, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, “Уус Алдан улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлэринэн, элбэх бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран ииһинэн, кылынан-сиэлинэн, быысапканан, баайыынан, сувенирнай паннолары оҥоруунан, сувенирнай чайнай ньуосканы мунньуунан дьарыгырар. Татьяна Егоровна оҥорбут уус-уран оҥоһуктара олус кыраһыабайдар, хаачыстыбалаахтар, аккуратнайдар. Кини нэһилиэккэ ыытыллар араас быыстапкаларга көхтөөхтүк кыттар. “Көмүлүөк” Үһүс саас оскуола түмсүүтүгэр сылдьан, араас маастар-кылаастары ыытар. Ол курдук сибэкки-үүнээйи олордуутугар сүбэлэри, оҕуруонан араас киэргэллэри – брошьтары, ожерельелары оҥорууга Үһүс саас оскуола чилиэннэрин үөрэтэр.
Быйыл нэһилиэкпитигэр “Умсулҕан” коллекционердар түмсүүлэрэ ыалдьыттаабыттарыгар коллекционердар быыстапкалара турбута, быыстапкаҕа Татьяна Егоровна сувенирнай ньуоскаларын коллекциятын туруоран дьон сэҥээриитин ылбыта. Россия ийэлэрин күнүгэр анаан джутовай быаттан, мешковина матырыйаалтан оҥорбут саҥа үлэлэрэ А.Р. Халдеева аатынан модельнай библиотекаҕа турда. Кини уус-уран оҥоһуктарын быыстапкатын нэһилиэк ийэлэрэ сэҥээрэ көрөллөр. Уһуйааччыбыт Татьяна Егоровна, уран-талба талааҥҥынан бар дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтии сырыт.
Светлана Прудецкая, библиотекарь, уопсас. кэрэсп. Тумул