Уус Күөлүн «Аргыс» түөлбэтин олохтоохторо пааркаларыгар субуотунньуктаатылар

Көмүс күһүммүт бүтэһик күнэ чаҕыл күнүнэн санаабытын саймаарыччы көтөҕөн, үлэлииргэ-хамсыырга олус тоҕоостоох түгэн түбэспитин туһанан, биһиги, «Аргыс» түөлбэ, олус туһалаахтык атаардыбыт.

Ол курдук пааркабытын баран ыраастаан, тыал сууллартаабыт маһын-отун барытын хомуйан, биир улахан прицеп бөҕү сыбаалкаҕа сүөкээтибит. Бу пааркабытын бэйэбит бүтэйдээн, кырааскалаан, хаппыт маһын эр дьоммут бэйэлэрэ тахсан кэрдэн, штакетниктаан кэлээччи-барааччы бары кэрэхсиир хатыҥ чараҥар, тапталлаахтар тапталга билинэр, ыччат сынньанар сиригэр кубулутар сыаллаах оҥорбуппут.

Сылын аайы көрөн-харайан эгэлгэ мас олордор былааннаахпыт. Эдэр ыччакка кэрэҕэ, ырааска, айылҕаны харыстыырга үөрэнэригэр олук уурабыт.

Анна Винокурова, уопсас. кэрэсп. 

Читайте дальше