Бороҕон нэһилиэгэр Агафья Петухова туһунан кинигэ сүрэхтэннэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр быйыл биллэриллибит Үлэ сылынан нэһилиэкпитигэр араас хайысхалаах үлэ сылынан тэрээһиннэр, быыстапкалар, кинигэ сүрэхтэниилэрэ ыытылыннылар.

Ахсынньы 18 күнүгэр нэһилиэкпитигэр элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ, эйэҕэс эбэтэ Бороҕон нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Агафья Петухова сырдык кэриэһигэр, олоҕун, үлэтин, дьиэ кэргэнин сырдатан доҕотторо, аймахтара, бииргэ төрөөбүттэрэ, оҕолоро, сиэннэрэ истиҥ иһирэх тылынан ахтан-санаан суруйбут кинигэлэрин сүрэхтэниитэ ыытылынна. Кинигэ Дьокуускай куоракка «Дани Алмас» редакцияҕа бэчээттэтэн 30 экземплярынан тахсан биир дойдулаахтарыгар, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананна.

Агафья Егоровна тоҕус оҕолоох Ксения Васильевна, Егор Ананьевич Черкашиннар улахан дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон 1957 сыллаахха төрөөбүтэ. 1964 сыллаахха Тумул орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитэ. Маҥнайгы учуутала Анна Михайловна Свешникова этэ. Үрдүкү кылаастарга Александра Петровна Алексеева, Клавдия Петровна Григорьева кылаас салайааччыларынан үлэлээбиттэрэ. Оскуолатааҕы сыллара олус түргэнник элэҥнээн ааспыттара. Агафья үгүс концерга, субуотунньуктарга, тэрээһиннэргэ олус көхтөөхтүк кыттара. Оскуолатын олус кыһамньылаахтык үөрэнэн бүтэрбитэ.

Оскуола кэнниттэн комсомольскай путевканан Тумул отделениетыгар ыанньыксыттаабыта. Үлэтигэр түргэн, ыраас туттунуулаах эбитин үөлээннээхтэрэ иһирэхтик  ахталлар. Агафья Егоровна биир дойдулааҕар, элбэх оҕолоох Петуховтар уолларыгар Петр Дмитриевичка кэргэн тахсан, биэс оҕоломмуттара. Эдэр ыал сүөһү-ас тутан, оҕуруот олордон сайын аайы “Дьиэрэ” сайылыкка сайылаан, өлгөм үүтү ыыллара, сир астыыллара, илимнииллэрэ. Агафья Егоровна сүрдээх ыалдьытымсах, мэлдьи үөрэ-көтө , итии үүттээх чэйинэн күндүлүүр үтүө үгэстээҕэ, минньигэс, дэлэй астаах, дьаһаллаах хаһаайка этэ.

2008 сыллаахха нэһилиэккэ ыытыллыбыт “Далбар Хотун” күрэҕэр Агафья Егоровна кыайыылаах үрдүк аатын ылбыта.

Нэһилиэкпит уйгу-быйаҥ ыһыахтарыгар, биир дойдулаахпыт, учууталбыт үс көрүҥҥэ спорт маастара Иннокентий Андреевич Халдеев аатынан хапсаҕай өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирыгар хас да төгүл спонсор буолан, ньирэй туруоран олохтоохтору, күрэхтэһээччилэри үөрдүбүтэ, сөхтөрбүтэ.

Агафья Егоровна ыарахантан чаҕыйбат күүстээх санаалааҕа, олоххо тардыһыыта эмиэ олус күүстээх этэ. Ыарахан ыарыыга ыалдьа сылдьан уһаайбатын сэргэхситэн, дьиэтин бүтүннүү саҥардан, гараж, сарай эбии тутуулары ыыттаран оҕолоругар, сиэннэригэр хаалларбыта.

«Агафья Егоровна Петухова» ахтыы кинигэтин бииргэ төрөөбүт балта Зоя Аржакова хомуйан оҥордо. Кинигэ ааптара Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, култуура колледжын «Күн Өркөн-2017 сыл» лауреата, «Гражданскай килбиэн» бочуоттаах бэлиэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай творчествотын сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайкалара, быыбар хамыыһыйатыгар эҥкилэ суох үлэтин иһин Россия бочуоттаах бэлиэтин хаһаайката, Хаҥалас улууһун култууратын бэтэрээнэ, 2021 сылга култуура уонна духуобунас министерствотын иһинэн ыытыллыбыт култуура национальнай бырайыактарын көрүү куонкуруһун кыайыылааҕа,  тыа сирин култууратын туйгун үлэһитэ, Өктөм нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо,  биир дойдулаахпыт, отут кинигэ ааптара, Өктөм нэһилиэгин норуотун тыйаатырын режиссера Зоя Егоровна Аржакова.

Кинигэни ырытыыга нэһилиэкпит аҕа баһылыга Василий Алексеев, бииргэ үөрэммит кылааһын оҕолоруттан СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах ветерана Руслан Дьяконов, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Бороҕон нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Наталья Находкина, бииргэ алтыспыт учуутала РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Раиса Софронова кыттыыны ыллылар, ыкса ыаллара Сардана Стрекаловская,Татьяна Ксенофонтова, бииргэ үлэлээбит үөлээннээҕэ Тимофей Алексеев, сиэн быраата Василий Копырин истиҥ иһирэх ахтыылары оҥордулар.

Үөрүүлээх чааска Василий Петрович, Агафья Егоровна оҕолоругар эҕэрдэ суругу, Уус Алдан спордун кинигэтин библиотекарь Светлана Прудецкая, кинигэ ааптарыгар Зоя Аржаковаҕа олохтоох ааптар Н.А. Аржакова-Иванова “Ситии ситим ситиһии” кинигэтин бэлэхтээтилэр.

Нэһилиэк олохтоохторугар Агафья Егоровна оҕолоро, сиэннэрэ, чугас аймахтара  музыкальнай эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Светлана Прудецкая, библиотекарь, уопсаст. кэрэсп. Тумул

Читайте дальше